Антонина Соломова Абый улууһугар арбуһу бастакынан үүннэрбит оҕуруотчут.
Кини 1993 сылтан арбуз үүннэрэр. Арбуз үүннэрбитэ быйыл номнуо 30 сыла буолбут. Кэнники сылларга тыква үүннэрэр. Былырыын аҕыйах киилэлээх тыквалары ылбыт буоллаҕына, быйыл 3,5-4 киилэллэх тыквалардаах. Бу туһунан Антонина маннык кэпсиир: «Быйыл үүннэрбит суордум «Конфетка» диэн. Муус устар ый саҕаланыыта 105 хонуктаах сиэмэни ыспытым. Биир уктан 4-5 ас ыллым. Мин тыкваттан барыанньа оноробун. 3 киилэ тыкваҕа киилэҕэ тиийбэт сахары сироп оҥорон кутабын. Апельсины эбэтэр мандарины хахтыын баҕастыын блендердээн амтанын тупсарабын. Лимону да эбиэххэ сөп. Тыква доруобуйаҕа олус туһалаах ас. Организмы ыраастыыр элбэх иҥэмтиэлээх битэмииннээх. Семечкатын хатаран сиибин».
Вера Слепцова клубниканы сыл ахсын олордор. Соҕуруу дойду отоно мааны остуолу сылы быһа киэргэтэр, минньигэс сиэннэргэ күүтүүлээх кэһии буолар.
Оҕуруоту көрүү — олус элбэх бириэмэни эрэ буолбакка, күүһү-күдэҕи, сыраны-сылбаны ылар, олус уустук, түбүктээх үлэ. Абый дьоно үксэ оҕуруоттаахтар, сибэккинэн симэммит тупсаҕай тэлгэһэлээхтэр. Маннык тупсаҕайдык, дэлэйдик олорорбут туһугар дьаһалтабыт (баһылык Тимофей Томскай) олус өйүүр, көмөлөһөр. Сайыннары дэлэй уунан хааччыллан олоробут, хас сыл ахсын перегной, буор тастаран дьону абырыыр.
Анна Чиркова суруйуута.
«Хотугу Кыым» хаһыат сайтыгар: http://xn--c1aogfugbl4da.xn--p1ai/bastyn-o5uruotchuttar/