Ил Дархан Айсен Николаев “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан” Ыйааҕар 2024 сылга диэри саха сүөһүтүн эстэр туруктан таһаарар инниттэн ынах ахсаанын 660-тан 1000 төбөҕө тириэрдэр соругу туруорбута. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ АПК 2021 сыллааҕы барыллааһын түмүктэригэр саха сүөһүтэ ити иннинээҕи сылтан 8,6 %-нан эбиллэн 2095-кэ, ол иһигэр ынаҕа 856-ҕа (4,9% эбиллибит) тиийбитин отчуоттаата.
Хас сүөһүлэннибит, ынахтанныбыт?
Онон, омос санаатахха, икки сыл устатыгар 144 (сылга – 72-лии) ынаҕы эбэр дэбигис кыаллыан сөпкө дылы. Чахчы оннук дуо? Мантыбыт ис-иһигэр киирдэххэ, “ноо”-лоох эбит. Саха сүөһүтүн, ол иһигэр ынаҕын, ахсаанын көрдөрөр үс аҥыы сыыппара баар: бастакыта – министиэристибэ дааннайа, ону ити үөһэ ыйдым; иккиһэ – министиэристибэ сүөһүнү иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменын иһинэн чопчу саха сүөһүтүгэр үлэлэһэр исписэлиис түмпүт сыыппарата; үсүһэ – “Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтин киэнэ.
Дьэ, эр-биир ылан, тэҥнээн көрүөҕүҥ. Министиэристибэ кэлиҥҥи сылларга статистиканы бэйэтэ түмэр, тыа хаһаайыстыбатын биир кэлим тиһигэр киирэр ЕСИАОСХ (единая система информационно-аналитического обеспечения сельского хозяйства) бырагырааманан үлэлиир буолан, ол ирдэбиллэрин тутуһар. Ити эрээри, ТХМ дьиэ кыылын-сүөлүн иитиигэ уонна племенной үлэҕэ департаменын кылаабынай исписэлииһэ, саха сүөһүтүн иитиини ситэриилээх былаастан сүрүннүүргэ боломуочуйалаах Лилия Мухоплева этэринэн, министиэристибэ статистикатыгар кини хомуйбут дааннайдарыттан сиидэлээн ылан туһаммыттар. Оттон Лилия Петровна улуустарынан нэһилиэктэри хабан, эбии ыйытык оҥорбут. Онно “саха сүөһүтүн иитэбит” дэнэр ыаллар, бытархай бааһынайдар хас сүөһүлээхтэрин, ынахтаахтарын ыйбыттар. Ол түмүгэр тэрээһиннээхтиин, кэтэхтиин 2357 саха сүөһүтэ, ол иһигэр 973 ынах, баара бэлиэтэммит.
“Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтэ 2021 сыллааҕы сыыппаралары түмпүт дааннайынан, 2314 саха сүөһүтэ баарыттан ынаҕа – 947 төбө. Илдьириттэххэ маннык: хааһына тэрилтэтин отделениеларыгар 967 саха сүөһүтэ, ол иһигэр 298 ыанар ынах кыстаан турар. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ саха сүөһүтүн төрүөҕүн тэнитэргэ анаан 7 тирэх хаһаайыстыба үлэлиир, кинилэргэ саха сүөһүтүн чиэппэрин кэриҥэ (24 бырыһыана) иитиллэр: 558 сүөһү (279 ынах). Ити иһигэр “Наахара” бааһынай хаһаайыстыбаҕа (Кузьмин Е.Н., Амма, Эмис) – 81 (25); “Байаҕантай” ТХПК-гэр (Андросов С.Н., Таатта, Баайаҕа) – 64 (51); “Сылгыһыт” кэпэрэтиипкэ (Куорунай, Кэптин) – 50 (27); “Элгээйи” бааһынай хаһаайыстыбаҕа (Львов В.В., Сунтаар) – 150 (79); “Иванов А.С” урбаанньыкка (Хаҥалас, Еланка) – 52 (30); “Чүүйэ” бааһынай хаһаайыстыбаҕа (Дмитриев А.Н., Мэҥэ Хаҥалас) – 76 (28); “Виктория” бааһынай хаһаайыстыбаҕа (Семенов В.А., Үөһээ Бүлүү, Кырыкый) – 85 (39).
Балары таһынан судаарыстыбаттан көмө ылбыт (граннаах) бааһынай хаһаайыстыбаларга, урбаанньыттарга 285 саха сүөһүтэ, ол иһигэр 101 ынах, баар эбит. Онтон ордубут 504 сүөһү (269 ынах) урбаанньыттарга, кэтэхтэргэ иитиллэн турар. Дьэ, онон департамент хааһына тэрилтэтин кытта уратылаһар сыыппаралара 43 сүөһү уонна ол иһигэр 26 ынах буолан тахсар. Бу арыттаһар ахсаан – племенной үлэнэн дьарыктанар исписэлиистэр киин улуустар нэһилиэктэригэр ыаллар кэтэхтэригэр иитэр, хантан хааннааҕын “саарбахтаабыт” сүөһүлэрэ.
“Саха сүөһүтэ” УПХТ кылаабынай зоотехнига Андрей Турантаев: “РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ирдэбилин быһыытынан, сүөһү удьуорун хаана 95 бырыһыаҥҥа диэри баар буоллаҕына, төрүт боруода сүөһүнэн ааҕыллар. Оттон биһиги буккаас хааннаахха уорбаланар сахабыт сүөһүлэригэр 99 бырыһыан баарыгар саарбахтаабаппын. Мөккүһэ, саарбахтыы сырыттахпытына, 1 тыһыынча ынахпытын өтөрүнэн булан ылыахпыт суоҕа”, – диир. Кини саныырынан, саха ынаҕын ахсаанын маҥнай 1 тыһыынчаҕа тиэрдэн эрэ баран, сүүмэрдиир, селекциялыыр үлэ ыытыллыахтаах. Андрей Андреевич департамент кылаабынай исписэлииһин Л.П. Мухоплева сыыппаратыгар сөбүлэһэр. Онон, бу олугу түмүктээн эттэххэ, Ил Дархан сорудаҕа толорулларыгар баара-суоҕа 27 ынах(!) итэҕэс.
Сис тэрилтэ сайдыыга суол солуур
Балаҕан баҕаналаах, тулааһыннаах буоллаҕына турарын курдук, саха сүөһүтүн инники сайдыыта, дьылҕата сис тэрилтэ хайдах-туох дьаһанарыттан тутулуктаах. “Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтэ 2019 сыл ахсынньытыгар тэриллиэҕиттэн икки сыл толору үлэлээн кэллэ. Тэрилтэ олоҕор, үлэтигэр сыһыары туттахха, төһө даҕаны кылгас кэм буоллар, сайдыы өттүгэр хамсааһын тахсыбыта харахха быраҕыллар. Ыраас хааннаах саха сүөһүтүн төрөтөн-ууһатан тэнитэргэ эппиэттээх оригинатор тэрилтэ икки сыллаах үлэтин-хамнаһын туһунан дириэктэр Александр Артемьев маннык билиһиннэрдэ:
— Биһиги үлэбитин саҕалыырбытыгар биир даҕаны хаһаайыстыбаҕа (биһиги “отделение” диибит) сэнэх, бүтүн хотон суоҕа. Ол иһин хара ааныттан тутууга ылсыбыппыт. Министиэристибэбитин, бырабыыталыстыбаны, Ил Түмэн дьокутааттарын кытта ыкса үлэһэн, Ил Дархаммыт өйөбүлүнэн Нам Таастааҕар 150 ынах уонна 80 ыччат сүөһү турар, Мииринэй Сүлдьүкээригэр 200, Ньурба Аканатыгар уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгэр Өргөннөөххө 100-түү сүөһүгэ хотоннор тутуллан киирдилэр. Маны сэргэ Аканаҕа икки кыбартыыралаах дьиэлээх, титиик хотонноох сайылыгы туттубут. “Акана” отделение салайааччыта А.В. Игнатьев, нэһилиэк баһылыга Е.М. Семенов кыстыыр отторун-мастарын булуммуттарын таһынан 8 биэрэстэ усталаах бүтэйи тутан сөхтөрдүлэр. Таастаахха саҥа тутуу элбиир. Сайылык дьиэтин, титиигин тутан бүтэрдибит. Күрүөтэ, уота хаалбытын саас ситэрэн, Сайылык күнүгэр үлэҕэ киллэриэхпит. Билимҥэ тирэҕирэн үлэлиирбитинэн, билим стационарыгар икки кыбартыыралаах – аҥаара лаборатория, иккиһигэр үлэһиттэр олорор дьиэлэрин уонна 30 төбө турар хотон көҥдөйүн сахалыы-махалыы маһынан туттубут, быйыл киириэхтээх. Таастаахха өссө Нам улууһун дьаһалтата (баһылык Ю.И. Слепцов) 50 субан сүөһүнү эккэ анаан төлөһүтэр былаһаакканы оҥорон биэриэхтээх. Онон быйыл атырдьах ыйыгар диэри бүтэрэн, Амматтан, Куорунайтан, Намтан эккэ барар сүөһүнү мунньан, былыр сахалар сүөһүнү сэтинньигэ диэри таһырдьа тутан уотар технологияларын сөргүтүөхпүт.
Александр Еремеевич быһааран кэпсииринэн, хотоннору тутууну эспэримиэннээн, саҥаттан саҥа тутуу ахсын 100-түү төбө турар хотон кээмэйин кыччаппыттар. Холобур, Сүлдьүкээргэ бастакынан тутуллубут 200-тээх хотон кэтитэ 12 миэтэрэ эбит буоллаҕына, былырыын туппут хотоннорун, бырайыактан туораан, 10 миэтэрэҕэ диэри кылгаппыттар. Аныгы матырыйаалынан тутуу итэҕэһэ –
ылтаһын эркин сиигирэрэ. АГАТУ инженернэй факультетыттан этии киллэрэ сылдьыбыттар эрээри, сыанатыттан саллыбыттар. Бүтэһиккэ туппут хотонноругар автопоилкалаах, сүөһү хойуутун таһаарар ТСН-а уонна ититэр систиэмэтэ суохтар, сүөһүнү бэйэтин сылааһыгар туруорарга суоттаммыттар.
Быйылгы тутуу былааныгар Үөһээ Дьааҥыга Боронук Мачах учаастагар 50 уонна Амма Болугуругар “Күллэги” отделениеҕа 100 төбөҕө хотоннор бааллар. Мачахха саҥа отделение арыллыахтаах. “Саха сүөһүтэ” УПХТ барыта 8 улууска 9 отделениелаах, олорго саха сүөһүтүн 42 бырыһыанын иитэллэр. Ааспыт сайын Өймөкөөҥҥө Биэрэк Үрдүнээҕи отделение сабыллыбыта. Ол оннугар саҥа сылга үктэнэн баран, Эбээн Бытантайга “Бытантай”-тан арааран, туспа “Кустуур” отделениетын тэрийдилэр. Санатан эттэххэ, бүддьүөттэн үбүлэнэр “Бытантай” удьуор пуондатын тэрилтэтэ кыаммакка, 2020 с. сэтинньиттэн “Саха сүөһүтэ” УПХТ-гэр холбонуллан, отделение буолбута. Эрдэ Саккырыырга, улуус киинигэр, 150 миэстэлээх аныгы мэхэньисээссийэлээх хотон тутуллубута. Кустуурга хотонноро эргэ, бырайыак оҥоһулла сылдьар, 2023-2024 сс. тутуллуохтаах.
— Быйыл саас Саккырыырга уонна Кустуурга икки сыллаах үлэбитин отчуоттуу тиийиэхпит, – диир Александр Еремеевич. – Урут саха сүөһүтүн тэрилтэтэ үүтү ыабат буоллаҕына, Кустуурга ааспыт сылга 4,5 туонна үүтү ыатылар. Астаабыттарын нэһилиэнньэ хамаҕатык атыыласта. Аны быйыл Саккырыырга тэрийэн, үрүҥ аһы атыыга таһаарыахпыт. Кустуурга саҥа титиик тутуохтаахпыт, астыыр сыах тэрилин уларытыахпыт. Саха сүөһүтүн инники кэскилин Аартыканы сайыннарыыга сыһыаран эттэхпинэ, олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтин айаҕын ииттэрин туһугар сүөһүбүтүн элбэтэн, ыалларга тарҕатар соруктаахпыт.
Үүтү Саккырыыртан, Сүлдьүкээртэн, Аканаттан ураты отделениеларга сайыны быһа ыан туттардылар. Саҕалыырбытыгар 2019 с. 5,4 туонна үүтү ыабыт буоллахпытына, 2020 с. 32 т, 2021 с. 41 т үүтү ыатыбыт.
Кыһалҕабыт диэн, хааһынаттан үбүлэнэр буоламмыт, 60 солкуобайга туттарар бырааппыт суох. Собуокка 10 эрэ солк. туттарар кыахтаахпыт. Ол аата, инникитин барыстаах тахсар инниттэн бэйэбит астаатахпытына табыллар. Ити эрээри, 9 отделениеҕа эбии 3-түү үлэһити хамнастыыр уустук. Үүппүтүн “Сахаагроплем” тэрилтэҕэ туттарабыт. Күһүөрү үүппүт сыата муҥутаан 8,3% буолбута. Саха ынаҕа үүтүн сыатынан тахсар кыахтаах. Амма отделениетын үүтүн арыылаан, куоракка тиийэ атыылаттыбыт, дьон хамаҕатык ылар.
Билигин сүөһү ахсаанын элбэтиигэ үлэлиир буоламмыт элбэх эти оҥорбоппут. Отделениеларбытыгар сыл аайы 200-300 ньирэй төрүүрүттэн аҥаардара атыырдар. Оҕустартан талан иитиигэ хаалларабыт. Хаан уруурҕаһыытын таһаарыа суохтаахпыт. Саха сүөһүтэ баар сирдэригэр оҕустары кэмигэр уларытыллыахтаах. Ити инниттэн племучуот үлэтин билим таһымыгар күүскэ ыытан эрэбит.
“Саха сүөһүтэ” УПХТ иккис түһүмэҕинэн билим өттүнэн бөҕөргөтүнүө. Салгыы бородууксуйатын таһаарарга көҥүл, о.д.а. боппуруостары быһаарыы турар. Арассыыйаҕа аҕыйах ахсааннаах хаалбыт төрүт боруодалар ассоциациялара тэриллэн эрэр. Онно чилиэнинэн киирэн, саха боруодатын кэскилигэр үлэлиэхтээх. Ааспыт сылга племкарточкалары толорон, Арассыыйа племенной үлэтин хонтуруоллуур “Селекс” бырагыраамаҕа сүөһүтүн 80 бырыһыанын киллэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна бырабыыталыстыбатын көмөлөрүнэн тэрилтэ сайдыытын бэрээдэгэр улахан кэскиллээх уларытыы киирдэ. Хотонноох ыаллар, ол иһигэр саха сүөһүлээхтэр, сааһыраннар эбэтэр атын төрүөтүнэн туора муостаахтарын сыыйа аҕыйаталлар. Баар төбөнү чөл хаалларар инниттэн “Саха сүөһүтэ”
тэрилтэҕэ субсидия көрүллэн, саха сүөһүтүн атыылаһар бырааптанна. Хааһына тэрилтэтэ сыл иһигэр сүөһүтүн ахсаанын 152, о.и. ыанар ынаҕын 25 төбөнөн элбэттэ. Үүммүт сылга саҥа хотоннор тутуллалларын уонна сүөһүнү атыылаһыы тэриллэрин аахсан, 1250 сүөһүгэ, о.и. 330 ыанньыкка тириэрдэргэ былаанныыллар эбит. Үлэ-хамнас этэҥҥэ баран истэҕинэ, аны 3-4 сылынан 1,5 тыһыынчаҕа сананалларын сэргии иһиттим.
Василий Никифоров
13.02.2022 08:06 Улус Медиа
Подробнее: https://ulus.media/article/41796