Бүлүү улууһун дьаһалтатын тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев быйылгы уустук кыстык түмүктэрин, ынах сүөһүнү тутар бары көрүҥнээх хаһаайыстыбаларга туох-ханнык көмө оҥоһуллубутун, быйылгы былааннары, үүт харчытыгар улуустан көмөнү билиһиннэрэр:
— Быйылгы, хайа да сыллааҕар уустук кыстыгы, сүөһү ахсаанын аҕыйаппакка тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин биллэр-көстөр өйөбүлүнэн этэҥҥэ туораатыбыт, сүөһүлэрбитин күөххэ үктэннэрдибит диэххэ сөп.
Билэргит курдук, былырыын сайын уһун ардахтартан ходуһаларбыт ууга бараннар оппут былаанын 70 % эрэ толорбуппут, хас да нэһилиэккэ отторун былаанын аҥарын да кыайбатахтара.
Кыстыкпытыгар тиийбэт, соппоҥ буолбут мөлтөх хаачыстыбалаах оттоох киирэн уустуктары көрсөн барбыппыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ элбэх көмөнү оҥорбутун тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ.
Бүлүү улууһугар кыстыгы этэҥҥэ туоруурга министиэристибэ барыта 62, 4 мөл. солк. көрбүтэ, итинтэн оту уонна сенаһы тиэйиигэ 35,3 мөл. солк. туттуллубута, сүөһү аһылыгын атыылаһыыга 27 мөл. солк. аһардыллыбыта. Бүлүү улууһа оту тиэйиигэ 649 тыһ. солк. көрбүтүн эммиэ бэлиэтиэххэ сөп.
Улуус хаһаайыстыбалара отторун Дьокуускай таһыттан, Нам, Хаҥалас улуустарыттан тоннатын 8-10 тыһ. солк. атыыласпыттара, 1023 т окко 30 % субсидия көрүллүбүтэ. Улуус хаһаайыстыбаларыгар 3410 т от, 439 т бурдук фураһа, 890 т комбикорм, 272 т гранула от, 6 т битэмииннээх булкаһык тиэрдиллибитэ.
Улуус үлэһит дьонун ааттарыттан Ил Дархан Айсен Николаев уустук кыстыкпытын туоруурга болҕомто уурбутугар, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр элбэх көмөнү оҥорбутугар улахан махталларын тиэрдэбит. Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга нэһилиэктэр баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрин, тыа хаһаайыстыбатын департаменын үлэһиттэрин элбэх сыралаах үлэлэрин бэлиэтиэм этэ. Хас биирдии сүөһү иитээччи хаартатыгар көмө харчы кэмигэр түһэн отторун ылалларыгар департамент бухгалтериятын, испэсэлиистэрин элбэх түбүктээх үлэлэрин махтанан туран бэлиэтиибин.
Ыам ыйын 22 күнүн туругунан бары көрүҥнээх хаһаайыстыбаларга 12422 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 4428 ыанар ынаҕы туталлар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 2500 ньирэй төрөөтө, былырыыҥҥыга тэҥнээн көрдөххө быйылгы көрдөрүү 348 төбөнөн аҕыйах.
Кыстык устата 94 ынах сүөһү көнньүнэн өллө, ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга – 30.
Бүгүҥҥү күҥҥэ улууска 7913 сылгыны туталлар, итинтэн биэтэ – 4991 төбө. Кыстык устата 25 сылгы туһата суох өлүүтэ таҕыста, ол иһигэр бөрөлөр 12 сылгыны тартылар.
Быйылгы сыллааҕы былааннары билиһиннэрдэххэ, 89 га бааһынаҕа бурдук, 1189 гектарга сүөһү аһылыга буолар култууралар ыһыллыахтаахтар. От, эбиэс сиэмэтэ 100 %, барыта 122 т тиэрдилиннэ. 169 га бааһынаҕа хортуоппуй, 29 гектарга оҕуруот аһа ыһыллыахтаах.
Быйыл биһиги улууспутугар 26800 т от, 1300 т сиилэс уонна 400 т сенаж бэлэмнэниэхтээх. Быйыл хаһаайыстыбалар окко хойутаабакка киирэллэрин ситиһиэхтээхпит, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар бэлэмнэрин ирдиибит.
«Сүөһү аһылыгын дэлэтии» бырагырааманан 21,4 мөл. солк көрүлүннэ, итинтэн улуус 10 мөл. солк. бэйэтин бүддьүөтүттэн көрдө. Ити суумаҕа 18 тиэхиньикэ ылыллыахтаах, от харайар тутуу тутуллуохтаах, 8 км күрүө оҥоһуллуохтаах, 114 т сүөһү аһылыгын култуураларын сиэмэтин атыылаһыыга толуйуу оҥоһуллуохтаах.
Быйыл улууска «Сыа Бүлүү», «Мастаах-Агро» уонна «Уйгу» астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэр үүтү тутуохтара. Үүтү атылаһыы былаана 4547 т тэҥнэһэр, ол иһигэр 4000 т субсидиялаах, 547 т субсидията суох үүтү тутар былааннаахпыт. 2023 сылга 53 тэрээһиннээх хаһаайыстыба, ол иһигэр 8 оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэр, 39 бааһынай хаһаайыстыбалар, 6 тыа хаһаайыстыбатын урбаанньыттара үүтү туттарыахтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ 162,9 мөл. солк. субсидия харчыта түстэ, ити үүт харчытын 68 % тэҥнэһэр.
Быйыл улуустан 547 т үүтү тутарга 6,7 мөл. солк. көрүлүннэ, ол эбэтэр биирдии киилэ үүккэ 12 солк көрүлүннэ.
«Сыа Бүлүү» кэпэрэтиип үүтү тутар сыанатын 10 солк быспыт буоллаҕына, улуус харчытын холбоон барыта 24 солк. тутар. «Мастаах-Агро» үүтү 15 солк тутар сыананы олохтоон, биир киилэ үүтү 27 солк тутар, онтон «Уйгу» кэпэрэтиип үүтү астааһыҥҥа саҥа технологиялары киллэрэр буолан үүтү тутар сыанатын үрдэппэтэ — 10 солк. тутарга сыана быһан, барыта 22 солк. тутар. Ыам ыйын 17 күнүн туругунан 634 т үтт тутулунна.
Ыам ыйын 23 күнүн туругунан нэһилиэнньэҕэ 2017 куурусса аҕалан атыыланна, өссө 300 төбөнү аҕалтарыахтаахпыт.
Түмүктээн эттэхпинэ, быйылгы уустук кыстыгы этэҥҥэ аһардарга бары туруулаһан үлэлээбиппит түмүктээх буолла.
Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга элбэх сүөһүлээх оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэр, улахан бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылара, үлэһиттэрэ күнү-түүнү аахсыбакка туох баар сатабылларын, кыһамньыларын ууран туран үлэлээбиттэрин, элбэх үлэни көрсүбүттэрин, күчүмэҕэйдээх кыстыгы улахан сүтүгэ суох этэҥҥэ туораабыттарын хайҕаан, улаханнык махтанан бэлиэтиэхэ сөп.
Николай Куприянов
«Олох суола» хаһыат сайтыгар: https://олохсуола.рф/article/98337