Дьон күһүөрү оҕурсуну сааскы курдук ахтан туран сиэбэт итиэннэ сиппит оҕурсу элбэх буолар. Оҕурсуттан икра оҥороллорун, оннооҕор ыһаарылыылларын билэҕит дуо? Сыраҕыт халтай хаалбатын туһугар дьоҥҥутун оҕурсуулаах араас бүлүүдэлэри астаан күндүлээҥ.
Оҕурсууттан икра
Туох ирдэнэр: оҕурсу – 1 киилэ, помидор – 500 кыраам, минньигэс биэрэс – 500 кыраам, туус – 1,5 кыра ньуоска, саахар – 3 ост. ньуоска, мас арыыта – 2 ост. ньуоска, чеснок – 1 устуука (головка), 9 % уксус – 1 ост. ньуоска, аһыы биэрэс – ким хайдах сөбүлүүрүнэн.
Хайдах бэлэмниибит: Оҕурсуну, помидору, минньигэс биэрэһи барытын мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Барытын иһиккэ кутан баран сүмэһинэ аҕыйыар диэри буһарабыт. Салгыы туус, саахар, мас арыыта эбэн баран өссө 30 мүн. курдук кыра уокка оргутабыт. Буһара икки-үс мүнүүтэ хаалбытын кэннэ чеснок, аһыы биэрэс, уксус кутан баран булкуйабыт. Итиилии оргуйбут бааҥкаларга кутан сойуор диэри умса уурабыт, таҥаһынан бүрүйэбит. Бүттэ. Оҕурсууттан биир бүлүүдэ бэлэм!
Оҕурсуулаах бөрүөк
Туох ирдэнэр: туустаах оҕурсу – 300 кыраам, бурдук – 400 кыраам, мас арыыта – 3 ост. ньуоска, сылаас үүт — 250 мл., доруоһа – 1 кыра ньуоска, саахар – 2 ост. ньуоска, туус – 1 кыра ньуоска (тиэстэҕэ); төгүрүктүү бустук сымыыт – 5 устуука, туустаах оҕурсу – 300 кыраам, сибиэһэй күөх луук – биир кыра тутум, хара сыттаах биэрэс – кыратык (начыыҥкатыгар).
Хайдах бэлэмниибит: сылаас үүттээх иһиккэ ыйыллыбыт састаабы барытын кутан булкуйан баран сымнаҕас тиэстэ мэһийэн көтөҕүлүннэрэ уурабыт.
Бу кэмҥэ оҕурсуну, сымыыты, луугу түөрт муннуктуу бысталаан баран тума эбэбит, сэрэнэн кичэйэн булкуйабыт.
Тиэстэбит тахсыбыт кэннэ икки чааска араарабыт, төгүрүк быһыылаах гына тэнитэлиибит, ортотугар оҕурсуулаах састааппытын кутабыт уонна үрдүнэн иккис тиэстэнэн бүрүйэн баран кытыыларын салгын тахсыбат гына ыга бүөлүүбүт, үрдүн үс сиринэн биилкэнэн дьөлө анньабыт, чаас аҥаара курдук туруора түһэн баран 120 кыраадыс итии духуопкаҕа буһарабыт.
Ыһаарыламмыт оҕурсу
Туох ирдэнэр: оҕурсу – орто кээмэйдээх үс устуука, сымыыт – 3 устуука, туус – кыратык, оҕуруот аһыгар аналлаах тума – кыратык, кэпиир – 1 ыстакаан, бурдук – 1 ыстакаан, разрыхлитель эбэтэр суода – кыра ньуоска төбөтүгэр.
Хайдах бэлэмниибит: сууллубут орто кээмэйдээх оҕурсулары төрдүлэрин, төбөлөрүн ылан быраҕабыт, хахтыыбыт уонна саамай кыра тиистээх теркаҕа теркалыыбыт (уулаах хааһы курдук буолуохтаах). Сымыыт уоһахтарын, кэпиири оҕурсуга кутан кичэйэн булкуйабыт. Оҕурсуулаах иһиппитигэр бурдугу, разрыхлители кыралаан кута-кута мисеринэн булкуйабыт. Туспа иһиккэ сымыыт үрүҥэр туус кутан баран миксеринэн үллүөр, маҥхайыар диэри эрийтэрэбит. Үллүбүт сымыыты тиэстэҕэ кутан сэрэнэн булкуйабыт (хойуутун сүтэрбэтин курдук). Итии хобордооҕу кыра арыынан умньаан баран алаадьы курдук кутан, хаппахтаан икки өттүттэн буһарабыт.
«Саха Сирэ» хаһыат сайтыгар: https://sakha-sire.ru/ogursuuttan-sonun-bylyydeler/