Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка ас-үөл маҕаһыыннарыгар үүттэн оҥоһуллубут олохтоох бэйэ астара биллэ аҕыйаабыттар, ынах арыыта суох. Үксэ өрөспүүбүлүкэбит тас өттүттэн аҕалыллыбыт бородууксуйалар уруккутун курдук өссө элбээбиттэр. Ол аата үппүт-харчыбыт атын эрэгийиэннэргэ бара турар.
Биһиги улууспутугар биллэринэн Мохсоҕоллоохтооҕу үүт собуота, «Хаҥалас-Ас» ТХПК (дириэктэр Валентин Иванов) тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыттан биир саамай улаханнарынан буолар. Бу кыһалҕаны иһиттэн билээри анаан-минээн Валентин Ивановиһы көрүстүм.
— Биһиги үлэбитигэр, “Тыа сирин олохтооҕо – үүт аһылыгы оҥорон таһаарааччы – тыа сирин олохтооҕо” диэн быстыспат ситим, быһаччы хардарыта сыһыан олус улахан суолталаах. Хас биирдии, кэтэх хаһаайыстыбалаах тыа сирин ыала дьаныардаахтык үлэлээн, оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтэн, үгүөрү дохуоту ыларга үлэлэһэр, биһиги онно сүрүннээччилэринэн буолабыт. Быйыл 2021 сылтан саҥа мэхэньиисим киирэн, кэтэх сүөһүлээх дьоҥҥо биир ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солкуобайы биэрбиттэрэ уонна үүттэрин 10 солк саҕалаан туттарыахтаахтара. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биир лиитэрэ үүккэ 35 солкуобайтан 50 солк. дылы көмөнү уонна үүт аһы оҥорон таһаарааччы 10 солк (онтон да эбии үбү тэрилтэ бэйэтин кыаҕыттан көрөн ) эбии төлүүр. Ааспыт сылга улууспут бары нэһилиэктэригэр сылдьан сырдатар-өйдөтөр үлэни ыыппыппыт, ол түмүгэр 47 саҥа тэрээһиннээх бааһынай хаһаайыстыба эбиллибитэ. Биһиги кэтэх ыаллар дохуоттара кыччаабатын туһугар туттарар үүттэрин атыылаһан ылар сыанабытын улаатыннарбыппыт. Ол курдук, соҕуруу нэһилиэктэргэ ынах арыытын оҥорор сыахтаах сирдэргэ үүтү лиитэрэтин 15 солк., онтон бу чугас эргин Эркээни хочотун олохтоохторугар сайыҥҥы ыйдарга 17 солк., кыһыҥҥы ыйдарга 22 солкуобайынан быспыппыт. Ол гынан баран, бу саҥа мэхэньиисим киириэҕиттэн кэтэх ыаллар үүттэрин бэрт ахсааннаахтара туттардылар, ол түмүгэр үүт туттарыытын көрдөрүүтэ икки төгүл түстэ. «Хаҥалас-Ас» ТХПК оҥорон таһаарар бородууксуйата кыччаата, аҕыйаата.
Быйыл оҥорон таһаарар кыамтабытыгар хойут бэс ыйын ортотугар таҕыстыбыт, урукку сылларга ыам ыйын ортотуттан үүт элбээн кыахпытын ылар буоларбыт. Ити буксуйуу, тэрилтэбит экэниэмикэтигэр үбүгэр-аһыгар күүскэ оҕуста. Сайыҥҥы кэмҥэ Мохсоҕоллоохтооҕу ү үт собуоппут үлэтэ этэҥҥэ, арыы сыахтардаах нэhилиэктэрбитигэр кэтэх сүөһүлээх дьон үүтүн олох аҕыйаҕы туттаран оҥорон таһаарар арыыбыт оҥоруута лаппа кыччаата, күн бүгүн хаһааспыт суох. Тэҥнээн көрөр буоллахха, былырыын баччаҕа 17 туонна ынах арыыта баара, билигин киилэ да арыы суох. Эhиилги сылга биhиги кээпэрэтииппитигэр 3-4 арыы сыаҕа сабыллар кутталлаах тураллар. Биллэрин курдук, баччаларга дьон-сэргэ кыһыҥҥы хаһаастарыгар ынах арыытын атыылаһар буолаллара. Тэрилтэбит оҥорон таһаарар бородууксуйатын тупсарарыгар, сайдарыгар анаан араас тэриллэри, оборудованиелары граннарга, тосхоллорго киирсэммит ылбыппыт. Ол быһыытынан матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базабыт тупсубута, кыаҕырбыта. Билигин чуолаан үүт аҕыйаҕыттан таҥнары түһүү буолла. Кэтээн көрдөххө биhиэхэ эрэ буолбакка, киин улуустарга уонна илин-эҥэр улуустарыгар эмиэ биһиги курдук балаһыанньа уустук, -диэн салайааччы Валентин Иванов кыһалҕатын үллэһиннэ.
Ааспыт сылларга диэри Покровскайга ынах ииттэн, үүт ыан олорбут дьонтон биирдэстэрин уопсастыбаннай кэрэспэдьиэни, Саха араадьыйатын солбуллубат истээччитин, санаатын этээччитин, туруорсааччытын Ермолай Скрябины көрүстүм.
— Тыа сирин олохтооҕо оҥорор аһа-үөлэ хайдах курдук доруобуйаҕа туһалааҕын этэн-тыынан кэллибит. Оҥоһуллар бородууксуйа 70% эттэн-үүттэн киирэр. Кэтэх сүөһүлээхтэр 2021 сылга ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ.солк ыллылар, ити үчүгэй. 21 лиитэрэ үүттэн 1 кг арыы тахсар. Үүт сыанатын үрдэттэххэ эрэ кэтэх ыаллар туттарыахтара. Тоҕо диэтэххэ, тыа сирин олохтооҕун көлөһүнэ тиллиэн наада. Мин судаарыстыба быспыт сыанатыттан икки бүк үрдэтэн атыылыырым, дьон бэйэ үүтүн хамаҕатык атыылаһаллара. Үүт себестоимоһын хайдах сатаан ааҕан таһаарбаттара буолла?! Дьиҥнээхтик тоҕус көлөһүннэрин тоҕон үлэлиир, эти-үүтү оҥорон таһаарар, оҕуруот аһын, бурдугу, хортуоппуйу үүннэрэр тыа дьоно буолаллар. Тыа эрэ киһитэ ырыынакка утары уунардаах, онтон куорат дьоно-сэргэтэ бүддьүөккэ олорор, көмөлтө үлэҕэ сылдьар дьон буоллахтара, — диир кырдьыгы, баары эрэ өрө тута сылдьар Ермолай Скрябин.
Быйылгы сылга саҥа ирдэбил киирэн үүккэ былаан туолуутугар, бэйэ бородууксуйатын оҥорууга, харчы эргииригэр улахан охсуулаах буолбут. Үп-харчы сахабыт сиригэр хааларын туһугар, тыа сирин олохтоох аһы-үөлү оҥорооччуга кэтэх сүөһүлээх дьоҥҥо үүт туттарыллар сыанатын биллэ үрдэттэҕинэ эрэ, үүт аһылык дэлэйиэҕэ, ынахпыт арыыта баар буолуоҕа.
2018 сыл ахсынньы 18 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев, «Саха өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» Ыйааҕа тахсыбыта. Бу Ыйааҕы маннык тэтиминэн бардахпытына, олохтоох бэйэ аһын оҥорон таһаарааччы тэрилтэлэр, хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн, үүтүнэн уонна үүттэн оҥоһуллар аһылыктарынан 2024 сылга диэри Сахабыт сирин олохтоохторун 61% хааччыйыахтаах соруктарын хайдах толороллор?
Уйбаан Уйгуурап
2021 с. алтынньы 20 к. «Хаҥалас» хаһыат