Чурапчыттан Уйбаан Пономарев суруйуутун 4 түһүмэҕэ.
Ил Түмэн депутата П.П.Пинигиҥҥэ сүбэһит буоллум
Олунньу 13 күнүгэр Чурапчыга СӨ бырабыыталыстыбатын маҥнайгы солб. Дь.А.Борисов салайааччылаах бөлөҕө түмүктүүр оччуота буолбута. Бөлөххө үөһээттэн 10-тан тахса араас салаалартан бэрэстэбиитэллэр бааллара. Олор истэригэр биһиги улуустан депутаттар П.П.Пинигин уонна Д.Н.Поисеев. Мунньах иннигэр Павел Павлович миэхэ бэйэтигэр общественнай сүбэһит оҥосторун туһунан кыра да буоллар халыҥ тастаах,хаартыскалаах, бэчээт бөҕөлөөх удостоверение туттарда. Заалга мустубут 200-кэ киһи
ытыс таһыныы бөҕө буоллулар, элбэх киһи илиибин тутан эҕэрдэлээтилэр. Онтон эгди буоллум,сүөм үрдээтим. Онон араас мунньахтарга сылдьар, дьонтон интервью ылар бырааптанным быһылаах.
Дьиҥэр Павел Павлович күһүн алтынньыга:-Миэхэ сүбэһит буолуон дуо?-диэн көрдөспүтэ. Ону бу 85 саастаах оҕонньортон тугу туһанаары диэтэрбин даҕаны, испэр үөрүүнэн сөбүлэспитим.
Онтукам бүрүкүрээтийэтэ баһаам эбит. Букатын партияҕа киирэрдээҕэр уустук анкетаны толорор эбиккин. Бэйэн хаһан,ханна төрөөбүтүн, омуккун, үөрэххин, хайа омук тылларын билэргин, ханнык туох дуоһунаска үлэлээбиккин, хайа омук сирдэригэр сылдьбыккын ыйарын таһынан, төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин кимнээхтэрин, кинилэр эмиэ тас дойдуларга сылдьыбыттарын дуу, суоҕун дуу туһунан эрэдьиэстээн толорор эбиккин. Икки 3-2 см хаартыска ирдэнэрэ булгуччулаах эбит.
Онтон бу күннэргэ ханан даҕаны бырабыыталыстыба нэһилиэнньэҕэ оччуоттара бүтэн, былырыыҥҥы уонна иннинээҕи 5 сыл түмүктэрэ биллэн, кэлэр сыл бүддьүөтэ бигэргэнэн, инники соруктарбыт чопчуланан, дьэ, олор тустарынан санааны суруйарга, этэргэ тоҕоостоох кэм үүннэ.
Ол иһин мин өрөспүүбүлүкэ сүрүн «Саха сирэ»хаһыатыгар » Төрөөбүт тылбыт,үгэстэрбит туһунан анаарыылар» диэн ыстатыйалар түһүмэхтэрин саҕалаатым. 4 ыстатыйам бэчээттэнэн куйаар ситиминэн тарҕаттым. Өссө хаһы даҕаны суруйар санаалаахпын.
Онтон сүрүн суруйар тыа/хаһ-н туһунан тиэмэҕэ бу «Сахалар төрүт дьарыкпыт тоҕо эстэр кутталланна» диэн уопсай төбөлөөх санааларым тиһиктэрин суруйарга сананным. Туох баарынан, кырдьыгынан, хайдах саныырбынан. Ол иһин бу суруйууларбын хайа да хаһыат таһаарбата чахчы. Бириэмэтэ оннук. Ол иһин куйаар ситиминэн тарҕатабын. Иккис өттүттэн бу санааларым депутат П.Пинигиҥҥэ уопсастыбаннай сүбэһит буолбут эбээһинэспин толоруу быһыытынан ааҕынабын.
Онуоха Павел Павлович Ил Түмэҥҥэ тыа/х-тын кэмииссийэтин чилиэнэ буолбута үөрдэр. Тоҕо диэтэххэ кини киэҥник биллэр, улахан аптарырытыаттаах киһи дьыала ис хоһоонун дириҥник биллэҕинэ күүскэ туруорсуо, тылын ылыннарыа диэн эрэнэрбиттэн санаам күүһүрэр.
Аны..
Тоҕо төрүт дьарыкпыт эстэр кутталланна диибиний?
Биир муударай этии баар. Ханнык да омугу эһиэххин баҕарар буоллаххына аан бастаан кини төрүт тылын уонна төрүт дьарыгын эс, суох оҥор
диэн. Саамай сөптөөх этии. Тыла суох -омук суох. Билигин биһиэхэ сахабыт тыла эстибэтин, сайдарын туһугар элбэх үлэ барар. Ол эрээри тыа сирин уһук учаастактарыгар тиийэ кыра оҕолорбут нууччалыы тылланан барыылара уонна глоболизация содулугар тыа дьоно куораттарга көһүүлэрэ аһара элбээбитинэн сахабыт тылыгар кырата суох куттал суоһаабыта сымыйа буолбатах. Ол туһунан ити «Саха сирэ» хаһыакка суруйа сылдьабын.
Онтон биһиги сахалар төрүт дьарыкпыт ынах-сылгы сүөһүнү иитии буолара биллэр. Ааспыт үйэ 30-тус сылларын, колхуостааһын саҕаланыытыгар барыта 496 тыһ. төбө саха боруода сүөһүтэ иитиллэрэ диэн сыыппара баар. Оччолорго саха ахсаана 200 тыһ. кыра тахса этэ. Ол аата эһээхий оҕолору кытта аахтахха биир дууһаҕа 2,3 сүөһү тиксэрэ. Онтон сопхуостар ыһыллыыларын саҕана 438 тыһ.ынах сүөһүлээх этибит. Онтон быйылгы тохсунньуга 158,8 тыһ. хороҕор муостаах хаалла диэн буолла. Ол аата барыта 280(!) төбө 64 %-на көҕүрээбит.
Онтон 2018 с. 188,8 тыһ.ынах сүөһү баара. Ол аата 5 сыл устата 30(!) тыһ.сүөһү көҕүрээбит. Ити көҕүрээһини 2021-2022 с.с. сут дьыллар охсуулара диэх курдук этиилэр бааллара. Онтон былырыын 2023 с.ханан даҕаны үтүө сайын тосхойон, сүөһү аһылыга бөҕө бэлэмнэммитэ. Онтукайбыт ханна баарый? Былырыыҥҥыттан быйыл ынах сүөһүбүт ахсаана 12 (!) тыһ. төбөнөн аҕыйаата. Өтөтөрүнэн буолбатах таҥнары түһүү! Бу үлүгэрдээх өҥ дьылга биир орто улуус сүөһүтэ имири эһиннэ. Сылгыбыт ахсаана эмиэ аҕыйаабыт. Сибиинньэ туһунан этэ да барыллыбат. Букатын аччаабыт. Уопсайынан тыа/х-тын бары кэриэтэ көрдөрүүлэрэ таҥнары түстүлэр. Аҥардас сүрүн бородууксуйабыт- үүт соҕотуопката 3 сыллааҕыта 80 тыһ.т. 62 тыһ. диэри түһэн 28(!) %-н таҥнары барда. Сүрдээх түһүү буолбатах дуо!
Маннык тиэмпэнэн бардахпытына, туох да омуна суох, төрүт дьарыкпыт-сүөһү иитиитэ өссө кэхтэр, эстэр турукка тиийэрэ мөккүөрэ суох. Сорохтор, олор истэригэр салалта сорох дьоно, сүөһү эһиннэҕинэ даҕаны хоргуйан барыахпыт суоҕа, кэлии «дьааттаах» ас дэлэй дииллэрэ буолуо. Олох төттөрү,сыыһа өйдөбүл. Төрүт дьарыкпыт мөлтөөтөҕүнэ, эһиннэҕинэ кырыы учаастактар, дэриэбинэлэр, нэһилиэктэр уһуйааннара, оскуолалара сабыллан сыыйа эстэн, сир-дойду курааннахсыйан барара чуолкай. Онуоха нууччалыы «свято место пусто не бывает» дэнэринии кэлии дьоннор ол сирдэргэ олохсуйан, сыыйа баһылаан барыахтара суоҕа дуо? Оччотугар үксүбүт киин сирдэргэ көстөхпүтүнэ сахабыт тыла, төрүт үгэстэрбит мөлтөөн барыа суохтара дуо? Таарыччы наар кэлии, саарбах аһы аһаан доруобуйабытыгар оҕустарыахпыт, сыыйа мөлтөөн, эстэн барыахпыт суоҕа дуо?
КҮНДҮ САХАМ СИРИН ДЬОНО!
Тыа сирин, онтон сиэттэрэн тыа х-тын, төрүт дьарыкпыт сүөһү-сылгы иитиитин сайдыыта кыра оҕотуттан саҕалаан барыбытыгар сыһыаннааҕынан барыгытын бу кыһалҕа тула киэн кэпсэтиигэ ыҥырабын. Ол иһин бу суруйууларбын киэҥник тарҕатан бэйэҕит санааҕытын суруйаргытыгар, этэргитигэр көрдөһөбүн. Кэлэр сырыыга бу үлүгэрдээх таҥнары түһүү төрүөттэригэр ( биричиинэлэригэр) тохтуоҕум.
Кулун тутар 10 к.
САХАЛАР ТӨРҮТ ДЬАРЫКПЫТ ТОҔО ЭСТЭР КУТТАЛЛАННА-2.
Таҥнары түһүү сүрүн төрүөттэрэ.
Ааспыт сырыыга биһиги саха омугу үйэлэргэ тыыннаах өллөйдөөн аҕалбыт төрүт дьарыкпыт- ынах сүөһү иитиитэ олус мөлтөөн, эстэр кутталламмытын туһунан суруйбутум. Бу- омуннааһын буолбатах. Өйдөтөн эттэххэ сопхуостар ыһыллыыларын саҕана барыта 438 тыһ.ынах сүөһү баара. Билигин 158 тыһ. хаалан 280 тыһ.төбөнөн аҕыйаата. Итинтэн кэннэки 5 сылга — 30 төһ.төбө.
Ити көҕүрээһини 2021-2022 сыллардаах кураан сыллар содуллара диэхтэрин сөп. Онтон ааспыт сайын ханан даҕаны өтөрүнэн кэлбэтэх үтүө сайын буолбута. От, сиилэс. сенаас бөҕө бэлэмнэниллибитэ. Ол туоһутунан бу күннэргэ бассаабынан Суотту утары өрүс арыытыгар 300 рулон оту босхо биэрэбит диэн биллэрии хаста да тахсыбыта буолар. Ону үрдүнэн быйылгы сылга киириигэ ынах сүөһүбүт 12 (!) тыһ. төбөнөн таҥнары түспүт. Киһи дьиксинэр сыыппарата! Өтөрүнэн маннык түһүү суоҕа. Доҕоттоор! Халлаантан сиргэ түһүөххэ! Олоҕу илэ көрүөххэ! Кырдьыгынан кэпсэтиэххэ. Сахалар төрүт дьарыкпытыгар-сүөһү иитиитигэр дьиксиниилээх балаһыанньа үөскээбитин билиниэххэ. Маннык тэтиминэн бардахпытына төрүт да эстибэтэр сүөһүбүт ахсаана, ол аата олохтоох аспыт-үөлбүт лаппа аҕыйыыра туох да мөккүөрэ суох. Оччотугар төрүт тылбыт, үгэстэрбит мөлтөөн, кырыы сирдэр кураанахсыйан бараллара чахчы.
Били, «тыала суохха мас хамсаабат» дэнэринии ханнык баҕарар дьайыы, тахсыы-түһүү төрүөтэ, биричиинэтэ суох оҥоһуллубат. Онтон биһиэхэ, куруук суруйарым, этэрим курдук, тыа хаһ-н бу үлүгэрдээх таҥнары түһүүтүн сүрүн төрүөтэ 3 суолга сытар диибин.
Маҥнайгыта
Үбүлээһин кыратыгар, таҥнары түһэн иһиитэ.
Иккиһэ
Көрүллүбүт үбү көдьүүһэ суох туттуу.
Үсүһэ.
Хаһаайыннааһын көрүҥүн сыыһа талыы.
Итилэртэн бүгүн кылгастык тыа хаһ-р…
Төһө үп көрүллэн кэллэ?
Төһө да өйдөөҕүмсүйдэрбит,куолулаатарбыт ханнык баҕарар үлэ, сайдыы-кэхтии сүнньэ үбүлээһинтэн тутулуктааҕын, ол аата харчы-хамнас быһаарарын ким барыта билэр.
Биллэрин курдук, Сойууспут ыһылларын кытары тыа хаһ-н киинтэн үбүлээһин букатын кэриэтэ тохтообута. Бу иннигэр сопхуостар 1 солк. оҥорбут бородууксуйаларын иһин 4 (!) солк. көмө ылаллара. Ол уурайарын кытары сопхуостар хайдах да оннунан хаалар кыахтара суоҕа.
Эмискэ ыһыллыы, олох укулаатын тосту уларыйыыта бары эйгэҕэ аһара улахан охсуулаах буолбутун аҕа саастаахтар өйдүүгүт. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар маҕаһыыннар кураанахсыйан, аһыыр-таҥнар татымсыйан, үлэһиттэр хамнастара хастыы эмэ ыйынан кэлбэт буолбута. Онуоха тыа сирин үүт харчыта абыраабыта. Ынахтаах ыал бары кэриэтэ үүт туттараллара. Харчыта син бириэмэтигэр кэлэн иһэрэ. Үүт соҕотуопкатын былаана улахана. Ол туолбакка, көрүллүбүт үп сорҕото хаалар кутталланан, кыралаан эбии суруйуу (припискэ) да суох буолбатах этэ.
Тыа хаһ-н сайдыытыгар улахан суолтаны биэрбит салайааччынан президент Штыров В.А. этэ. Кини тыа хаһ-н сайдыытыгар уопсай бүддьүөт 13,4 %-нын бэрдэрбитэ.
15 %- ҥҥа тиийиэхтээх диирэ. Ол түмүгэр сир аайы МТС-тар тэриллэн барбыттара.2006 с. Россия тыатын хаһ-н миниистирэ А.Гордеев кэлэ сырыттаҕына кинини Өймөкөөҥҥө илдьэн, аатырар фермер Н.Т.Винокуров сылгы хаһаайыстыбатын эҥин көрдөрбүтэ. Ол түмүгэр «сылгы — таба иитиитэ сахалар уонна хотугу норуоттар үгэс буолбут дьарыктара»диэн билиннэрэн, баччааҥҥа диэри кэлэ турар сылгы-таба төбөтүгэр субсидия ситиспитэ. Тыа дьоно сөптөөх пенсияҕа тахсыа суохтар диэн судаарыстыбаттан тутулуга суох «Эрэл» диэн фонда тэрийбитэ. Онно 20 тыһ. солк. дылы уктахтарына (оччолорго ботуччу харчы этэ) биир оччону бүддьүөттэн бэриллэн, 3 сыл курдук үлэлээбитэ.
Ити дьаһаллар түмүктэригэр, чуолкай өйдүүбүн, ынах сүөһүбүт 298 тыһ.төбөттөн 302 тыһ.тиийэн элбиэх курдук буолбута. Саха боруода сүөһү эстээри гыммыт диэн, анал онон дьарыктанар «Тускул» диэн бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэ тэриллибитэ. Онтукайбыт ханна баарый?
Салгыы кэлбит салалта тыа хаһ-н үбүлээһинин бүддьүөт 5,6 %-гар диэри таҥнары түһэрбитэ. МТС-тар эстибиттэрэ. Саха сүөһүтэ туһата суох, ситэри эһиннин диэбиттии «Тускулу» тохтоппуттара. Тыа дьоно, сөптөөх пенсияҕа тахсыахтара диэн буолуо, «Эрэл»фонданы ыспыттара.
Түмүгэр ити сылларга 100-тэн тахса тыһ. төбөнөн ынах сүөһүбүт көҕүрээбитэ. Онтон билигиҥҥи салалта тылынан олохтоох аһы-үөлү дэлэтэргэ диэн куруук этэр. 2018 с. тыа хаһ-н сайыннарыы уурааҕа ылыллыбыта. Онно биир сүрүн соругунан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олохтоох үүт бородууксуйатынан хааччыйыыны 60 %-ҥа тиэрдэргэ диэн этэ.
Ол соруктары толорорго бу салалта былырыын тыа хаһ-р 14,2 млд. (бүддьүөт 4,9%-нын) көрөн, истэр тухары «балысхан» үп көрүлүннэ диэбиттэрэ.
Онтон быйыл хаһан да көрүллүбэтэх элбэх 15,8 млд.солк. көрүлүннэ диэн эмиэ киэн туттубуттуу кэпсииллэр. Ити бүддьүөт 4,27 %-на дииллэр.
Ол эрээри хаһыакка ТХМ сабаҕалааһыҥҥа, былааннааһыҥҥа, судаарыстыбаннай програмаларга департаменын салайааччыта А.Колодезникова быйыл барыта тыа хаһ-р 14,9 млд. көрүлүннэ диэбит. Ол кэннэ ити үп биирдии салааларынан төһөлүү тиксиэхтээҕин суруйбут.
Аны туран Ил Түмэн дьокутаата А.Иванов бассаабынан Ил Түмэн 500 мөл. солк. харчыны арыгы оҥорор ФАПК Якутияҕа, 500 мөл. солк туох эрэ атын сыалга биэрэргэ анаата диэн этиитэ киэҥник тарҕанна.
Чэ, билбэтим. Хайата кырдьыгын.
Биир тылынан сыллааҕы харчы инфляциятын,сыаналар муҥура суох үрдээһиннэрин ааҕыстахха,үбүлээһин төрүт эбиллибэтэ диибин.
Доҕоттор!
Миигин наар куһаҕаны, итэҕэһи ыатарар диэн баалааман. Үчүгэй, ситиһии элбэх. Олортон үөрэбин. Ол эрээри наар кыайыы, ситиһии туһунан киэҥ тутта кэпсээһин, суруйуу олустаата. Биир да салайааччы итэҕэс-быһаҕас, үлэ кыайтарбатах өрүттэрин ахтан да көрбөт буоллулар.
Онтон итэҕэһи билиммэт,туората сатаабат буоллахха сайдыыбыт харгыстанара чахчы.
Этэргэ дылы, кырдьыгы, итэҕэһи харахха этиэххэ, олоҕу баарынан көрүөххэ.
Салгыытын сотору суруйуом.
Кулун тутар 19 к.
ТӨРҮТ ДЬАРЫКПЫТ ТОҔО ЭСТЭР КУТТАЛЛАННА-3 ?
Киириитэ
Ааспыт сырыыларга Сахабыт сиригэр т/х-та, ордук төрүт дьарыкпыт
ынах сүөһү ахсаана, бородууксуйата аһара аччаабытын уонна ол төрүөттэрин туһунан суруйбутум. Ону санаттахха сопхуостар саҕана 438 тыһ.ынах сүөһүбүтүттэн 158 тыһ. ордунна. Итинтэн кэннэки 5 сылга-30 тыһ. Ити 30-тан, ааспыт сайын өҥ бөҕө буолбутун үрдүнэн, быйылгы кыстыкка киириигэ 12 (!) тыһ.төбөнөн көҕүрээбит. Олус дьиксиниилээх сыыппара! Маннык салгыы түстэхпитинэ, омуна суох, төрүт дьарыкпыт эстэр кутталга тиийэрэ ыраахтан буолбатах. Маннык таҥнары түһүү төрүөтэринэн 3 суолу ыйбытым.
1.Т/х-н үбүлээһин кырата.
2.Үбү көдьүүһэ суох туттуу.
3.Бас билии көрүҥүн сыыһа талыы
Ааспыт 2023с. т/х-н сайдыытыгар 14,4( бүддьүөт4,9 %- на) бэриллэн, сорох үрдүкү салайааччыларбыт «балысхан» үп көрүлүннэ диэн кэпсээн бөҕө буолбуттара. Быйылгы сылга Ил Түмэннэр хаһан да көрүллэ илик элбэх 15,8 млд.көрүллэр буолла диэбиттэрэ. Ол эрээри ТХМ (А.Колодезникова) суруйарынан 14,9 млд.бэрилиннэ диэбит. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Үп элбэҕэ быһаарбат. Кини атыылаһар дьоҕура суолталаах. Сыл устата харчы түһүүтүн, бары табаардар, ордук көрүүчэй сыаналара аһара ыараабыттарын ааҕыстахха үбүлээһин былырыыҥҥыттан таҥнары түспүт да буолуон сөп.
Аны үбү көдьүүһэ суох туттууга биир холобуру аҕалыым. Ону маннык дьиибэтик төбөлүүм.
Бэйэтигэр тиийинэрэ чугаһаата.
Ил Дархаммыт А.С.Николаев сырыы аайы олохтоох аһы-үөлү дэлэтиэххэ диэн сөптөөх соругу туруорар. Онно, чуолаан, нэһилиэнньэни үүт бородууксуйатынан хааччыйыыны 60 %-ҥа, этинэн 26 %-ҥа тиэрдиэххэ диэн, дуоһунаһыгар киирээт, ыйаах таһаарбыта. Бу ыйааҕы толорууга, ким эрэ сүбэтинэн, баҕар, күһэйиитинэн буолуо, ону олоххо киллэрээччи ТХМ кэтэх ыаллар ынахтарын төбөтүгэр иллэрээ сыл-35, быылырыын -37, быйылгыттан 39 тыһ. солк. биэрэргэ диэн саҥа мэхэнньиисимэ буолла. Бу мэхэнньиисим балаһыанньата 2020 с. хас да ый устата киэҥ дьүүлэһиини ааспыта, өйдөтүү үлэтэ ыытыллыбыта.
Усулуобуйата маннык этэ. Ынах төбөтүгэр 35 тыһ. ылан баран үүккүн соҕотуопсук сыанатынан туттарыаххын сөп диэн. Ол кэннэ булгуччу оҥорон таһаарыыны кэҥэтиигэ, ол эбэтэр хотон-күрүө тутуутугар, тиэхиникэ, саппас чаас атыылаһыытыгар, оттооһуҥҥа, көрүүчэй булуутугар туттуохтааххын уонна хайаатар да оччуоттуохтааххын. Ол аата бу үбү ас-үөл, таҥас-сап атыылаһарга, кирэдьиит төлөөһүҥҥэ, оҕо үөрэҕэр, онтон да атын наадаларга туттарын бобуллар диэн этэ. Ол элбэх мөккүөрдэри, өйдөммөт өрүттэри үөскэппитэ. Сатаатахха хамсык ыарыы кэмэ түбэһэн, сирэй көрсөн быһаарсыы суоҕа. Онон куйаар ситиминэн, ыраахтан олорон хас да мунньахтар буолбуттара. Олору, ол саҕанааҕы Ил Түмэн актыыбынай дьокутаата М.Н.Христофорова бэрт сэргэхтик ыытара. Мин онно 2 мунньахха кыттан ыйыталаспытым. Ол кэннэ хас да ыстатыйалары суруйан туоһуласпытым. Холобур «Ынах диэн туох сүөһүнүй?» диэн миниистир А.П.Атласовтан ыйытан суруйбутум. Онно кытарах, эбэтэр төрүү илик уулаах тыһаҕаска, тиҥэһэҕэ ынах диэн харчы ылыахха син дуо диэбитим.
Онуоха Александр Павлович кытарах, төрөөбөтөх ынахха харчы төлөнөр. Бу харчы сылга иккитэ бэриллэр. Сорҕото от ыйын 1 күнүн кэнниттэн саҥа төрөөбүт тыһы сүөһүгэ төлөнөр диэн быһаарбыта. Бу үп былырыыҥҥыттан сылга биирдэ төлөнөр буолбут дииллэр. Оччотугар төрүү илик уулаах буолуо диэн тыһы тыһаҕаскын, тиҥэһэҕин ынах диэн харчы ылыаххын сөп курдук. Арай, онтукан төрөөбөтүн?
Оччотугар албыннаабыт курдук буолаҕын? Харчытын төнүннэрэргэр тиийэҕин?
Салгыы мин бу төбө үбэ ыал бэйэтин наадатыгар туттарын бобуу сыыһа. Холобур 3 ынахтаах, хотон-күрүө туттубат, тиэхиникэ атыыласпат ыал бу 105 тыһ.солк. аҥардас оттооһуҥҥа от таһыытыгар хайдах даҕаны ороскуоттаабат. Онон албыннаан сымыйа докумуоннары хомуйарга күһэллэр диэн хаста да суруйбутум. Мөккүөр бөҕө буолбута. Онтон биирдэ Айсен Сергеевич бу харчы оччуоттаммат диирин кытта бу мөккүөр тохтообута. Билигин сорохтор оччуоту көрдүүллэр, сорохторго суох дииллэр.
Ол сайынтан кэтэх ыаллар бары кэриэтэ үүт туттаран бүппүттэрэ. Ким соҕотуопсукка 10 солк.туттарыай? Көҥдөй ночооттооҕо аҥала да киһиэхэ өйдөнөр буоллаҕа.
Арай элбэх сүөһүлээх, харчыга наадыйар, сүрэхтээх өттүлэрэ ИП буолан төбө харчытыттан аккаастаммыттара. Ол сайын үөһээҥҥи салалталарбыт Үөһээ Бүлүү Ороһутугар урбаанньыт С.Сортолова үүт сыаҕа арыйан, үүтү киилэтин 30 солк. тутар диэн «былаах»оҥостон аҕытаассыйа бөҕөтүн ыыппыттара. Ол-өнүйбэтэҕэ, дуоннаах үүт тутуллубатах, сотору тохтообут этэ.
Бу саҥа киллэрии үчүгэй өрүтүнээҕэр, омсолооҕо быдан элбэҕин туһунан элбэхтик суруйдум. Биллэн турар, бары кэтэх ыаллар, этэр курдук, «халлаантан»босхо кэлэн түһэр ботуччу харчыны сирбэт бөҕө буоллахтара дии. Онон кэтэхтэр миигин сөбүлээбэттэрэ эрэбил буолуо. Оннооҕор биир тыаттан куоракка киирбит, элбэхтик суруйар киһи «Уйбаан Пономарев бу төбө харчытын утаран букатын бэйэтигэр тиийинэрэ чугаһаата, сотору «моҥноро» буолуо диэн бассаапка суруйбута. Ону таһынан үүтү туппакка, төбөҕө харчыны биэриини үрдүкү салалта саамай муударай быһаарыыта диэн хайҕаан аххан суруйар. Манан тохтуум. Дьон уһуну мээнэ аахпат. Салгыытын муударай дьаһал төһө абыраабытын туһунан сотору ыытыам.
Биир көрдөһүү. Олохтоох аһы-үөлү элбиэн баҕалаахтар бу мөккүөргэ кыттыһаргытыгар,санааҕытын суруйаргытыгар, саатар тарҕата сатыыргытыгар көрдөһөбүн. Оччотугар эһиги бу проблеманы быһаарыыга кыттыспыт курдук буолаҕыт.
Кулун тутар 31 к.
ТӨРҮТ ДЬАРЫКПЫТ ТОҔО ЭСТЭР КУТТАЛЛАННА -4?
Муударай дьаһал ордуктаах өттүлэрэ уонна туох туһугар олохтонно?
Ааспыт сырыыга кэтэх ыаллартан үүтү туппакка, ынахтарын төбөтүгэр харчы биэрии саҥа мэхэниисимин биир биллэр киһи, т/х-р хаһан да ылылла илик муударай дьаһал диэн олус хайҕаабыт. Өссө эбэн ынах баһыгар 100-түү тыһ.солк. бириэххэ сөп этэ диэн туруорсубут этэ диэбитим. Онтон бу сырыыга ити «муударай» дьаһал үчүгэй, ордуктаах өттүлэрин ырытыым. Ону тэҥэ бу көмө харчы туох иһин бэриллэрин быһааран көрүүм.
Ол иннигэр миигин сорох дьон, бары да буолуо, наһаа уһуннук суруйар диэн сэмэлииллэр. Ону билинэбин, ылынабын. Мантан ыла кылгата сатыам. Ол оннугар ахсаана элбиэҕэ.
Иккис өттүттэн урут суруйбутун наар хатылыыр дииллэр. Ону сорҕотун ылынабын. Ол эрээри, уйулҕа үөрэҕэ этэринэн дьон аахпыттарын 97 %- нын тута, сотору кэминэн умналлар. Хаалбыт 3 %-нын уһун кэмҥэ өйдүү сылдьааччы ахсааннаҕа чахчы. Олох диэн, дьыл кэмнэрэ сылын аайы хатыланан кэлэ туралларын курдук, көлүөнэни көлүөнэ, киһини киһи солбуйан барыта хатылана турар айылгылаах. Онон урут суруйбутум, онон хайаан да олоххо киириэхтээх дии саныыр букатын сыыһа. Тугу эмэ уларыттарыаххын, саҥаны киллэттэриэххин баҕарар буоллаххына биирдэ-иккитэ буолуохтааҕар уонна-сүүстэ суруйуохха, туруорсуохха наада дии саныыбын. Ол кэннэ, хатылыыр да буоллахпына, уруккуну тылыттан-тылыгар буолбакка уларыйыылары учуоттаан саҥардан суруйабын.
Дьэ,онон…
Саҥа мэхэниисим ордуктаах өттүлэрэ.
- Бу төбө харчытын кэтэх ыаллар сирбэттэрэ эрэбил. Ким, халлаантан диэбит курдук, буор-босхо син ботуччу харчы түһэрин ким сириэҕэй? Бу үп эрдэ кэлэн оттооһуҥҥа бэлэмнэниигэ,көрүүчэй эҥин булуутугар туһалыыра чахчы.Онно сөбүлэһэбин. Арай, үнүр суруйбутум курдук, бу харчы ас-таҥас атыылаһарга, кирэдьиит төлүүргэ, атын да наадаларга туттуллара бобуллара төрүт өйдөммөт.
- Бу төбө үбүн ылан баран сорохтор окко киириэхтэн, бары кэриэтэ күһүн атырдьах ыйын бүтүүтүттэн кыстыкка киириэххэ диэри ынахтарын ньирэйдэри сыһыыга боссуос ыытан кэбиһэллэрэ баар чахчы. Оччотугар ньирэйдэрэ хотоҥҥо киириигэ бөскөйө улаатан кэлэллэрэ, ынах да туруга көнөрө кырдьыктаах суол.
- Күһүн ынахтарын ыыппыт кэмнэригэр бэйэлэригэр «уоппуска»бэринэн, балтараа ый курдук көҥүл сылдьалларын, күүлэйдииллэрин, сир астыылларын, бултуулларын-балыктыылларын ким сириэй? Ол эрээри төбөҕө харчы да ылбат кэмнэригэр күһүөрү син-биир, бары кэриэтэ, оннооҕор кыра бааһынайдар кытта ынахтарын ыабат, оҕолору ыыталаан кэбиһэллэр этэ.
Төбөҕө харчы туох иһин бэриллэрий ?
Ити үөһээ төбө харчытын буор-босхо бэриллэр үп диэбиппин үгүстэр сөбүлүү аахпатахтара чуолкай. Биһиги сылга биир күн өрөөбөккө оттоон-мастаан, сүөһү көрөн бэйэбитин уонна аймахтарбытын , оҕолорбутун аһатабыт,кыралаан атыылаан дьону хааччыйабыт. Онон бу босхо харчы буолбатах дииллэрэ эрэбил. Биирдэ санаатахха сөп курдук.
Онтон мин өйдөбүлүм атын.
Дьиҥинэн ыллахха кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү-сылгы көрөр дьон, ыаллар сорохторо бэйэлэрэ соцпакеттара төлөнөр, ый аайы хамнас ылар тэрилтэлээх, атыттара тэрилтэтэ да суох буоллаллар күн аайы ону-маны үлэлээн харчылаһар уонна үгүс өттүлэрэ сааһырбыт биэсийэлээх дьон буолаллар. Онон кинилэргэ үксүлэригэр сүөһү көрүүтэ сүрүн дохуот киллэрэр дьарык буолбатах.
Ол эрээри маны аахпыттар биири бигэтик өйдөөн.
Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр иитиллэр ынах сүөһү-50 (!), сылгы 60 (!) %-нын кэтэх ыаллар иитэллэр !
Онно кинилэргэ быйыл ынах төбөтүгэр ити 39-туу тыһ.солк., барыта 1,5 млд. көрүллүбүт. Биэлэригэр солк. да төлөммөт. 50 төбөттөн элбэх эрэ сылгылаах КП-га, кэпэрэтииптэргэ ити 5 тыһ.бэриллэр.
Оччотугар суоттаан көрүн!
Хатылыыбын. Уопсай ынахпыт-сылгыбыт аҥарын иитэргэ 1,5 млд.солк. эрэ көрүллэр. Онтон быйыл т/х-гар Ил Түмэннэрбит 15,8 млд. көрдүбүт диэбиттэрэ.
Тэҥнээн көрүҥ! Хайалара барыстааҕын. Онтон ырыынак сокуона, экэниэмикэ ирдэбилэ «аҕыйах ороскуотунан-элбэҕи» диэн буолбатах этэ дуо?
Онтон биһиэхэ буоллаҕына,ордук кэннэки салалталар, кэтэх хаһаайыстыбаны сэнээһин, туората сатааһын үлэтэ барар курдук. Холобур, аҕыйах сылтан бэттэх илиинэн ыаммыт үүт тутуллуо суохтаах, кэтэхтэр ынахтарын уопсай хотоҥҥо илдьэн туруордахтарына, кэпэрэтиипкэ киирдэхтэринэ эрэ үүттэрэ үрдүк сыанаҕа ылыллыахтаах, кинилэр хаһан баҕарар, кимтэн да тутуллубакка эһэн кэбиһиэхтэрин сөп, үүттэрэ-эттэрэ улахан наадата суох диэбит курдук үлэ барар.Ол даҕаны иһин бу 3-һүс сылын чааһынайдартан үүтү туппакка, сүөһүнү букатыннаахтык эспэтинэр эрэ диэбиттии ити төбөҕө харчы биэрбитэ буолаллар. Ити 39 тыһ.солк.диэн 1000 киилэ үүтү туттардаххына киилэтигэр 39 солк.субсидия биэрбик кэ тэҥнэһэр.Онтон быйылгыттан киилэ үүт тутуллар сыаната 80 солк. тэҥнэстэ. Тэҥнээн көрүн. Чааһынай уонна бааһынай, КП үүтэ туох уратылаахтарый? Син биир буолбатахтар дуо? Оччотугар тоҕо кэтэх ыал үүтэ 39, уопсай киэнэ 80 солк.буолуохтааҕый?
Ол иһин этэбин. Бу үүт туппакка ынах төбөтүгэр харчы биэрии кэтэхтэри сэнээн, сөһүлэрин эспэтинэр эрэ диэн, кыаммат ыаллар курдук социальнайй көмө харчыта диибин. Оччотугар бу төбө харчытын ТХМ буолбакка, социальнай харалта министиэристибэтэ биэриэн сөп этэ. Ону таһынан бу төбө харчыта үүт соҕотуопкатын аҕыйатарга анаммыт дьаһал курдук. Оннук буолбатах дуо? Ол туһунан аныгыскы сырыыларга суруйуом.
Биир көрдөһүү. Бу дьаһал төһө муударайын, сыыһатын-табатын туһунан санааҕытын суруйун уонна киэҥник тарҕатын эрэ. Тоҕо диэтэххэ бу туһунан төһөнөн элбэх киһи билэр, туруорсар даҕаны оччонон уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Ити сылдьан мин төбөҕө харчы биэриини төрүт утарбаппын. Онон утарар диэн эрдэттэн миэхэ хомноомон. Ол туһунан 7-с, 8-с түһүмэхтэрим диэки быһаарыам.
И.П.Пономарев
Ил Түмэн дьокутаата П.П.Пинигин сүбэһитэ.
Муус устар 2 к.