Төхтүр нэһилиэгин биир ытык-мааны ыала, эдэр саастарыттан тыа сирин хара үлэтигэр сылайары билбэккэ үлэлээн-хамнаан кэлбит, 4 оҕону улаатыннарбыт, 55 сыл бииргэ олорор бигэ тирэхтээх, сылаас холумтаннаах Надежда уонна Михаил Капустиннар буолаллар.
Кинилэри дьиэлэригэр тиийэн көрсөн, кэпсэтэн аастым.
— Надежда Дмитриевна, Михаил Семенович, хаһан-хайдах билсэҥҥит олоххут суолун саҕалаабыккытый?
Михаил Семенович:
— Биһиги манна, мин аармыйаттан кэлбитим кэннэ, Надежда Чкаловтан төрдүлээх, почтаҕа үлэлии сылдьар кэмигэр 1965 сыллаахха кулуупка үҥкүүгэ билсибиппит. Ол сахха, бириэмэ атын этэ, сөбүлэһэн, биир сыл доҕордоһон баран саахсаламмыппыт. Икки уол оҕолонон, икки аймахтарбыт кыргыттарын иитэн-улаатыннаран таһаардыбыт. Аҕыс сиэннээхпит, алта хос сиэннээхпит.
— Тугу үлэлээбиккитий?
Надежда Дмитриевна:
— Үйэлээх сааспыт тухары үлэ диэн баран «муннукка ытаабыт дьоммут». Мин дойдубар, Чкаловка, 14 сааспыттан колхуоска сүөһү көрөөһүнүгэр, ыанньыксытынан үлэлээбитим. Аҕам суох, ийэбиниин сарсырдаттан киэһээҥҥэ диэри хотонтон тахсыбат этибит. Оччолорго хамнас диэни ылбаккын, үлэ күнүнэн ааҕыллара. Оҕо оҕо курдук киинэҕэ сылдьаары сэниэ соҕус ыалларга дьиэлэрин сууйан биэрэрим. Ардыгар аһынан-үөлүнэн төлөһөллөрө. Ол курдук икки хараҥаны ыпсаран үлэлии сырыттахпына аҕа саастаах Октябрина Николаевна диэн ыстаарсайбыт «Надя, эһиги иккиэн ийэҕинээн үлэлиигит да харчы диэни харахтаан көрбөккүт, үлэҕит да күнүн сатаан аахсыбаккыт, ийэҕин, балтыларгын иитиэххин наада, Покровскайга убайгар баран үлэлээ-хамнаа» диэн эппитэ. Кини этиитин ылынан Покровскайга аймахтарбар кэлбитим. Онно олорон Өктөмҥө сопхуоска ыанньыксытынан киирбитим. Онтон Төхтүргэ кэлэн быстах кэмҥэ почтаҕа үлэлээбитим. Ол үлэлии сырыттахпына, ыанньыксыппын билэн, хотоҥҥо аны ыллахтара. Соннук үлэлээн-хамнаан, кэлин 20 сыл осеменатордаан кэлтим. Оччолорго сүөһү элбэх, төрүөх да баппата буолара. Кэргэним тутууга үлэлээбитэ. Иккиэн ыарахан ўлэҕэ миккиллибиппит.
Михаил Семенович:
— Мин сопхуоска тутууга киирэн үлэлээбитим, тутуу биригэдьиирэ этим. Улахан тутуулары оччолорго Төхтүр биригээдэтигэр аныыллара: гараас буоллун, оскуола, дьиэ бөҕөнү тутан,
хотон, титиик тутуута, өрөмүөнэ ахсаана суох… Кыһынын мас саһааннааһын, тутуу маһын бэлэмнээһин… Эдэр буоламмыт тоҥору-хатары аахсыбат этибит. Тыраахтар сыарҕатыгар эбиэттиибит, ардыгар тыаҕа балааккаҕа хонобут. Билигин санаатахха, кытаанах усулуобуйаҕа сылдьыбыппыт. Ол тоҥмуппут-хаппыппыт сааһырбыппыт кэннэ биллэрдэ: илиилэрим, атахтарым сүһүөхтэрэ ыалдьаллар, тайахтаах эрэ хаамар буоллум. Сыралаах үлэбит кумааҕынан бэлиэтэнэрэ – грамота, Махтал сурук дэлэй, Коммунистическай үлэ удаарынньыга, Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, Слет кыттыылааҕа. Сынньалаҥҥа тахсан, дьиэбитигэр гаас киирэн билигин дьэ үчүгэй баҕайытык, нус-хас олоробут. Оҕолорбут, сиэннэрбит кэлэн көрсө тураллар.
— Хаһаайыстыбалааххыт дуо билигин?
Надежда Дмитриевна:
— Былырыыҥҥа диэри ынахтарбытын тутан олорбуппут. Элбэх ынаҕы тутан кэлбиппит. Барытын бэйэбит көрөрбүт. Кэнники сылларга 4 ыанар ынахтаах этибит. Кыра уолбут чугастыы олорор буолан сүрүн үлэни барытын кини толорор буоллаҕа. Аҕабыт атаҕынан ыарытыйан, соҕотох бэйэм төһө да хаама сырыттарбын, барытын кыайбат буоллаҕым, аһыйдарбыт да эспиппит. Билигин суохтуубут ээ… 90-с сылларга, Михаил Николаев сайылыктааһыны киллэрэригэр биир бастакынан Хахсыкка сир ылбыппыт, сайылык дьиэтэ туттубуппут. Сайын аайы онно олоробут, оҕуруот ыһабыт. Биир дьыл 300-кэ тиийэ хаппыыста олордон турардаахпын. Билигин уруккум курдук олордубаппын: хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, помидор, кабачок ыһабын.
— Икки тус туһунан майгылаах дьон уһуннук бииргэ олороллоругар туох төрүөт баар эбитий? Эдэр ыалга тугу сүбэлиэ этигитий?
Михаил Семенович:
— Биһиги иккиэн тэҥҥэ сааһырбыппыт дьолбут эбит. Бэйэ бэйэни өйдөһүү, убаастаһыы, хардарыта көмөлөсүһүү наада. Урут гаас киирэ илигинэ оһохпутун маһынан оттобут, ким эрдэ турбут ол оһоҕу оттор, мас-муус киллэриитэ, онно иккиэн эн-мин дэспэккэ, кыыһырсыбакка үлэлиирбит. Хаһан да буоларыныы кыра ар-бур, биллэн турар, тахсар буоллаҕа. Мин 84 сааспар, кэргэним 78-гар сылдьар, бу олорбуппут устата табаах да тарпатахпыт, арыгы да испэтэхпит. Онон, эдэр ыччакка туһаайан этиэм этэ — чөл олоҕу тутуһуҥ. Билигин үлэлээтэххэ үлэ баар.
— Кэпсээҥҥит иһин махтанабын, өссө да этэҥҥэ, уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ!
Ольга ГЕРМОГЕНОВА, газета «Хангалас»: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/74895
***
Капустиннар дьиэ кэргэн 2021 сыл түмүгүнэн Төхтүр нэһилиэгин «Бастыҥтан бастыҥнарын» бэлиэтээһиҥҥэ «Здоровая семья- Здоровая Якутия» номинацияны ылбыттара.