Ааспыт өрөбүллэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар хаардаан дьону ыксата сырытта. Тугу барытын быраҕан туран үгүстэр оҕуруоттарын дьаһайарга туруннулар.
Өктөм нэһилиэгэр фермер Розалия Петрова 12 гектардаах сиригэр балаҕан ыйын 9 күнүгэр хортуоппуйун хомуурун саҕалаата. Төһө да күммүт тымныы, тыаллаах, кэлэ-кэлэ ардах ибиирдэ турдар, хортуоппуйу дьаһайыахха наада буолла. Таарыччы этэр буоллахха, быйыл сөбүгэр ардахтаах сайын буолан үүнүү үчүгэй. Үлэлии кэлбит дьон күргүөмнээхтик көрүөххэ астык «Розара» уонна «РедСкарлетт» суортаах хортуоппуйу үөрэ-көтө хомуйаллар. Бөп-бөдөҥ буолан куул түргэнник туолара үчүгэйин! Манна үлэлии кэлбит дьоҥҥо хамнаска 13-с куулларын биэрэллэр. Күнү быһа сырыттахха кыстыкка тиийэр аскын буолаҕын.
Нэһилиэк өссө биир бөдөҥ хаһаайыстыбатын салайааччыта Петр Жуков бу өрөбүллэргэ хортуоппуйун хомуурун эмиэ саҕалаата, 20 гектаардаах сиргэ олордон өлгөм үүнүүнү ылла. Манна араас нэһилиэктэртэн кэлэн үлэлэһэн, көмөлөһөн бараллар. Санатан этэр буоллахха, Петр Жуков 11-с куулу хамнас суотугар биэрэр. Ааспыт өрөбүллэргэ 40-чэ киһи көмөлөстө. Өктөм хаһаайыстыбаларыгар кэлэн көмө буоларгытыгар ыҥырабыт. Хортуоппуй хостоноро өссө да элбэх, аҕыйах хонугунан Петр Жуков уонна Розалия Петрова куоракка ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар дьаар-баҥкаларыгар кыттыахтара.
Татьяна ВЛАДИМИРОВА.
Газета «Хаҥалас» («Хангалас») 15.09.23 13:35