Улуус үрдүнэн биир ынахтан саамай элбэх үүтү туттарар сүөһү көрөөччүнэн Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо Владимир Захаров буолар. Бу күннэргэ кинилиин көрсөн кэпсэттибит, сэһэргэһиини сиһилии ааҕыҥ.

— Владимир Миронович, хаһааҥҥыттан хаһаайыстыба тэринэн үлэлиигитий? Хас сүөһүлээххитий?

— Сэттэ саастаахпыттан сүөһү көрөбүн. Ийэм өлүөҕүттэн хотон эргин сылдьабын. 1993 сыллаахтан, сопхуос эстиэҕиттэн чааһынайынан барбытым. Пиэрмэҕэ үлэлии сылдьыбытым. Сопхуоска аан бастаан үс хонукка солбудаһыкка киирбитим. Эр киһи ыанньыксыт буоларыттан кыбыстан, халлаан хараҥарбытын кэнниттэн эрэ ыан кэлэр этим. Ол саҕана кыбыстыылаах баҕайы диэн саныырым.​ Салгыы бастайааннай хаалбытым. Бэйэм да үлэбин сөбүлээбитим.

Тыа хаһаайыстыбатыгар уларыйыылар киирэн, былырыыҥҥыттан индивидуальнай предприниматель буоларга күһэллибиппит. Салайааччынан кэргэним Дария Михайловна буолбута. Уолбут ЧГФКСИ устудьуона, гиирэ көрүҥүнэн сөбүлээн дьарыктанар.

Билигин 16 ​ сүөһүнү иитэбит. Сайын сылаас күннэргэ 22 төбөҕө диэри тутааччыбыт. Күүскэ ноҕоруускаламмакка, сынньалаҥнык үлэлиибит. Үксүн бэйэм кыайабын.

— Ханнык боруоданы иитэҕит?

— Саха сирин усулуобуйаларын тулуйар симментал боруоданы иитэбит.

— Биир ынахтан ортотунан төһө үүтү ылаҕыт?

Былырыын биирдии ынахтан 2,2 туонна үүтү туттарбытым. Ол иннинэ 2500 туоннаны туттарар этим.

Төрөөбүт ынахтар билигин күҥҥэ 12-лии киилэ үүтү биэрэллэр. Мантан түөрдүн ньирэйдэригэр иһэрдэбин.​

Билигин дьон аҕыйах үүтү туттарар. Ортотунан 1500 туоннаны туттарара дьиҥэр сөп.

— Элбэх үүтү ылыыны хайдах ситиһэҕин?

— Эрэсиими күүскэ тутуһабын. Күҥҥэ иккитэ уулатабын. Дьон биирдэ уулаталлар, сороҕор төрүт да күн көтө-көтө. Маныаха сүөһү хатан хаалар, аһыыр баҕата сүтэр, кыччыыр.​ Уонна, саамай кылаабынайа, дьиэ кэргэниҥ өйөбүлэ буолар. Дьиэ кэргэнтэн олус тутулуктаах. Кинилэр өйөөбөт, көмөлөспөт буоллахтарына, сүөһү иитэн сордоммот ордук. Биһиги дьиэ иһигэр ынах туһунан олус үчүгэйдик кэпсэтэбит. Атын дьон оннук сэһэргэспэттэр эбит. Онон мин дьоллоохпун.

Сайын Мээндийэҕэ мэччийэллэр. Аҕыйах сүөһү буолааччы. Таҕыстылар да, чугастыы аһаабытынан бараллар, ыраах барбаттар. Дэриэбинэ курдук буолбатах буоллаҕа. ​ Сайылык диэн сайылык. Сайын 18-тыы киилэни биэрэллэр, өҥ сайын 20-тэн тахса киилэ буолааччы. Мэччирэҥҥэ таҕыстахтарына, үүт икки төгүл элбиир.

Ньирэйдэри төрөөттөрүн кытары икки ый устата суосканан аһатабын. Ньирэйдэрим сайын ийэлэрин кытта сылдьан мэччийэллэр, эмпэттэр, үөрэнэллэр, талбыт отторун сииллэр. Икки ый үчүгэй үүтүнэн аһатабын, онтон сыыйа күөх үүккэ көһөрөбүн.​ Сайын бөлөнөҕү иһэрдэбин.​ Онуоха ньирэй иһэ ыалдьыбат, биэдэрэттэн да аһыы үөрэнэр. Маны таһынан төрөөтүн кытта, сарсыҥҥы күнүттэн уулаппытынан барабын. Уулуур ньирэй түргэнник от сиэбитинэн барар.

Үрдүк көрдөрүү элбэх үлэттэн, сыраттан кэлэр. Кырата, үс-түөрт сыл үлэлээтэххэ, түмүгү ситиһиэххэ сөп.​ Хас биирдии сүөһү майгытын билэр буолаҕын.​

— Сүөһүлэргэр төһө оту сиэтэҕин? Эбии от атыылаһаҕын дуо?

— Отучча туоннаны. Оту харыстаабакка, күҥҥэ үстэ кыра-кыралаан аһатыахпын сөп. 16 сүөһүбүн 14 кэбиһиилээх отунан кыстыгы туоратабын. Быйыл отум аҕыйах буолан, эбии от атыыластым. Хата, наһаа үчүгэйдик тиэйэн биэрдилэр. Хаачыстыбата олус үчүгэй да буолбатар, баарыгар махтал.

Алаас кэбиһиилээх ото чиҥ буолар. Биир сүөһү, ортотунан, 2600 туоннаны сиир. Биллэн турар, кыра аҕыйаҕы, ынах элбэҕи сиир.

Билигин үгүспүт рулоннах оту сиэтэбит. Рулоннаах ыйааһынын биэрбэт. Холобур, 3 сэнтиниэр дииллэр да, оннук буолбатах, аҕыйах буолааччы. Ол иһин олус кыраны сиэппит курдук буолаллар, тиийэр тиийбэт.​

Сүөһүлэрбин аҥаардас отунан эрэ аһатабын. Эбии аһылыгы, холобур, бурдугу биэрбэппин.Атыылаһыллыбыт оту бэйэм оппун кытта көрөн булкуйан аһатабын.

Мээндийэҕэ үс оттуур алаастаахпыт. Быйаҥнаах сайын буоллаҕына, сөп буолар оппун ылабын. Биһиги халыҥ аймах буолан, бырааттарбын кытта уонтан тахса буолан оттуубут.

— Билигин төһө төрүөхтэннигит?​

— Быйыл алта ньирэй төрөөтө. Үүт ылыаххын баҕарар буоллаххына, кулун тутар бүтүүтэ төрүүр сүөһү үчүгэй буолар. Эрдэ тохсунньуга төрөөбүт сүөһүлэри эбии аһатыахха наада. Уутун-хаарын быһаарыы, уопсайынан үлэтэ элбэх. Ынах икки ыйынан кытараан, эттэнэн барар. Ол иһин эрдэ төрөөбүттэр астара тиийбэт. Оттон

билигин төрөөбүт ынах икки ыйынан күөххэ үктэнэр, үүтэ үчүгэй буолар.

— Сүөһүлэргин илиинэн ыыгын дуу, анал тиэхиньикэнэн дуу?

— Массаастаан, түөрт эмиийин эргитэ сылдьан илиибинэн ыыбын. Билигин кыра-кыралаан үстэ ыыбын. Ынах синньиир бириэмэтигэр синньэ кытаатар, бэйэтин оҥостор, бэриҥ, атыннык эттэххэ сыа үөскүүр. Ону ыйы быһа суох оҥоруохха сөп. Элбэхтик ыан сымнатаҕын. Ыаммыт ынах бэриҥэ суох буолар. Ону биһиги дьоммут кыайбаттар. Сайын бу ынах

сириҥнээх сылдьар. Оннук гымматахха, сыа үөскүүр, үүтэ аҕырымныыр. Ньалбаҥныы сылдьыар диэри ыахтаахпыт.

-Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

-Билигин дьон сүөһү

ахсаанынан харчы ылар буолан, үүт туттарбат. Симменталь боруоданы үчүгэйдик аһатыахха-сиэтиэххэ, көрүөххэ наада. Бааһынай хаһаайыстыбаҕа эдэр баҕайы оҕолор киирэн, кыахтарын таһынан элбэх сүөһүнү иитэллэр. Кинилэри аһынабын – сүөһүнү иитии тиэхиньикэтин үчүгэйдик билбэттэр. Ынах тоҕус ый ыаныллыахтаах, оччоҕо эрэ бородууксуйаны ылаҕын.

Олус ноҕоруускалаахтык үлэлииллэр. Ол иһин эстэллэр дии саныыбын. Онон эрдэттэн киэҥник толкуйдаан, көмө харчыга тиксии, грант ылыы эрэ туһунан буолбакка, ыытыллыахтаах үлэни, бэйэ кыаҕын, сири-уоту учуоттуур тоҕоостоох.

Хотон үлэтэ киһи сылайар дьарыга буолбатах. Кылаабынайа, эрэсиими тутуһуохха наада.

https://youtu.be/G8nyKUqkoAk

Марфа ПЕТРОВА

«Сана олох» хаһыат «Улус Медия» сайтыгар: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/47654

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *