Саха ынаҕа аан дойдуга саамай бастыҥ хаачыстыбалаах эт-үүт бородууксуйатын биэрэр. Үүтүн сыата 6-7-8 % буолар, муҥутаан 12% тиийэр. Маннык үрдүк хаачыстыбалаах үүт аан дойдуга ханна да суох. Этэ-сыата омега-3 битэминнээх, олус минньигэс амтаннаах буолар. Бородууксуйатын хаачыстыбатынан саха ынаҕар тэҥнэһиэхтээҕэр, чугаһыыр да атын боруода сүөһү суох. Маннык көмүстээҕэр да күндү сыаналаах кылааты уктан олороммут сатаан өйдөөбөккө, сатаан туһаммакка олоробут. Ол биричиинэтэ биир. Биир төбөттөн хайдах да буоллун, саамай элбэх үүтү ыахха диэн өйдөбүлтэн буолар.
Холобур, маннык. 4000 лиитирэ үүтү биэрэр ынах, 2000 л үүтү биэрэр ынахтааҕар икки төгүл элбэҕи аһыыра чуолкай. Физика сокуонун албыннаабаккын. 2000 л үүтү биэрэр икки ынахтан холбоон 4000 л үүтү ылабын. Аһылыктарын ороскуота тэҥнэр. Биир ынах биир төрүөҕү – биир идэһэни биэрэр. Икки ынах икки төрүөҕү – икки идэһэни, биэрэр. Биир идэһэ дуу, икки идэһэ дуу хайата барыстааҕый? Үчүгэйдик ырыҥалаан ааҕан-суоттаан көрдөххө, итинник түмүк тахсан кэлэр. Ити сүөһү бородууксуйатын себестоимостан аахтахха итинник буолар. Ханнык баҕарар бородууксуйа бэйэҕэ турар сыанатынан ааҕыллыахтаах. Оччого эрэ сөптөөх сыана бэриллэр, биир төбөттөн буолбатах. Биир төбөттөн диэн сыыһа өйдөбүлтэн сылтаан саха ынаҕын олох орто дойдуттан эһэн суох гына сыстыбыт. Ону, хата, Эбээн-Бытантай улууһа баар буолан, саха ынаҕын тыыннаах хааллардылар. Саха омугу улахан сааттан-сууттан быыһаатылар. Ол иһин бу улууска, дьоруойдуу үлэлээн саха ынаҕын тыыннаах хаалларбыттарын иһин, Хотугу сулус (Полярная звезда) уордьаны наҕараада биэрэр саамай сөптөөх. Дьон, норуот үлэтэ бэлиэтэниэхтээх. Саха ынаҕа туспа ураты сыаналаах боруода буоларын быһыытынан, кини бородууксуйатыгар регион иһигэр туспа стандарт оҥоруохпутун наада (как особо ценная редкая порода) диэммит. Саха ынаҕын регионтан таһаарар сатаммат. Ол оннугар саха атыыр оҕустарын соҕуруу ыытан атын боруодалары тупсарыахха сөптөөх. Биһи тымныы айылҕаҕа олоробут, ол иһин элбэх калорийдаах үүтү, сүөгэйи, арыыны, сыалаах эти сиэхтээхпит. 600 кг ыйааһыннаах боруода ынах ороскуота уонна 300 кг ыйааһыннаах 2 саха ынаҕын ороскуоттара тэҥнэр. Логика итинник кэпсиир, ону туох диигитий?
Саха ынаҕа кыһын таһырдьа тахсан аһыан чээччийиэн наада. Инньэ гымматаҕына кэхтиэ, төннүө, атын боруодалартан туох да атына суох буолуо. Ол иһин киниэхэ маннык хотон наада. Хотон ойоҕоһугар биир ынах батан тахсар ааннардаах. Холобур, алта ынах биир аанынан таһырдьа килиэккэ күрүөҕэ тахсан кэлэллэр. Онно күнүс сиир отторо ууруллан бэлэм турар. Оттон ууну хотоҥҥо иһирдьэ уулууллара сөптөөх. Маннык буоллаҕына эрэ урукку хатарыытын (закалка) ыһыктыа суоҕа. Салгыы манна ким туох санаалааҕын бэйэҕит суруйуҥ, кэпсээҥ.
Михаил ТИМОФЕЕВ, Дьокуускай.
Мичил ЯКОВЛЕВ хаартыскаҕа түһэриитэ
«Сунтаар сонуннара» хаһыат сайтыгар 6.09.2023 г. : http://xn--80aaaa5dcaagtfcekni.xn--p1ai/saha-yna5a-aan-dojduga-saamaj-bastyn-boruoda/