Муус устар 4 күнүгэр «Дьөһөгөй» сылгынан дьарыктанар б/х баһылыга, Чурапчы улууһун бааһынайдарын Ассоциациятын салайааччыта С.В.Сивцев, кини ойоҕо- үлэһитэ, 9 оҕо ийэтэ, улууспут чиэһин «Далбар хотун» күрэххэ көмүскээри сылдьар Я.И.Сивцева, олору тэҥэ биллэр фермердэр Мындаҕаайыттан М.К.Луковцева, Хадаартан Л.Н.Ноева, Чакыртан И.В.Ануфриев уонна мин Хаҥалас улууһугар тиийэн бэрт сонун тэрээһиннэргэ сылдьан,көрбөтөхпүтүн көрөн,олус астынан,сөҕөн- махтайан кэллибит. Бастаан…
М.Е.Николаев Киинигэр сырыттыбыт.
11 чааска Хаҥалас Өктөмүн Чапаевыгар тутуллубут маҥнайгы президеммит баараҕай музей-Киинигэр тиийэн «Тыа сирэ-сайдыы киинэ» диэн Хаҥалас фермердэрин туһунан бэртээхэй кинигэ сүрэхтэниитигэр сырыттыбыт. Манна олохтоохтору таһынан ыалдьыт быһыытынан Кэбээйи, Бүлүү, Ньурба, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Чурапчы, Дьокуускай к. биллэр фермердэрэ, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Ырытыыга Хаҥалас улууһун баһылыга О.В.Иринеев, СӨ бааһынайдарын, кэпэрэтииптэрин Ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ З.Р.Бочкарева кыттан санааларын эппиттэрэ, бастыҥ үлэһиттэри, кинигэни оҥорбуттары эҕэрдэлээбиттэрэ, наҕараада туттарбыттара сүрэхтэнии суолтатын быдан үрдэттэ.
Онтон бу көрсүһүүнү сүнньүн тэрийбит киһинэн Хаҥалас бааһынайдарын Ассоциациятын салайааччыта, быйыл Арассыыйа оройуоннарын Ассоциацияларын 10 бастыҥ салайааччыларын ахсааннарыгар киирбит Р.Р.Петрова диэн бэрт сэргэх дьахтар эбит. Ити ситиһиитинэн Розалия Романовнаны элбэх киһи истиҥник эҕэрдэлээтилэр, махтал суруктары, тыыннаах сибэкклэри туттардылар.
Онтон кинигэ сүрүн ааптарынан Николай Филиппович Трофимов диэн 10- тан тахса кинигэни таһааттарбыт уоппуттаах киһи эбит.
Кинигэ А-4 форматынан, 223 сирэйдээх, 500 ахсаанынан, халыҥ тастаах, хаачыстыбалаах кумааҕыга бэчээттэммит, биирдии нэһилиэктэринэн бастыҥ бааһынайдары сырдаппыт, чахчы киһи астынар, киэн туттар үлэтэ буолбут.
Кинигэни ырытыыга элбэх киһи, олор истэригэр мин, санааларбытын тиэртибит.
Аны бу дьаһал кэмигэр Хаҥалас улууһун баһылыга 41 эрэ саастаах, 1-гы Малдьаҕар (Улахан Аан) төрүт олохтооҕо, 5-с кылаастан көлө-илии звенотугар оттоһон, оробуочайдаан, нэһилиэгэр баһылыктаан, былыргынан улуус кулубатыгар тиийэ үүммүт О.В.Иринеевы кытта кэккэлэһэ олорон, түгэни мүччү туппакка, улуус туһунан ыйыталаһан хааллым. Онно биллэххэ Хаҥалас улууһугар 18 нэһилиэгинэн 34 тыһ. киһи олорор үһү. Олортон улуустарын киинэ Покровскай куоракка, биһиги Чурапчыбыт сэлиэнньэтин саҕа, 12 тыһ. киһи олохсуйбут. Олег Валериевич т/х-н сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурар эбит. Ол курдук т/х-н сайдыытыгар быйылгы бүддьүөттэн 50(!) мөл.солк. үбү көрдөрбүт. Ол түмүгэр, ити сүрэхтэммит кинигэттэн биллэххэ, кыра хамсааһын тахсыах курдук буолбут. Ол курдук Хаҥалас улууһа 1990 с. 25,4 тыһ. ынах сүөһүтүттэн 2020 с.-9,2 тыһ.эрэ хаалбыт. Онтон 2022 с. 300 төбөнөн эбиллибит. Ити курдук 2020 сылтан т/х-н үгүс көрдөрүүлэрэ улаатыыга барбыттар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кэннэки сылларга т/х-н көрдөрүүлэрин итинник улаатыннарбыт улуус баара биллибэт. Ол иһин эдэр баһылыкка ситиһиилэри баҕаран бэйэм санааларбын эттим, сибээстэһиэх буоллубут. Кинигэ сүрэхтэниитин кэнниттэн дьоһун эбиэт кэмигэр санаа атастаһыыта салҕанна. Ол кэнниттэн Николаев музей-Киинин көрдөрдүлэр. Боруоста — оһуобай! Ол туһунан киһи төһө баҕарар суруйуон сөбө даҕаны хаһыакка миэстэ тиийбэтинэн тохтуум.
Салгыы…
ТОЙОН АРЫЫГА — М.ПАВЛОВКА!
Өктөмтөн 3 чаас саҕана бүтэн, кэлии дьон 6 кыра массыыналарынан Дьокуускайтан 140 биэрэстэлээх Хаҥалас 1-гы Мальдьаҕар нэһилиэгин киинэ, тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх Улахан Ааҥҥа аттанныбыт. Сүрүн сыалбыт-саҥардыы аатыран эрэр М.Павлов б/х үлэтин билсии! Улахан Ааҥҥа чугаһаан иһэн, уҥа туораан, кини Хаастаах диэн сиргэ 3 үлэһиттээх 159 субан сүөһү турар бэртээхэй хотонун көрөн аастыбыт. Бу сиргэ кини сайылыга баар уонна саҥа арыы сыаҕа тутулла сылдьар.
Улахан Аан-Өлүөнэ эбэни өҥөйөн, хайа үрдүгэр, айылҕа барахсан анаан айбыт кэрэ сиригэр турар, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырар «Бөртө»сылгы собуотунан уонна бэйэтин кэмигэр, ордук ыччат кутун туппут Айыы Уола ырыаһыт барахсан аатынан биллэр. Аны, мантан инньэ, биһиги көрсө баран иһэр М.В.Павлов аатынан эбии биллэрэ буолуо. Тоҕо? Ону салгыы аахтаххытына билиэххит.
Кини сүөһүтэ кыстыыр сүрүн базата, дэриэбинэни утары кэриэтэ сытар, Өлүөнэ эбэ биир киэҥ-куоҥ, быйаҥнаах «Тойон Арыы» диэн өрүс арыыта эбит. Михаил Васильевич биһигини онно көрүстэ уонна бары кини базатын, хотоннорун көрө тарҕастыбыт. Мин бу хаһаайыстыбаҕа 12-с сылын биригэдьииринэн үлэлии сылдьар Марианна Семенованы хонноҕун анныттан тута сылдьан кэрийдим, туоһуластым. Онно биллэххэ, күн бүгүн саҥа ньирэйдэри аахтахха, 1640 төбө ынах сүөһү иитиллэн турар үһү. Итинтэн кыстыыра 1500-кэ, онтон ынаҕа 500-кэ эбит. Онно 200 сылгыларын эбэн кэбиһиҥ!
Бу сиргэ уопсайа 10-ча араас улахан эбийиэк тутуллубут. Олор истэригэр биир 2 эрээттээх сахалыы хотонун уһуна кырата 150(!) м баар быһылаах. Санаан көрүҥ. 150 м усталаах хотону!
3 хас 6-лыы эрээттээх саҥа матырыйаалынан туппут дыбарыас курдук хотоннордоох. Субан сүөһүлэрэ, ыанардара, ньирэйдэрэ бары тус-туспа хотоннорго тураллар. Биир хотон аҥарыгар, хаһан баҕарар туттарга бэлэм, анал уотууга турар, бөскөйө уойбут сүөһүлээхтэр. Ый аайы 15-тии төбө курдугу өлөрөн атыыга таһаараллар үһү.
Хотонноро бары ыраастара, сырдыктара, ичигэстэрэ сүрдээх. Ханан даҕаны иҥнэйбит истиэнэ, хотойбут муоста, уу-хаар быччайбыта көстүбэт. Сүөһүлэрэ ыраастара, туруктара үчүгэй бөҕөлөр. Ынахтара симменталь, холмогор боруодалар, улахан бөҕөлөр. Ортотунан сылга 2400 киилэни ыыллар үһү. Былырыын 1200 т. үүтү бэйэлэрэ астаан-үөллээн батарбыттар. Билигин 300 ньирэйдэммиттэр. Күҥҥэ 3т 3ц үүтү ыан туттараллар эбит. Билигин итиччэ үүтү күҥҥэ туттарар улуус да аҕыйах буолуо. Ньирэйдэрин тута арааран туспа хотоҥҥо ЗЦМ-н аһаталлар. Туруктара үчүгэй бөҕөлөр.
Сайынын хаҥас биэрэккэ 3-4 сиринэн сайылыыллар эбит. Олорго эмиэ тутуу бөҕөнү ыыппыттар. Барыта, ортотунан, 70 үлэһиттээх үһү. Олору барыларын хамнастаан, дьиэнэн-уотунан босхо хааччыйан, этинэн-аһынан көмөлөһөн, үгүстэригэр соцпакеттарын төлөөн үлэлэтэр эбит. Биллэн турар, устугас, быстах үлэлээччилэр баар буолуохтара. Михаил бэйэтэ ортону үрдүнэн саар -тэгил уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, этэргэ дылы, аҕыйахта саҥарар, элбэҕи үлэлиир, 61 саастаах саха саарына эбит.
Кулун тутар бүтүүтэ мин 85 сааспын туолуубар Чурапчыга кэлэ сырыттаҕына уонна бу сырыыга быстах-остох ыйыталаһан уонна ити үөһээ ахтыллыбыт кинигэттэн ааҕан биллэххэ кини төрүт Улахан Аан олохтооҕо эбит. Кыра сырыттаҕына төрөппүттэрэ эрдэ олохтон баран, тулаайах хаалан, аймахтарыгар иитиллэн оскуоланы бүтэрбит. Аармыйа кэнниттэн т/х-н техникумун бүтэрэн агроном идэтин ылбыт. Улахан Ааҥҥа хонуу-сүөһү биригэдьииринэн үлэлээбит, кэлин сопхуоска экэнэмиистээн да ылбыт. Олор барылара бүгүҥҥү улуу ситиһиилэригэр олук буолбуттара эрэбил. 1991 с. «Көмүөл» диэн б/х тэриммит. Кэлин ИП буолбут. Ол быыһыгар хотоно умайан туга да суох хаала сылдьыбыт.
Ол бэйэтэ күн бүгүн ити 1500-кэ ынах, 200 сылгы сүөһүлээх, 15 араас маарка тыраахтардаах, холбонор тиэхиникэ бөҕөлөөх, хас да массыыналаах, 300 гектар ыһыы бааһыналаах хаһаайыстыбаҕа кубулуйбут! Доҕоттоор!
Бу барыта 2 инженер үөрэҕин бүтэрбит, олортон биирдэрэ алмааска, биирдэстэрэ бэйэлэригэр үлэлиир уол оҕолордоох, биир саха ыалын баайа! Былыргы Чоочо баай диэн сымыйа!
Маннык элбэх сүөһүлээх, сылгылаах, баайдаах бааһынай (фермер) Саха сирэ буолуохтааҕар чугас эргининэн суоҕа чахчы! Букатын киһи өйө-санаата тиийбэт уһулуччулаах көрдөрүү!
Кини Хаҥалас эрэ улууһа буолбакка, бүтүн Саха сирэ, Уһук илин региона киэн туттуута, «былаах» оҥостор, Арассыйа үлэтин Дьоруойа да буолбута ырааппыт киһитэ буолуон сөп этэ. Кини аҕыйах сыллааҕыта Арассыыйа үтүөлээх фермера, Саха сирин т/х-н үтүөлээх үлэһитэ, олохтоох нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буолбут. Улуус Бочуоттааҕа буолуон «көрдөрүүтэ» тиийбэтэх буолуон сөп. Атын уордьан мэтээл мэлигир, кыраамата да ахсааннаах быһылаах. Кини туһунан биир да хаһыат суруйбута, араадьыйа, тэлэбиисэр кэпсээбитэ иһиллибэт.
Ону бэйэҕит сыаналаан. Арба, Михаил Васильевич ТХМ- тан 2 төгүл граннарга тиксэ сылдьыбыт. Онон ити үлүгэр элбэх хотоннорун, сайылыктарын, араас тутууларын үксүн бэйэтин үбүнэн, хаһаайыстыбаннай ньыманан туппут, тиэхиникэлэрин атыыласпыт.
Михаил Өксөкүлээх «Кэччэгэй баайын» курдук булбутун эрэ муннун анныгар муспат улахан патриот, уопсастыбаннай өйдөөх-санаалаах киһи эбит. Ол курдук нэһилиэгин, улууһун араас дьаһалларыгар спосордыыр үһү. Ол холобурунан
ити сүрэхтэммит «Тыа сирэ-сайдыы киинэ» диэн кинигэ тахсыытыгар
300 (!) тыһ. солк. биэрбит. Биһиги элбэх киһи остолобуойга киэһээҥҥи аһылыкпытын харчытын бэйэтэ төлөөтө.
М и н төрүт өйүм тиийбэт! Хайдах итинник сүнкэн ситиһиигэ тиийиэххэ сөбүн!
Биир тылынан мээнэ киһи тэҥнэспэт улуу ситиһии! Сахалар бары маннык Улуу үлэһиттээхпитинэн,кыахтаах киһилээхпитинэн киэҥ туттуохтаахпыт, инники анньыахтаахпыт!
Оо! Абакка! М.В.Павлов үлэтин саатар нэдиэлэ сылдьыһан, иҥэн-тоҥон суруйар, уопутун тарҕатар киһи көстөрө буоллар!
Түмүгэр, мин Михаил Васиьевичка чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр бары үтүөнү, өссө улахан ситиһиилэри ис сүрэхпиттэн баҕарабын.
Ону тэҥэ бу бэртээхэй дьаһалы тэрийбит Хаҥалас дьонугар,салалтатыгар эмиэ махтал бастыҥа буоллун
Ол кэннэ бу суруйуубун киэҥник тарҕатаргытыгар, киһи КӨҤҮЛҮ ыллаҕына, ХАҺААЙЫН буоллаҕына хайдахтааах курдук кыайыыларга тиийиэн илэ холобурун үгүс киһи билэрин,киэн туттарын туһугар.
👍👍👍
Уйбаан Пономарев.
«Саҥа олох» хаһыакка.
Чурапчы.
2023 с. муус устар 6 к. уһулбут видеоларым: