Саха сирин пиэрмэрдэригэр быйыл ыам ыйа ордук эппиэтинэстээх буолла. “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” уонна “Агростартап” федеральнайдааҕы бырагыраамалар бэрээдэктэригэр олоҕуран, куонкурустар буоллулар. Туһааннааҕынан 13 (уопсайа 41 сайаапка) уонна 18 (158) кыайыылаах ааттанна. Ким граны ылыан сөптөөҕүн быһаарар хамыыһыйа үлэтэ уустук соҕус буолбута чахчы. Сыаналааһыҥҥа ордук болҕомто туохха ууруллубутун уонна кэлэр сылларга кыттааччы хайдах бэлэмнэниэхтээҕин СӨ бааһынай-пиэрмэрскэй хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрин Ассоциацияларын толорооччу дириэктэрэ, тыа сирин дьахталларын лидера, хамыыһыйа чилиэнэ Зарема Бочкарева кэпсээтэ.

Урукку өттүгэр туһааннаах агрокуонкурустар хойутуу буолаллара. Былырыын олох даҕаны күһүн ыытыллыбыта. Онон хаһаайыстыбаларын туругун бөҕөргөтүүгэ судаарыстыба өйөбүлүн бырагырааматыгар кыттыан баҕалаахтар быйыл сып-сап хомунан, холобур “Агростартапка” кыайбыттар бэс ыйын 1 күнүгэр дуогабардарын түһэрсэн, субсидиялара счеттарыгар харчылара түһүтэлээн эрэр. Холобур Мэҥэ Хаҥалас Харатыттан грантист Альбина Дмитриева МТЗ-82, хомуостаах кунг уонна оту пресстиир атыыласта.

Альбина кэргэнэ Альберт техниканы ыла сылдьар. «Кэтэх хаһаайыстыба туппуппут биэс сыл буолла. Бу куонкуруска кэргэним Альбина кыттан, кыайан, ИП буолла. 5 мөл солк суумалаах бизнес-былаан көмүскээбитэ. Хаһаайыстыбабыт дэриэбинэттэн 8 км сиргэ баар. Дьиэ кэргэммитигэр улахан өйөбүл ыллыбыт, өссө күүскэ үлэлиэхпит диэн санаалаахпыт», — диэн Альберт санаатын эттэ.

«Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ-2022»
Быйыл “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” бырагыраама гранын элбэх дохуоттаах, 100-тэн тахса ынахтаах, сиппит-хоппут, отчуоттара толору көстөр, сирдэрин-уоттарын, баайдарын-дуолларын докумуоннаппыт, атахтарыгар турбут уруккуттан үлэлии сылдьар бааһынайдар ыллылар. Бырагыраама Бэрээдэгэ оннук. Баар хаһаайыстыба салгыы сайдан, тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дэлэтиигэ күүһү тутуу, үлэ миэстэтин элбэтии, элбэх дохуоту аахсыы.
Баал ааҕыытыгар хамсыыр уонна хамсаабат баайдарын-дуолларын көрдөрүү баар. Хамсаабакка сир, хотон, ыскылаат киирэллэр. Ол “Росреестрынан” докумуоннаммыт буолуохтаахтар, ол эбэтэр – “выписка из ЕГРН”. Хамсыыр баайга сүөһү уонна тыраахтар киирэр. Техникалара улууска баар “Технадзор” тэрилтэҕэ регистрацияланар. Маннык бэлэмнэммит дьон элбэх баалы ылла.
Мин саамай хомойбутум диэн, орто саастаах, зоотехник, осеменатор  үөрэхтээх, эрдэ “Саҕалааччы пиэрмэр” эбэтэр “Агростартап” куонкурустары ааһан, үчүгэйдик үлэлии олорор орто баайыылаах бааһынайдар куонкурсу ааспатахтара буолар. Дьиҥэр, баҕа бөҕөлөөхтөр, 30 — 50-тан тахса төбөлөөх ыанар ынахтаахтар. Арай докумуоннара итэҕэс, дохуоттара кыра.
Эһиил уонна да кэлэр сылларга элбэх харчы көрүллэригэр туруорсан, тыа сиригэр үлэлии-хамсыы сылдьар орто бааһынайдарбыт кыайаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Хаҥалас улууһун Хоточчутуттан грантист Радомир Варламов оҕолоро эмиэ хаһаайыстыбаҕа көмө дьон. Быйыл индюк иитэ сылдьаллар

«Агростартап-2022″

“Агростартапка” бааһынай буолуон баҕалаах кэтэх хаһаайыстыба уонна куонкурус буолар сылыгар бааһынай буолбуттар кытталлар.

Быйыл көрүллүбүт харчы кыра. 59 мөл солк. Манна 158 киһи сайаапка биэрдэ. Баҕалаах наһаа элбэх, биир миэстэҕэ 8-9 киһи. Урукку өттүгэр 3-4 буолааччы. Онон хамыыһыйа үлэтигэр уустук буолла.

Эмиэ күүскэ бэлэмнэммиттэр бааллар. “Агростартаптарга” Бэрээдэк арыый сымнаҕас. Холобур, баайдарын-дуолларын “Хаһаайыстыбаннай кинигэлэриттэн” докумуоннатан тиксэрэллэр. Ити эрээри  манна ирдэниллэр түөрт “раздел” көстөр эрэ буоллаҕына, сөптөөҕүнэн ааҕыллар. Ол аата ыспыраапканан эрэ муҥурданыллыбат.

Аны туран, техникаларын эмиэ хаһаайыстыбыннай кинигэлэригэр киллэрэн көрдөрүөхтээхтэр. Барытыгар докумуоннаах буолуохтаах.

Сирдэрэ бэйэ бас билиитигэр баара ордук. Манна улахан баал суруллар. Иккиһинэн, кыттааччы баайын-дуолун докумуоннаһыыта – кини эппиэтинэһин, чахчы бааһынайдыырга бэлэмин көрдөрөр дии саныыбын. Оттон “сир биэриэх буолбуттара”, “оҥоһулла сылдьар” эҥин диэннэр бэрээдэккэ сөп түбэспэттэр, итини суоҕунан ааҕыллар.

«Зарема Романовна сүбэлэрэ»

Агрокуонкурустарга кыайбыттар күүскэ үлэлиэхтээхтэр, биэс сылга ылыммыт былааннарын 10-нуу — 5-тии% үрдэтиигэ сыалларын толоруохтаахтар.

Бааһынай хаһаайыстыба сайдыытын 5 түһүмэҕэ:

  • Хаһаайыстыба кыылын-сүөлүн аһа (кормовая база). Оттуур сирэ, бааһыната, мэччирэҥэ төһөнөн элбэх да, ол аата пиэрмэр сүөһүтүн, сылгытын аһын тэрийбитэ көстөр. Маны сэргэ сайылыктааҕа өссө үчүгэй. Оччоҕуна түөрт ыйга сыллааҕы үүтүн былаанын 60-70% ыан ылыахтаах.
  • Племенной үлэ. Ол эбэтэр, холобур саҥа саҕалааччы да буоллун, атаҕар турбут бааһынай буоллун, бэйэтэ сатаабат буоллаҕына, дэриэбинэтигэр бу хайысха баар буоларын туруорсуохтаах. Иккиһинэн, атыылаһар сүөһүтэ, сылгыта племенной хаһаайыстыбаттан ылыллар буоллаҕына – улахан баал турар.
  • Граннары биэриигэ федеральнайдааҕы бырагыраамалар саамай сүрүн ирдэбиллэрэ – үлэ миэстэтин таһаарыы. Хаһаайыстыбатын үчүгэйдик тэриммит бааһынай үчүгэй үлэһиттээх буолар. Ол эбэтэр үлэлиир усулуобуйа тэрийии, сөптөөх хамнас төлөөһүнэ.
  • Оҥорон таһаарбыт аһын-үөлүн батарыы. Ол аата кини улууһугар кыһыннары-сайыннары үүт аһы астыыр кээпэрэтиипкэ үүтүн туттарар дуогабардаах буолуохтаах. Оччоҕуна хамыыһыйа бу киһини “сбытын” кытары быһаарбыт диэн толкуйдуур.
  • Бизнес-былааҥҥа инновация баар буолуохтаах.

Куонкуруска эһиил кыттыан баҕалаахтар билиҥҥиттэн бэлэмнэнэргит ордук. Быйыл кыттыбыттар, ити эрээри ааспатахтар, ханна туох сыыһалардааххытын өссө биирдэ көрөн, ырытан көрүҥ, докумуоннаргытын дьаһаныҥ, сааһыланыҥ.

Нэһилиэккит дьаһалтатыгар тиийэн “Мин бааһынай буолуохпун баҕарабын” диэн, сиргитин-уоккутун быһаартарыыттан саҕалааҥ. Курстарга үөрэниҥ, элбэҕи билэргэ дьулуһуҥ. Биһиги сүбэни-аманы биэрэргэ куруук бэлэммит. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар эмиэ консультаннар бааллар.

Ааптар: Полина Николаева

СӨ ТХМ сайтыттан https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3319169

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *