Соторутааҕыта тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн анаммыт Артем Александров улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалталарын уонна өрөспүүбүлүкэ АПК-гар киирэр тэрилтэлэр, улахан хаһаайыстыбалар салайааччыларын кытта көрүстэ.
Саҥа миниистир инники үлэни-хамнаһы торумнуур иһитиннэриитин Ил Дархан Айсиэн Николаев туруорар соруктарыттан саҕалаата.
Олор туох-ханнык иннинэ бэйэ оҥорон таһаарар табаардарын уонна өҥөлөрүн сайыннарыыга туһуламмыт стратегическай Ыйаах барылыгар тыктарыллаллар. Барылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сыһыаннаах үс хайысха баар: бастатан, эт уонна үүт бородууксуйаны оҥорон таһаарыы кээмэйин 2029 сылга диэри 30-туу бырыһыанынан үрдэтии ситиһиллиэхтээх. Ол инниттэн 15-тэн итэҕэһэ суох олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар түөлбэ (территория) тэриллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар баар балыыһалар, оҕо уһуйааннара уонна оскуолалар олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар түөлбэ (территория) тэриллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар баар балыыһалар, оҕо уһуйааннара уонна оскуолалар олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыллыах тустаахтар. Артем Александрович билигин социальнай тэрилтэлэр төһө хааччыллыылаахтарын улуустарынан ырыттара сылдьарын этэн туран, торумнанар үлэ олоххо киллэрилиннэҕинэ, олохтоох бородууксуйаны судаарыстыба атыылаһыыта 25, муниципальнай атыылаһыы 50 бырыһыаҥҥа диэри үрдүөхтэрин иһитиннэрдэ.
Бэйэ аһа-үөлэ дэлэйэрэ сиртэн тутулуктаах. Кэлиҥҥи 5 сылга 15,4 тыһ. гектар иэннээх быраҕыллан сыппыт сир сөргүтүллүбүт. Ол иһиттэн 2022 сылга – 4,42 тыһ. гектара. Ааспыт сыл түмүгүнэн, туһаныллыбакка сытар сир иэнэ 286,4 тыһ. гектар эбэтэр тыа хаһаайыстыбатын сирин бүттүүн иэнин 17,5 %-гар тэҥнэһэр. Быраҕыллыбыт сирдэри туһаҕа таһаарыыны суһалсытан, 2029 сылга диэри 5 тыһ. гектардаах бааһына итиэннэ 12 тыһ. гектардаах ходуһа, мэччирэҥ сирдэрин саҥалыы сөргүтэр, 5 тыһ. гектарга мелиоративнай үлэни ыытар сорук турар.
Иккиһинэн, саҥа биотехнология бородууксуйаларын тас ырыынакка таһаарар туһуттан билим кииннэрин кытта биотехнология бородууксуйатын көрүҥнэрин, ол иһигэр астыыр-үөллүүр салаа уонна бэтэринээрийэ эйгэлэригэр, оҥорон таһаарыы тэриллиэҕэ.
Үсүһүнэн, АПК эйгэтигэр сыыппараҕа киирии күүскэ ыытыллыаҕа. Артем Александров этэринэн, Саха сирэ Арассыыйаҕа киирбитэ 400 сыллаах үбүлүөйүгэр диэри сыыппаралааһыны 90 бырыһыаҥҥа тириэрдэр соруктаахтар.
Ил Дархан быйыл сайын Аартыканы сайыннарыы уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэригэр Аартыка түбэтин тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы көрүгүн (концепциятын) оҥорон киллэрэргэ сорудах биэрэн турар. Көрүк 2035 сылга диэри кэми хабар. Хоту тыа хаһаайыстыбата билигин хайдах туруктааҕый? Аартыка 13 улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2022 сылга 1 млрд 412 мөл. солкуобай, ол иһигэр субвенцията – 957 мөл. солкуобай, тиксэриллибитэ. Ити судаарыстыба бырагырааматын үбүлээһин бүттүүн кээмэйиттэн 10 бырыһыанын ылар. Хотугу улуустар бэйэлэрин бүддьүөттэриттэн тыа хаһаайыстыбатыгар 163 мөл. солкуобайы уктулар, ол 34 улуус уонна 2 куораттааҕы уокурук холбоон биэрбит үптэрин 20 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.
Кэлиҥҥи 10 сылга 13 хотугу улуус өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын бүттүүн бородууксуйатын кээмэйигэр киллэрэр өлүүлэрэ 5,5 бырыһыантан 3,8 бырыһыаҥҥа диэри түспүт, ону харчытыгар таһаардахха, 1 млрд 050 мөл. солкуобай буолар. Онон, хааһынаттан ылалларынааҕар аҕыйаҕы оҥорон таһаараллар.
Хотугу улуустарга ходуһа сир бүттүүн иэниттэн 11 бырыһыана (86 тыһ. гектар) уонна мэччирэҥ 8 бырыһыана (62 тыһ. гектар) баар эрээри, кэлиҥҥи 10 сыл устатыгар оттооһун кээмэйэ 2,5 төгүлтэн ордук кыччаан, 13 тыһ. туонна окко диэри түспүтэ бэлиэтэнэр. Ол ынах сүөһү ахсаана 8,6 тыһ. төбөттөн 4,8 тыһ. төбөҕө, сылгы 20 тыһыынчаттан 15,2 тыһыынчаҕа диэри аҕыйыылларыгар тириэрдибитин миниистир бэлиэтээтэ. Ыйыллар кэмҥэ, арай, таба ахсаана оннунан хаалбыт: 126 тыһ. төбө. Үүт баалабай ыама икки төгүл намтаабыт.
Түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга ылыллыбыт дьаһаллар түмүктэригэр кэлиҥҥи 5 сыл иһигэр дьиэ көтөрүн ахсаана 1,5 тыһыынчаттан 6,5 тыһыынчаҕа, көтөр сымыытын ылыы 269 тыһыынчаттан 714 тыһ. устуукаҕа диэри элбээбит. Ити кэмҥэ сибиинньэ 175 төбөттөн 55-кэ тиийэ көҕүрээбит.
Артем Александров министиэристибэ сүүмэрдиир куонкурустарыгар хотугу улуустартан хаһаайыстыбалар көҕө суох кытталларын сэмэлээтэ. Ол курдук, 2012 – 2018 сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҕалааччы пиэримэрдэргэ 698 грант бэриллибититтэн хотугу улуустар 27-тин (4%) эрэ ылбыттар. Ол эрээри, бырагыраама “Агростартап”-ка уларытыллыбытын кэннэ 151-тэн 15-гэр (10%) тиксибиттэрэ хотулар “уһуктан” эрэллэрин туоһулуур. “Дьиэ кэргэн пиэримэтин сайыннарыы” граныгар кыттыылара эмиэ сэмэй: 2012 – 2023 сылларга 273 грантан 11-гэр (4%) тииһиммиттэр. Өрөспүүбүлүкэ сылгы иитэр хаһаайыстыбалара база тутталларыгар анаан 296 грант көрүллүбүтүттэн хотулар 27-тин (9%) ылбыттар.
Көрүк 4 сыаллаах: 1 – Аартыка түбэтигэр тыа хаһаайыстыбатын салаата бигэтик үүнэрин ситиһии; 2 – түүлээх кыылы бултааһын уонна килиэккэлээх кыылы иитии салааларын харыстаан, салгыы сайыннарыы; 3 – хотугу улуустар олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччынар таһымнарын 30 бырыһыаҥҥа диэри үрдэтии; 4 – хотугу улуустар айылҕаттан туһанан олорор үгэстэрин сайыннаран, таска таһаарар кыамталарын улаатыннарыы.
Саҥа миниистир судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр сорох боломуочуйаларын улуустарга биэрэр туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр санаалааҕын эттэ. “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бүддьүөттэн 30-40 млрд солкуобайы сотору кэминэн көрдөртөрүөм диэн эрэннэрбэппин. Мэхэньииһими уларыттахпытына эрэ тугу эмэ ситиһиэхпит. Экэниэмикэ билиҥҥи усулуобуйатыгар бэриллибит боломуочуйалары толорууга сыһыаны хаттаан көрөр кэм кэллэ. Туһааннаах сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ этиилэрбитин бэлэмнии сылдьабыт”, – диэтэ Артем Александрович.
Бастатан, субвенция үбэ кэлэр (үбүлэнэр) сыл саҕаланыытыгар билгэлэнэр дааннайдарга олоҕуран көрүллүөхтээх. Оччотугар билигин 1-кы бөлөххө киирэр улуустарга ыһыы үлэтигэр, сылгыны, ынах сүөһүнү уонна сибиинньэни иитиигэ кэлиҥҥи 3 сыл көрдөрүүлэригэр тирэҕирэн суоттааһын тохтуоҕа.
Иккиһинэн, олохтоох салайыныы уорганыгар судаарыстыба өйөбүлүн үүккэ эбэтэр төбөҕө ыларын бэйэтэ быһаарар, талар быраабы биэриэххэ. Маны улуус-куорат таһымыгар эрэ буолбакка, нэһилиэк аайы киллэриэххэ сөп.
Үсүһүнэн, көдьүүһү ситиһэргэ биир кэлим көрдөрүү олохтонуохтаах. Оннук түбэлтэҕэ эрэ ким тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн оҥорон таһаарыытын үрдэппитэ ырылхайдык көстүөҕэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ: “Биһиги үлэбит түмүгэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматын олоххо киллэрии көдьүүһүнэн, туох-ханнык иннинэ тус сыаллаах индикатордары толоруунан сыаналарын санатабын”, – диэтэ уонна хас биирдии нэһилиэк, хаһаайыстыба төһө сүөһүлээҕин-астааҕын чуолкайдык, чиэһинэйдик ааҕан, статистика тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлэһэргэ, улуустарга бэриллибит боломуочуйанан тиийэр бүддьүөт үбүн аналынан итиэннэ көдьүүстээхтик туһанар туһугар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга ыҥырда.
Василий Никифоров