Чкаловка саха ынаҕын ахсаанын хаңаталларСоторутааҕыта биир эдэр киhи Чкаловка кэлбит саха ынахтарын үүттэрин-астарын токкоолоhон соhутта. Мин туран кыбыстан, дьэс алтанныы кыыстым — кыс устата саха сүѳhүлэрин туhунан сурукка тис да тис буолан баран, сайын салаллаатын кытта кумаахыга биир буукубаны түhэрбэтэҕим.Буруй боруостаныахтаах, ол иhин «Саха сүѳhүтэ» хааhына тэрилтэтин Аканатааҕы филиалын управляющайа А.В. Игнатьевтыын кэпсэтиини эhиги болҕомтоҕутугар таhаарарга сананным.— Андрей Владимирович, сонунуң ындыы муңунан буолуохтаах, онон аргыый наллаан сүѳhү тѳбѳтүттэн, ааспыт кыстыктан сэhэргэhии аанын аhыахха…— Күн бүгүн тѳрүт сүѳhүбүт ахсаана холбоон 134-кэ тиийдэ. Быhаас суол хаалыан иннинэ Хаңалас оройуонуттан эбии 20 ынах кэлбитэ. Уулаах ынахтарбыт этэңңэ 100 бырыhыан тѳрѳѳннѳр, ньирэйдэр номнуо бороохтуйдулар, ийэлэрин үүттэринэн үссэнэллэр, күѳх оту харахтарыгар диэри уобаллар. Саас кэлиитэ уhаан, 170-ча туонна оттоох кыстаатылар, быйылгы кыстыкка эмиэ 170 туонна оттоох киириэхтээхпит. Окко 4 киhилээхпит, илии үлэтэ суох, Хачыгы салаа да оту хаалларбакка чѳкѳппѳппүт, аны Үѳдэйгэ оттуу сылдьабыт. Үүнүү куhаҕана суох. Хайдах эрэ былааны аhардарбыт дэhэбит. 200 туоннаҕа тиэртэххэ, сүѳhүлэр тиэйэ-тэпсэ аhыахтар этэ.Оттооhуңңа сыhыаран этиэм. Рулоннаах от хаачыстыбатын сүтэрбэтигэр инникитин ферма кыбыытыгар навес оңостору толкуйдуубут, дэлэ үчүгэй буолуо этэ дуо. Сүѳhү кѳрѳѳччүлэрбит түѳртэр, салгыы үлэлииргэ күн баҕалаахтар. Билигин ньирэйдэри хаайан турабыт, ынахтар мэччийэн баран титииккэ кэлэллэр. Кѳhѳн, тэлэhийэн ыраатааччылар да, хайаан да Кырдалга суолларын туора хаампат идэлээхтэр.— Олохпут тэтимэ олус түргэн, ѳй-санаа хаамыыта биир оннук. Бары да кэриэтэ саха ынахтара Чкаловка дьиэтийдилэр, дьэ, онон мантан инэ сыалаах үүт үрүйэлии сүүрүѳҕэ, күн тааhыныы (янтарь) араҕас арыы алларыйыаҕа дэспиппит. Ѳhүргэhэ суох, үксүбүтүгэр «вынь, да положь» наада курдук. Онтубут баара үүт-арыы суох…— Ыйытык оруннаах, манна биhиги итэҕэспит эмиэ баар. Нэhилиэнньэ истиитигэр-билиитигэр саха ынахтарыттан хаhан-хайдах бородууксуйа ылыахтаахпытын чуолкайдаабатахпыт, үлэбитин саҕалыырбытыгар. Кэлбит ынахтар балай да саастаахтарын таhынан урут ыана сылдьыбатахтара, ньирэйдэрин аhаппыттар. Инньэ гынан ыырга үѳрүйэхтэрэ суох. Биhиги боруобалаан ыы сылдьыбыппыт. Маңнай утаа уустук соҕус этэ да, туох барыта үѳрүйэхтээҕинэн кинилэр да ханна барыахтарай, ыанньык ынах буолуохтара. Онон этэңңэ тѳрѳѳн-ууhаан истэхтэрин аайы эдэр ынахтарбытын ыахпыт — эhиилгитигэр, ол анараатыгар. Этэргэ дылы, маңнай ахсааңңа үлэлии сылдьабыт, онтон хаачыстыбаҕа кѳhүѳхпүт. Санаабыт күүстээх, онон саҕалаабыт дьыалабыт үчүгэй түмүктээх буолуоҕа.***Маны суруйар киhи аҕыйах тылы эбэн биэриэм дуу. Билэрбит курдук, саха сүѳhүтүн дьаныhан туран профессор Г.П. Башарин, тыа хаhаайыстыбатын наукатын доктора П.Г. Коротов, наука кандидата И.А. Аммосов, о.д.а. дириңник үѳрэтэн киэң билиигэ таhаарбыттара. Кѳстүүлэринэн бэрт дьоҕус ынахтар боростуой, кыра аhылыгынан билиңңи саха симменталь, холмогор ынахтарын үүттэриттэн аңаарын кэриңэни да биэрдэллэр, үүттэрин сыата ортотунан 5 бырыhыаннааҕынан сүүйүүлээх тахсар. Суруйалларынан, саха ынаҕын 12 кг үүтүттэн 1 кг арыы ылыллар, оттон атыттартан 20-ччэ киилэ үүттэн итиччэ арыыны таптайаҕын.Аны туран, чинчийиилэр кѳрдѳрбүттэринэн, саха ынаҕа үүт биэрэр сааhа, ыанар кэмэ эмиэ уhун, ортотунан 10 сыл эбит. Санаттахха, саха ынаҕын генофондун үѳрэтии киин научнай институттарынан салгыы үѳрэтиллэр, онон ѳссѳ да туох эрэ үчүгэйи, туhалааҕы арыйыахтаратурдаҕа. Онон онуоха-маныаха диэри тыйыс айылҕабыт усулуобуйатыгар дьирээлэhэн үйэлэри уңуордаабыт тѳрүт баайбытын харыстыахха, хаңатыахха. Россияҕа быйыл Култуурунай нэhилиэстибэ сыла биллэриллибитэ, аны биhиги тѳрүт сүѳhүбүтүн үйэлэргэ хаалбыт матырыйаалынай нэhилиэстибэнэн ааҕынарбыт сѳрү-сѳп буолуоҕа.Афанасий ИвановС сайта газеты «Огни Нюрбы»: https://ulus.media/article/69347 Навигация по записям Дегустация сурового якутского арбуза! Начинается уборка картофеля в Октемцах!