Быйыл төһө да арыый ардахтаах сайын буолбутун үрдүнэн ордук Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан уонна Ньурба улуустарын ходуһаларын аһыҥа обургу буулаата. Биһиги Чурапчыбыт улууһун алаастарыгар аһыҥа эмиэ аҥардастыы сатыылаата.
Саха сиринээҕи “Россельхозкиин” бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин дааннайынан, быйыл сайын ити үөһэ этиллибит улуустарга (Чурапчыттан ураты) 2600 кэриҥэ гектардаах оттонуллар ходуһалары аһыҥаттан эмтээбиттэр. Ол эрээри, хомойуох иһин, үгүс
ходуһалар күрүөлэрэ суох буолан, тустаах тэрилтэ күүстээх эми туһанартан туттуммут. Дьиҥэр эрдэ, ити тэрилтэ салайааччыта Агнесса Данилова, бүтэйдэммэтэх да ходуһаларга эмп ыстаран баран, үс хонукка сүөһүнү, сылгыны киллэрбэт гына дьуһуурустуба олохтуохха сөп диэн этэ сылдьыбыта.
Ол курдук, аһыҥаны суох оҥорор дьааты ыспыт кэнниттэн ходуһаҕа биир нэдиэлэ устата хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх үктэниэ суохтаах. Онон быйыл от үлэтэ үмүрүтүллүбүтүн кэнниттэн ити чааһыгар кыһалҕалаах улуус буоларбыт быһыытынан бүтэйи тутар туһунан толкуйданыыһыбыт. Эһиил сайын аһыҥалар баалларын эмиэ биллэриэхтэрэ турдаҕа.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй
Саҥа олох хаһыат сайтыттан: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/65771