Быйыл сайын айылҕа охсуутуттан эмсэҕэлээн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көмө үбүнэн туһаныахтаах 8 улуус иһигэр Чурапчы эмиэ киирэн сылдьар. Бу улуус дьоно сайын саҥатыгар сирдэрэ-уоттара курааннаан, аһыҥа ыһан, бастакынан тыҥааһыннаах быһыыга-майгыга бэлэмнэнии эрэсиимин биллэрбиттэрэ. Онтон кэккэ дьаһаллары ылыы түмүгэр хамнананнар, окко былааннарын 93 бырыһыаҥҥа тириэртилэр. Онон быйылгы курдук уустук сайыҥҥа аһара мөлтөҕө суох балаһыанньалаахтар.
Чурапчы улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Прокопий Старостин быһаарарынан, ити үөһэ – Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тириэрдибит былаана, ону сэргэ улуус бэйэтин иһигэр эмиэ былааннанар эбит.
Министиэристибэ киэнэ 34 тыһ. туонна от буоллаҕына, улууска 39 тыһ. туонна оту бэлэмнииргэ сорук туруоруммуттар. Ону ааспыт ыарахан кыстыкка 18 тыһ. тахса ынах сүөһүнү уонна 16 тыһ. тахса сылгыны итиччэ кээмэйдээх отунан туораппыттарынан сирдэтэн суоттаммыттар. Онон, баар сүөһүнү-сылгыны чөл кыстатарга аһылык 19 бырыһыан чычырбастаахпыт диэн ааҕынан олороллор.
Бүтэһик дааннайынан чурапчылар 31 680 туонна оттоммуттара. Ити иһигэр мобильнай биригээдэлэр 10 963 туонна былааннаахтарыттан Нам, Хаҥалас, Дьокуускай арыыларынан, Амма Нуотаратынан оттоон уонна бэйэлэрин үрэхтэрин барытын хаһан туран, 10 300 туоннатын бэлэмнээтилэр. Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө, улуус тиэрдибит былаанын Соловьев (Мырыла) 112, Хатылы 107, Болугур (Мындаҕаайы) 101 бырыһыан толордулар. Улуус хоту эҥээригэр сытар нэһилиэктэргэ курааннаан, тастан эбиннэхтэринэ эрэ сүөһүлэрин-сылгыларын кыстыгы этэҥҥэ туоратар туруктаахтар.
Прокопий Иннокентьевич этэринэн, улуус таһыттан – Ньурбаттан, Намтан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан 4 тыһ. туонна оту атыылаһан, эбиниэхтээхтэр. От сыаната, министиэристибэ эрэкэмэндээссийэлээбитин курдук, маҥнай утаа 7 тыһ. солкуобайтан саҕаланан баран, 10 тыһ. солкуобайга тиийбит. Улуус иһигэр “судаарыстыбаттан көмө ылбыт мобильнай биригээдэлэр 8,5 тыһ. солкуобайтан үрдэтиэ суохтаахтар” диэн быһаарбыттар.
Ону таһынан эмсэҕэлээбит улуустарга сүөһү-сылгы эбии аһылыгын аттаран тиксэрэргэ оператор-тэрилтэнэн анаммыт “Якутопторг” нөҥүө 1331 эбии аһылыгы (500 туонна уотурбаны, 400 туонна эбиэһи, 431 туонна бытарытыллыбыт оту) ылыахтаахтар. Сыанатын аҥаара субсидияланар.
Холобур, уотурба куула (40 киилэлээх) 1230 солкуобай сыаналаах буоллаҕына, хаһаайыстыба 618 солкуобайга атыылаһар. Эмиэ оччо ыйааһыннаах куулламмыт туораах бурдук 1114 солкуобайга турарын 519 солкуобайга атыылаһаллар. Уотурба курдук бытарытыллыбыт (гранулаламмыт) от эмиэ куулланан сылдьар, 40 киилэлээх. Ол сыаната уотурбатааҕар ыарахан: 1258 солкуобай, ону 632 солкуобайын төлүүллэр. Бытарытыллыбыт от күөҕүнэн сылдьар, ынахха уонна ырыганнаабыт сүөһүгэ сиэтэргэ бэртээхэй аһылык, биир киилэ 3 киилэ дороххой оту солбуйар үһү. “Якутопторг” субсидията суох, харчытыгар эбии сайаапка хомуйуон сөп.
Чурапчы улууһугар отунан адьас быстарбыт нэһилиэк диэн суох, уопсайынан ыллахха, улуус Саҥа дьылга диэри “сиир” оттоох олорор. Онон, тиэйии-таһыы үлэтэ саҥа сылга үктэммит кэннэ саҕаланыа. Кэпэрэтииптэр, улахан бааһынай хаһаайыстыбалар мобильнай биригээдэлэри тэринэннэр, кыстыыр отторун булуммут, өссө сорохтор атыыга чорботуммут
буоллахтарына, биирдиилээн бытархай бааһынайдар уонна, сүнньүнэн, кэтэхтэр тиийбэт отторун атыылаһалларыгар тиийэллэр. Онон, барыта төлөбүрүгэр кэлэн иҥнэрин, тыа ыаллара үбүгэр-харчытыгар ыарырҕаталларын улуус тыатын хаһаайыстыбатын биир тутаах салайааччыта бэлиэтиир.
Оттон били, Уйбаан Пономарев этэринии, үүттээх буоллун, кытарах буоллун, ынах муоһун аайы иилбит “босхо” 35 тыһыынчабыт ханнаны й, тоҕо “үлэлээбэтий”? Прокопий Старостин Ил Дархан сөптөөх дьаһалын ыал эрэ барыта табыгастаахтык туттубатын билинэр. Кырдьыга, маннык ыктарыылаах кэмҥэ туһалыахтаах өйөбүл этэ буоллаҕа. Чурапчы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салалтата нэһилиэктэринэн хас биирдии хаһаайыстыба, ыал төһө сүөһүнү-сылгыны кыстатарга былаанныылларын, төһө окко, эбии аһылыкка наадыйалларын чуолкайдыыр-чопчулуур үлэни бу нэдиэлэнэн түмүктээри олорор. Ол кэнниттэн нэһилиэктэринэн чопчу бачча эбии аһылык тиксэриллэр диэн, тиэйии-таһыы үлэтин сүрүннээн биэриэ.
Манна даҕатан суруйдахха, субсидиялаах эбии аһылыгы чурапчылар, Ил Дархан ыйыы биэрбитин курдук, тэрээһиннээх-кэтэх диэн араарбакка, ким төһө сүөһүлээҕинэн-сылгылааҕынан көрөн, тэҥҥэ үллэриэхтэрэ. Онон, өйөбүл чахчы кыһалҕалаахха тиийэригэр саарбахтааһын суох.
Василий Никифоров
«Улус Медия» сайтыгар: https://ulus.media/article/78358