Саас кэлэн, оҕуруоччуттар ыһыыларын кэмэ саҕаланан, үлэлэрин үгэнэ, түбүктээх күннэрэ саҕаланна. Нөмүгү нэһилиэгиттэн «Ньургуһун» диэн оҕуруоччуттар, сибэкки үүннэрээччилэр түмсүүлэрин салайааччы Августа Гаврильева биһиги ааҕааччыларбытыгар биэрэһи, оҕурсуну уонна помидору арассаадалаан үүннэриигэ бэйэтин тэттик сүбэлэрин үллэһиннэ.
— Мин бу күннэргэ тэпилииссэҕэ үүнэр түөрт суол биэрэһи ыһан олоробун. Ол курдук, «Калифорнийское чудо», «Подарок Молдовы», «Ласточка» уонна «Винни Пух» диэн суортар биһиги эрэгийиэммитигэр ордук үчүгэйдик үүнэллэр, эрдэ ситэллэр, угугар да туран кытарыахтарын сөп. Ону тэҥэ помидортан тэпилииссэҕэ үүнэр “Благовест», «Верлиока» суортары куруук олордобун. Бу суортар гибридтэр, урут уруккуттан Покровскайдааҕы ОПХ олордон кэлбит суортара буолаллар. Сайын ханнык баҕарар температураҕа, куйаас да, тымныы да буоллун, астарын толору биэрэллэр. Сыл аайы бу суортарбар эбии саҥа, сонун суортары олордон боруобалыыбын. Холобур, эмиэ тэпилииссэҕэ үүнэр “Звезда Сибири”, “Зульфия” диэн саҥа суортары ыһаары сылдьабын, сэбиэскэй кэминээҕи «Пионер» диэн помидор суордун тэпилииссэҕэ, таһырдьа да үүннэрэбин. Бу помидор аһа сүрдээх эттээх, минньигэс буолар. Уопсайынан, төһө уһуннук харалларын, сытыйбатын көрөбүн, сиэмэ классификациятын, хаачыстыбатын бэйэ уопутугар бэрэбиэркэлиибин. Оттон таһырдьа «Челнок», «Морковный», саҥа кэлбит «Мамонтенок», Чурапчыттан Иннокентий Федоров тарҕатар “Щедрый” диэн помидорун сиэмэтин булан оҕуруоччуттарбар тарҕаттым уонна бэйэбэр уонча угу олордон көрүөм. Мин күһүн аайы оҕуруотум аһын, сибэккилэрим сиэмэлэрин ылан хаһаанан, ону саас үүннэрэбин. Билигин сиэмэ сыаната да ыараата, онон маннык дьаһанар табыгастаах.
Үүнээйи буорун бэлэмнээһин
— Сиэмэбин талан баран, бастатан туран, маарылаҕа суулаан марганцовкалаах ууга 20-30 мүн. сытыара түһэбин. Бу грибковай ыарыылартан профилактика буолар. Онтон сиэмэбин дэлби сууйан баран салгыы ”Эпин” диэн үүнээйи улаатарын түргэтитэр суурадаһыҥҥа биир суукка, эбэтэр 12 ч. тутабын. Онтон ылан бэлэмнээбит буорбар ыһабын. Буор билигин атыыга сүрдээх элбэх: торфяной, биогумус, “Живая земля” диэн универсальнай буор о.д.а. Дьон үксэ ону туһанар. Оннук буорга, сиэмэбин олордуом иннинэ, “Фитоспорин-М” диэн препараты сылаас уунан суурайан ыһабын. Атыы буоругар баар элбэх үөн, грибковай ыарыы баар буолуон сөп, ону эмтиир. Тус бэйэм оҕурсу тэпилииссэтиттэн күһүн аайы буор ылан хаһаанабын. Ол буорбун бөх пакетыгар кутан “Байкал-М”, “Сияние1”, кэнники Саха сиригэр оҥоһуллубут “Эмбиота” диэн микробиологическай сир суурадаһыны эбэммин (дьиэҕэ, эбэтэр гарааска) сылаас сиргэ туруора түһэбин. Микробиологическай сир бактериялара үлэлээн буору тупсараллар, көпсөркөй гына оҥороллор.
Бэйэ буорун бэлэмниир биир ньымам маннык: биир өлүү кырыс буору, биир өлүү ноһуому (перегной), биир өлүү торфяной буору булкуйабын. Эбэтэр биир өлүү торфаҕа соччо ноһуому, мас көөбүлүн, онтон арыый кыра кумах эбэн ыһар буору бэлэмниэххэ сөп. Маны таһынан, бэлэм “Живая земля” буорга киилэ аҥаара кумах кутуохха уонна оҕурсу буорун эмиэ эбиэххэ сөп.
Фитолампа туһата
— Салгыы буорбун араас кашпоҕа, бурдук ас, лапса иһитигэр кутаттыыбын (иһит түгэҕин тэһэргитин унумаҥ), фитоспоринынан ыһабын уонна харандааһынан 1 см кэриҥэ суоллаан баран сиэмэлэрбин уурабын. Үрдүнэн чараас гына буорунан сабабын. Үчүгэйдик эмтэниллибит, хаачыстыбалаах сиэмэ нэдиэлэ иһинэн тахсар. Ол тахсыбытын кэннэ үүнээйилээх иһиппин салапаанынан сабан фитолампа анныгар туруорабын. Салапаан бүрүөһүн анныгар конденсат үөскүүр, ону күн аайы тэбии сылдьыахха наада, оннук гымматахха буор үрдэ түүнүгүрэр. Үүнээйилэрим дьиэҕэ турар бириэмэлэригэр фитолампанан туһанабын. Хараҥа, кыра түннүктээх дьиэлээх дьоҥҥо эбиһээт наада. Ордук хаппырыыс сибэккилэргэ — эустомаҕа, ампельнай, тайдал петунияларга күн сырдыга тиийбэт, онон олорго туһанабын, түргэнник уһаабакка үүнэллэр.
Арассаада 2-3 дьиҥнээх сэбирдэхтэрэ таҕыстаҕына пикировкалыыбын. Ол курдук, мин тетрапакеттаах үүт хаатыгар көһөрөбүн. Пикировкалыырга биэрэһи дириҥник көмпөккүн, сырдык сиргэ туруоран, буора куурдаҕын аайы уу кутабын. Арассаадалыыр кэмҥэ туох да уоҕурдуунан игин аһаппаппын, буоругар наадалаах микро-, макроэлеменнар, азот баар. Ыспыт биэрэстэрбин бастакы хаһыҥнар кэннилэриттэн, бэс ыйын 5-н кэннэ, 60 хонуктаах арассааданы парникка уонна тэпилииссэҕэ олордобун. Бу кыра сүбэбин тускутугар туһаныҥ, өлгөм үүнүүнү ылыҥ!
Ольга Гермогенова
«Хаҥалас» хаһыат сайтыттан: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/47370