Саха сиригэр Ийэ сылынан Амматааҕы киин библиотека өйөбүлүнэн, чөл олох пропагандиһа, медик идэлээх Сахаайа Чирикова тэрээһининэн “Далбар хотун – чэгиэн олох туһугар” бырайыак күһүҥҥү тэрээһинэ буолан ааста. Кыттааччылар эмтээх оту олордуу, оҕуруот аһын хаһааныы кистэлэҥнэрин биллилэр, олбуорга маһы, элбэх сыллаах үүннэйини үүннэрэргэ үөрэннилэр, сонун ньыманан оҥоһуллубут астары амсайдылар. Ол иһигэр Саха сиригэр сонун аһы – бататы.
-Амма киин библиотеката этиибин өйөөн сылы быһа барар «Далбар Хотун чэгиэн олох туһугар» диэн бырайыагы оҥорон, үһүс, күһүҥҥү көрсүһүүбүт ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Бэйэм дьиэбэр эмтээх от, элбэх сыллаах үүнээйи, мас олордуу туһунан билиэн, истэн баҕалаахтары мунньаммын олус истиҥ кэпсэтии таҕыста. Онуоха бастатан туран убаастыыр киһибитигэр, «Бэйэни чэбдигирдии» программа кураторыгар, биологическай наука кандидатыгар Семенова Варвара Васильевнаҕа махтаныах тустаахпын.
Кэпсэтиини Варвара Васильевна мин уһаайбам холобуругар саҕалаата. Бастаан 6 луункаҕа акациялары олортубут, уһаайба биир өттүгэр эрдэ бэлэмнэммит 2 кирээккэҕэ «Аптекарский огород» диэн эмтээх, өр сыл үүнэр
6 араас оту, (мята полевая, вздутоплодник сибирский, родиола розовая, лабазник дланевидный, бадан толстолистный, шлемник байкальский) Варвара Васильевна кылгастык ханнык ыарыыга тутталларын кэпсии — кэпсии олордон көрдөрдө. Иккис кирээккэҕэ вишня песчаная, подорожник большой, синюха кистистая, адонис сибирский, лук батун, тимьян ползучий ыста. Үһүс, таах буора эрэ көбүтүллүбүтүн кирээккэҕэ буору сааскы ыһыыга хайдах бэлэмнээн оҥорору көрдөрдө. Маны барытын Варвара Васильевна оҥорон бэчээттэппит «Блокнот садовода-огородника» суруннум.
Программа иккис чааһа дьиэ иһигэр олус минньигэс облепихалаах, кучу оттоох, мяталаах уонна мүөттээх чэйи иһииттэн саҕалаатыбыт. Уонна дьэ, хаһан да амсайбатах, минньигэс, аһыы астары амсайыыттан саҕалаатыбыт. Саахара суох сугун барыанньатын, стевия, стевиялаах барыанньаны, тууһаммыт оҕурсуну, крапивалаах тууһу боруобалаатыбыт. Маны таһынан вишнялаах кетчуп, помидор барыанната, соуһа, дьиэтээҕи томатнай паста, нектариннаах оттоох чатни, дьаабылакаттан джем, тумууга туттуллар хреннаах, луктаах, чесноктаах уонна медтаах тума, буспут батат, оливковай арыы, арыылааххатарыллыбыт помидор, хатарыллыбыт эриппэ луук уонна моркуоп, свекольнай квас, килиэп икки көрүҥэ уонна аспытын амсайарга буһарыллыбыт булгур уонна чечевица баара. Дегустация кэмигэр хас биирдии ас хайдах оҥоһуллубутун кэпсээтибит. Варвара Васильевна Дьокуускайтан астаан аҕалбыт уонна мин бэлэмнээбит астарбытын дьоммут сөҕө-махтайа, тото-хана сиэн астыннылар.
Маны тэҥэ Варвара Васильевна батат диэн хортуоппуй курдук дьикти оҕуруот аһа Саха сиригэр саҥа олордуллубутун кэпсээтэ, көрдөрдө уонна буһаран амсатта. Ыалдьыттар батат умнаһын ылан дьиэлэригэр кыһын устата олордон, эһиил сиргэ үүннэрэн боруобалыах буоллулар.
Түмүктээн этэр буоллахха, бу тэрээһин кыттааччыларын курдук дьиэ кэргэттэрин доруобуйаларын туһугар кыһаллар, тэлгэһэлэрин киэргэтэр, оҕуруот олордор ийэлэр баар буоланнар маннык түмсүүлэр кэҥиир, кэккэлэрэ хаҥыыр чинчилээх. Букатын өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах, дириҥ ис хоһоонноох, интириэһинэй, элбэх саҥа информация бэрилиннэ дии саныыбын. Саҥаттан саҥа улуустарга баран, дьону үөрэтэн, кэпсээн, үүнэр көлүөнэбит, кэнчээри ыччаппыт чөл туруктаах, чэгиэн буолалларыгар бастакы олук уурулунна,- диэн тэрийээччи Сахаайа Чирикова сиһилии кэпсиир.