«Чурапчы» ТХПК былырыын 2022с. тэриллибитэ үйэ чиэппэрэ – 25 сыла туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээбитэ. Ити кэм устата,туох да омуна суох, өрөспүүбүлүкэбит биир киэн туттар, холобур оҥостор, Арассыыйаҕа тиийэ биллибит, үгүс-элбэх ас-үөл дьаарбаҥкаларын, бэстибээллэрин кыайыылаахтара, миэстэлэһээччилэрэ буолбута.
Улууспут 17 нэһилиэгэ оҥорбут үүттэрин-эттэрин барытын соҕотуопкалаан, астаан- үөллээн батарар, 86-ҕа тиийэ араас олохтоох ас-үөл көрүҥүн оҥорор, 170-ча куруук, сайынын 200-тэн тахса киһи үлэлиир, сылга 7300 туонна үүтү соҕотуопкалыыр, 1000-тан тахса ынах-сылгы сүөһүнү чугас эргин тыа сиригэр суох толору механизированнай буойунаҕа астаан-үөлээн батарар улахан тэрилтэ буолбута.
Бородууксуйатын улуус киинигэр бэйэтин анал 4 маҕаһыыннарыгар атыылыырын таһынан, ордугун Дьокуускайга бааһынай ырыынагар уонна атын улуустарынан кэрийэ сылдьан батарара.Тэрилтэни хара маҥнайгыттан 15 сыл, эрдэ эт-үүт кэмбинээтиг6эр үлэлээбитин ааҕыстахха, 19 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит, үгүс үтүө ааттаах А.Т.Ноговицын салайан үрдүк кирбиилэргэ таһаарбыта. Кини кэнниттэн кэпэрэтиипкэ уопсайа 23 сыл, ол иһиттэн 3 сыл прорабынан, 10 сыл солбуйар, кэлин 10 сыл сирэй 6салайааччынан Н.А.Аржаков үтүө суобастаахтык үлэлээн элбэҕи оҥортордо, тэрилтэ аатын-суолун түһэрбэтэ. Арай кэнники 2 сыл, киниттэн 6соччо тутуллубат төрүөтүнэн (ону быһаарыам), кэпэрэтиип үп-харчы, үлэ-хамнас өттүнэн балачча уустук турукка киирбитин малтаччы этиэхпин наада.
Николай Афанасьевич онтон куотан буолбакка, бэйэтин доруобуйатын туругунан, сааһырбытынан, кэлэр 5 сыллаах болдьоххо киирсибэккэ, баҕа өттүнэн тохтоон, бэйэтэ кэпсэтэн, пайщиктаахтар уопсай мунньахтарыгар этии киллэрэн А.Г.Егоров диэн эдэр киһини талларда. Мин бастаан, кини уурайарын утарар, салгыы үлэлээ диир этим. Оннук санаалаахтар аҕыйаҕа суохтара. Онтон кэлин санаатахпына сөп эбит.Үлэ-үлэнэн, кимҥэ барытыгар бастакы уочарат – доруобуйата. Ону тэҥэ кини сорохтор курдук «уунньата тахсыар диэри кытаахтаспакка», 23 сыл олоҕун анаабыт, сыратын биэрбит тэрилтэтин инники дьылҕатыгар ыалдьарын бэлиэтэ буолар дии санаатым. Ол эрээри, кини тэрилтэтиттэн тэйбэккэ сүбэһит, быстах-остох үлэлэргэ көмөлөһөөччү, салайааччы быһыытынан хаалбытын саамай сөптөөҕүнэн ааҕабын.
Онон кулун тутар 3 күнүттэн үлэлии киирбит Чурапчы бэйэтин олохтооҕо, юрист уонна экэнэмиис үөрэхтээх, бу иннинэ хас да сыл 11 тыһ. нэһилиэнньэлээх Чурапчы нэһилиэгин, улуус дьаһалтатын баһылыктарын солбуйааччыларынан, быыһыгар урбаан эйгэтигэр эмиэ үлэлээбит, күөгэйэр күнүгэр сылдьар, 36 саастаах гА.Егоров муоһаны тутан, бу биллэр улахан кэпэрэтииби салайбыта 4-с ыйыгар барда.
Алексей Гаврильевич бастаан нэһилиэктэри кэрийэн, кэпэрэтиип үлэтин-хамнаһын, үбүн-харчытын туругун билсэн, үөрэтэн баран ыам ыйын 5 күнүгэр олохтоох хаһыакка интервью биэрбитин ааҕан үгүс дьон соһуйдулар.
Онно кини тэрилтэ финансовай балаһыанньата ыараабытын, элбэх кирэдьииккэ сылдьарын, ордук үүттэн киирэр үп улаханнык аҕыйаабытын туһунан биллэрбит. Бу балаһыанньаттан тахсарга ночооттоох салаалартан босхолонорго, сорохторун уларытан тэрийэргэ диэн этии киллэрбит. Онно бастакытынан кэпэрэтиип үгүс сыл улууска кырата суох ороскуоттаах ат успуордун ночоотун толуйартан тохтообут.
Салгыы саҥа бэрэссэдээтэл ордук кыһыҥҥы өттүгэр үүт аҕыйаҕынан 50 %-наах субсидиялаах кэлии бороһуок үүтү оҥорууга киирэргэ, наар ыарахан сыаналаах олохтоох этинэн халбаһы оҥорор барыһы биэрбэтинэн, кэлии эти туһанарга, бэйэ этинэн премиум кылаастаах халбаһыны оҥорорго, халбаһы сыаҕын саҥардарга эппит. Маны таһынан улуус киинин үгүс ыаллара кыһынын сиир уонна сиэмэ хортопуйдарын уурдарар овощехранилищены ороскуотун саппатынан эмиэ тохтоторго диэн этии киллэрбит.
Алексей Гаврильевич бу интервьюта бассаабынан киэҥник тарҕанан үгүс киһи “ол тоҕо бороһуок үүккэ киирэбит, кэлии этинэн аһылыктанабыт, овощехранилищены тоҕо сабаллар” диэбит курдук сөбүлээбэт суруйуулара, кэпсэтиилэрэ аҕыйаҕа суох тарҕанна. Оннооҕор дьокутааттар “Ил Түмэн” хаһыаттарыгар (02.06. 2023с) биир дойдулаахпыт Роман Барашков уонна Үөһээ Бүлүү Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Семен Дмитриев “дьон тэрийбит потребительскай кэпэрэтиибэ да дииргэ табыллыбат буолбут” диэн Егоров этиилэрин утаран сыалай биир балаһаны толору суруйбуттар.
Аны онно эбэн, «Кыым» хаһыакка ТХМ чахчыларынан муус устар 26 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай элбэх хороҕор муостааҕы Мэҥэ Хаҥалас – 20932, иккис миэстэ Таатта – 16038, үһүс Сунтаар – 14266, салгыы Ньурба – 14266, Амма – 13266, Бүлүү-12235, Нам-10831…
Онтон Чурапчы? Этэргэ дылы, «сыта» да суох. Маны аахпыттар “онтон чурапчылар ханналарый, букатын мөлтөөбүттэр” диэбит курдук өйдөбүл үөскүүрэ эрэбил.
Ол иһин тугун-ханныгын билээри, ыам ыйын 22 күнүгэр гулууспут баһылыга С.А.Саргыдаев тыа хаһаайыстыбатын туһунан ыыппыт улахан мунньаҕар сылдьан, ТХУ салайааччыта А.П. Неустроева уонна кэпэрэтиип үлэтин туһунан А.Егоров иһитиннэриилэрин иһиттим, ыйыталастым, санааларбын эттим. Алексей Гаврильевиһы кытта сирэй көрсөн кэпсэттим.
Ол кэнниттэн бэйэм тэрийсибит,10-ча сыл бааһынайдаан, 5 сыл сылгы кэпэрэтиибин тэрийэн, 4 сыл кэпэрэтиип пресс-киинигэр үлэлээн, 20-чэ сыл сырабын биэрбит тэрилтэм бүгүҥҥү туругун туһунан ким да диэки буолбакка, кылгастык бэйэм санааларбын тиэрдэргэ сананным.
Чуолкай сыыппараларын билбэтим эрээри ( олор сыл түмүгүнэн тахсар буоллахтара), кэпэрэтиип финансовай балаһыанньата ыараабытын мэлдьэһэр табыллыбата буолуо. Ол сүрүн төрүөтүнэн, туох да мөккүөрэ суох, кэтэх ыаллартан үүтү туппакка, ынах төбөтүгэр 35-37 тыһ. солк. биэрии саҥа мэхэньиисимэ буолла диибин. Бу саҥа дьаһалга саамай оҕустарбыт биһиги, чурапчылар, буоллубут. Үс сыллааҕыта 7300 туонна үүтү туттарбыппыт. Онтон аҥаарын кэриҥин 976 чааһынай ыаллар туттараллара.Үүт туттарбат ыал диэн букатын ахсааннаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, кэпэрэтиип үүт таһыытын бэйэтэ тэрийэн, сарсыарда аайы анал тиэхиньикэнэн бөтүөннээх үүттэри хомуйара, киэһэлик күөх үүттэрин аҕалан биэрэрэ. Ол кэннэ үүт туттарар быдан барыстааҕын, судургутун дьон өйдүүрэ.
Онтон бу саҥа мэхэньиисим киириэҕиттэн ити тыһыынча кэриҥэ ыал биир да киилэни туттарбат буоллулар. 10 солкуобайга туох өйдөөх киһитэ туттарыаҕай? Итинтэн үүт таһыытыгар, күөх үүтүн сыанатын, үүт анаалыһыгар, доруобуйаҕын көрдөрүүгэр, онно кэлэр-барар ороскуоттаргын, хас да күҥҥүн сүтэрэргин ааҕыстахха, туттаран туһата суоҕун өйдүүр буоллахтара. Ол түмүгэр иллэрээ сыл төгүрүттэххэ, 5100 т., былырыын 4600 туоннаны эрэ соҕотуопкалаан, 2 сыл устата холбоон, урукку таһыммытыттан 4900 т. аҕыйах үүтү соҕотуопкалаатыбыт. Ити харчытыгар таһаардахха, 294 (!) мөл. солк.тэҥнэһэр. Өссө букатын аҥаарынан аччыаҕын, улуус уонна кэпэрэтиип салалталара күүстээх өйдөтөр үлэни ыытан, арыый элбэх сүөһүлээх, саҥа дьаһал ночоотун өйдүүр ыаллар бааһынай (ИП) буоланнар өссө итиччэ хомулунна. Ол түмүгэр 3 сыллааҕыта киилэ арыы сыаната 500 солкуобайтан 1000 солк. тиийдэ. Оччолорго олохтоох арыыны 10-нуу киилэлээх дьааһыгынан көҥүл «бырахсар», оҕолорго, аймахтарга көҥүл ыытар буоллахпытына, билигин киилэнэн эрэ атыыланар буолла. Төһө бэрдий?
Онтон быйыл ТХМ былырыын 4600 туонна эрэ үүтү хомуйбут тэрилтэҕэн 5465туонна(!) былааны соҥнообут. Бу икки кэнники сут дьыллар охсууларыгар уонна кырдьаҕастар ыччаттара баран хаалан, сүөһүлэрин эһиилэрин түмүгэр ааспыт 3 сылга уопсайа ынах сүөһүбүт ахсаана 3211 төбөнөн аҕыйаабытынан, ити күүһүнэн бэриллибит былаан балаччанан туолбата чуолкай. Онон билэ-билэ тиэрдиллибит үрдүк сорудах туолбакка, эһиил “чурапчылар букатын хаалбыттар” диэн саҥарылларбыт, сэнэнэрбит эрэбил.
Ол иһин кэпэрэтиип балаһыанньата ыараабытын, көрдөрүүлэрэ намтаабытын сүрүн төрүөтүнэн, бу ордугунааҕар буортута быдан элбэх саҥа мэхэньиисим буолла диэн туох да саарбахтааһына суох куруук этэрбин хатылыыбын. Манан мин кэтэхтэргэ ынах төбөтүгэр харчы биэрэр төрүт сыыһа диэбэппин. Мин уруккуттан туруорсарым биир. Кэтэх ыал ынаҕын баһыттан саатар, кырата 300 киилэ үүтү туттардаҕына, ити төбө харчытын ыллын диэн. Оччотугар үүт соҕотуопката үксүө, арыы, үрүҥ ас атыыга быдан элбиэ, сыаналара түһүө, кэтэхтэр дохуоттара биллэрдик элбиэ этэ. Ол –чуолкай. Оннук дьаһаныы тоҕо табыллыбат? Хоруйа биллэр. Ол туһунан кэлин суруйуом.
Арба, бу саҥа күүһүнэн соҥнонуллубут дьаһал содулугар биһиэхэ сорох нэһилиэктэргэ, учаастактарга үүт сыахтара сабыллан, аҕыйах да буоллар, дьон үлэтэ суох хааллылар, үлэлээччилэр хамнастара кыччаата, күөх үүт суох буолан ыалларга сибиинньэ иитиитэ быдан аҕыйаата. Ол төһө үчүгэйий?
Аны туран көрдөрүүлэрбит төһө даҕаны түспүттэрин иһин, быйыл тохсунньу ый 1 күнүнээҕи туругунан 16497 ынах сүөһүлээх өрөспүүбүлүкэҕэ Мэҥэ Хаҥалас кэнниттэн иккис, үүт соҕотуопкатыгар Сунтаар кэнниттэн эмиэ иккис көрдөрүүлээхпит. Онтон, арааһа, кэтэх ыаллар оҥорор бородууксуйаларын эптэххэ, инники да буолуохпутун сөп.
Суруйбут төрүөттэрбинэн үүт-эт соҕотуопката аҕыйаабытын да үрдүнэн, улууспутугар сылы эргиччи эт, арыы атыыта быстыбата. Ордугун атыттар, ордук “Халыма” суолугар олорор буоламмыт хоту улуустарга тиийэ атыылаһан ааһаллар.
Онтон элбэх суумалаах кирэдьииттэри ылыы хара маҥнайгыттан баар көстүү. Тоҕо диэтэххэ, күһүн буойунаҕа өлөрүллэр тыһыынчаҕа тиийэ сүөһү атыытын сыанатын тута төлөөһүн кирэдьиитэ суох кыаллыбата биллэр.
Салгыы суруйдахпына, саҥа салайааччы Алексей Егоров кыһынын үүт суох, аҕыйах кэмигэр киин үүт собуотугар чэпчэтиилээх бороһуогунан үүт оҥоруутун, халбаһыга чэпчэки сыаналаах Алтай, Бүрээт этин туһаныыны утарбаппын. Тоҕо диэтэххэ, бары да кэлии үүтүнэн, үүт сыта да суох “Молочнай дождигынан” аһылыктанан олоробут. Бырабыыталыстыба сыанатын 50%-ын уйунар кэлии бороһуогунан арыый чэпчэки сыаналаах үүтү оҥордохпутуна туох куһаҕаннаах буолуой? Хата, кэлии бородууксуйа сыанатын түһэриэхпитин сөп.
Оттон бэйэбит эппитинэн халбаһы син биир оҥоһуллар үһү. Арба ол улахан мунньахха Егоров халбаһы сыаҕын тупсаран оҥорууга үп булбутун, Бурятияттан ыстаастаах технологы аҕалан халбаһы араас суордун оҥорорго үөрэттэрбитин үөрэ, астына иһиттим. Быыһыгар, саарбах састааптаах араас сир-дойду халбаһытын атыылаһыахтааҕар, бэйэбит дьоммут оҥорбуттара санааҕа да астык, “үөхсэргэ” да ордук, үлэ миэстэтэ эбиллэр, кэпэрэтиип оборота кэҥиирэ үчүгэйтэн атыны аҕалбата чахчы дии саныыбын.
Таарыччы аҕыннахха, ол мунньахха Алексей Гаврильевич урукку салайааччыларга – А.Т. Ноговицыҥҥа, Н.А. Аржаковка махталын эппитин сөбүлүү иһиттим.
Оттон овощехранилище үлэтин, өҥө сыанатын үрдэтэн да туран, тохтообото сөп дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, гаас киирбитинэн, элбэх кыбартыыралаах таас дьиэлэр тутуллубуттарынан, дьон хортуоппуйу, оҕуруот аһын харайыыга ыарахаттары көрсөллөр.
Түмүгэр, манныгы этэбин. “Чурапчы” ТХПК, уруккуга тэҥнээтэххэ, туруга ыараабыта мөккүөрэ суох. Онон саҥа уларыйыылары киллэрэр бириэмэ ирдэбилэ буолла. Онно мээнэнэн куолулаабакка, санаабытын түмэн, кэпэрэтииппит үлэтэ тупсарын туһугар бары ылсарбыт, кылаабынайа, улууспут дьоно-сэргэтэ төрүт дьарыкпыт – сүөһү-сылгы иитиитин, онно эбэн түргэнник ситэр салаалары, оҕуруот аһын элбэтиигэ көхтөөхтүк кыттарбыт сөп этэ диэн этиинэн бу санааларбын түмүктүүбүн.
*Уйбаан ПОНОМАРЕВ. Чурапчы.
Бу улууһум «Саҥа олох» хаһыатыгар тахсыбыт ыстатыйам