Амма улууһун Покровка нэһилиэгэр Саха сиригэр аан бастакы экспериментальнай соломо дьиэ үһүс кыстыгын туораан эрэр. Бу сонун бырайыагы нэһилиэк олохтооҕо Михаил Александров уолаттарынаан үлэҕэ киллэрбитин республика дьоно-сэргэтэ бары да олус интэриэһиргии, сонургуу истибиттэрэ, хайдах туох турарын интэриэһиргииллэр, кэтээн көрөллөр.
Михаил Петрович соломоттон дьиэтин олоххо киллэрэригэр үгүс уопуту билсэн, идэлээх дьонтон элбэҕи сүбэлэттэрэн туппута. Ол курдук, соломо дьиэ төһө баттааһыннааҕын, сылааһын анал лабораторияларга ырыттаран киллэрбит. Билигин да Михаил Петрович научнай институттары кытта ыкса үлэлэһэн, сыл аайы дьиэҕэ элбэҕи уларытар, боруобалаан көрөр. Соломо дьиэ маннык улахан тымныыларга хайдах турарын, төһө сылааһын билээри дьиэ хаһаайыныгар сырыттым. Михаил Петрович үөрэ-көтө көрсөн, экспериментальнай дьиэтин туһунан маннык кэпсиир:
-Быйыл кыһын бытарҕан тымныылар түһэннэр, чахчы да дьиэни тургутан көрөргө табыгастаах кэм буолан биэрдэ. Улахан тымныыларга дьиэ иһэ 20-23 кыраадыс буолар. Сыл аайы өрөмүөн ыытабын, үрдүн, аннын утеплителлэрин уларытабын, истиэнэлэрин, муннуктарын барытын бэрэбиэркэлиибин. Бу сыллар устата дьиэҕэ элбэх чинчийии үлэлэрэ бардылар, билигин муостатын үөрэтэ сылдьабыт. Уолаттар кэлэн анал приборунан тепловизуальнай хонтуруол оҥорон барыахтаахтар. Манна барытыгар ХИФУ техническэй института, Арктикатааҕы научнай киин, ирбэт тоҥу үөрэтэр институт учуонайдара көмөлөһөллөр. Ааспыт сылга кинилэри кытта бырайыак оҥорон инновация пуондатыгар куонкурсу ааһаммыт үбүлээһиҥҥэ тиксибиппит. Маныаха ахсынньы ыйга диэри үөрэтии, чинчийии сүрүн чааһын бүтэрдибит. Аны саас Технопарк базатыгар презентация оҥорон, бу дьиэ технологиятынан пресс-конференцияҕа кыттыахтаахпыт. Үлэбит 3 сыллаах түмүгүн кэпсиэхпит.
Онон бастакы соломо дьиэ чинчийиллэн, биһиги Сахабыт сирин тыйыс усулуобуйабытыгар бэрт табыгастааҕын көрдөрдө. Онон мантан инньэ маннык дьиэлэр элбииллэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт.
Лия Яковлева.
«Амма олоҕо» хаһыат сайтыттан: https://ulus.media/article/86591