Чурапчы улууһугар Кыстык Кугдатааҕы «Мындаҕаайы» сүөһү иитэр ТХПК сүөһүлэрин бруцеллезтан эмтээтилэр, СИА-ҕа бэтэрэнэриийэ Департамена иһитиннэрдэ.
Эрэгийиэннээҕи бэтэрэнэриийэ Департаменын дьаһалынан Чурапчы улууһун Болугуругар «Мындаҕаайы» кээпэрэтиипкэ бруцеллез ыарыытынан хааччахтааһыннар киллэриллибиттэрэ тохтотулунна.
Бэтэринээрдэр муус устарга уонна ыам ыйыгар 30 хонук арыттаах анаалыс ыллылар. Лаборатория чинчийиитин түмүгүнэн, бруцеллез баара бигэргэммэтэ. Онон комплекс «благополучнай» диэн быһаарылынна.
Быраабыланан, 180 хонук өссө да сүөһүлэр кэтэбилгэ сылдьаллар, икки төгүллээн, 90 хонук арыттаан, хааннарыттан серологическай анаалыс ылыахтара.
Харантыын 2022 сыл муус устар 4 күнүгэр биллэриллибитэ. Былааннаах бэрэбиэркэ кэмигэр икки пробаҕа бруцеллез ДНК-та булуллубута.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй
«Сана олох» хаһыат сайтыттан: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/59024