Улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир урбаан Координационнай Сэбиэтин уочараттаах мунньаҕа сонун быһыылаахтак барда. Бэбиэскэҕэ сүрүн боппуруоһунан оҥорон таһаарыыга кэлбит субсидияны тыырыы турда уонна «кейтеринг» өҥөнү билиһиннэрии буолла.
Урбаанньыт Ирина Кузнецова «Аванта» кафетыгар ыытыллыбыт мунньаҕы соторутааҕыта ананан үлэлээн эрэр исписэлиистэр — «Мин биисинэһим» Киин Амма улууһугар салайааччыта Александра Николаева уонна «Бизнес инкубатор» дириэктэрэ Николай Афанасьев көҕүлээн, тэрийэн ыыттылар.
Аһаҕас кэпсэтиигэ кыттыыны ылбыт улуус баһылыга Степан Кузьмин олохтоох оҥорон таһаарыы көрүҥүн элбэтэр,ол иһигэр эһиилги Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттара Амма сувенирдарын өйдөбүнньүк гына илдьэ баралларыгар улэлэһиэххэ наадатын ыйда. Итиэннэ нолуок улууска хааларын инниттэн олохтоохтору суол оҥоруутугар, таас, мас дьиэлэри тутууга сыһыарары тобулуохха диэн санаатын үллэһиннэ. Оттон улуус баһылыгын солбуйааччы Нюргуяна Илларионова кофейня быһыылаах, дьон олорон кэпсэтэр сиргэ, сайыҥҥы өттүгэр түүннэри үлэлиир бородуукта маҕаһыыныгар дьон наадыйалларын бэлиэтээтэ.
Мунньах сүрүн бэбиэскэтин чэрчитинэн кэлбит субсидия харчытын урукку курдук элбэх урбаанньыкка бытарыппакка, чуолаан Амма бурдугун мэлийэн бэйэ килиэбин оҥорон таһаарар баҕалаах урбаанньыты өйүөххэ диэн тыл киирбитин Сэбиэт чилиэннэрэ Людмила Куприянова, Григорий Аммосов, Наталья Шишигина, Ирина Софронова, Эльвира Пестерева, Лариса Никифорова, Майя Олесова, Валентина Васильева толору өйөөтүлэр.
Бу күн билинни кэмҥэ олорон хаалбакка, үлэлиэн баҕалаах киһи дьон баҕатын таба көрөн өҥө ханнык баҕарар көрүҥүн үлэлэтиэххэ сөбүн Эльвира Пестерева холобуругар көрдүбүт. Санатар буоллахха, кини мүөттээх ыҥырыаны иитиитинэн дьарыктанан мүөтүн эрэ буолбакка, араас бородууксуйаны дьон туһанарыгар оҥнорон таһааран аҕыйах сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр урбаанньыт буолла. Амма мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэрин ассоциациятын тэрийэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан суол тэллэ. Оттон бу сырыыга саҥа дьарыгын — кейтерини билиһиннэрэн, ханнык ас хайдах, туохтан астаммытын кэпсээн сөхтөрдө. Барыта сахалыы көрүҥ астары суоратыгар тиийэ тупсаҕайдык, кыраһыабайдык сервировкалаан, ханнык да таһымнаах тэрээһиннэри хааччыйыахха сөбүн, өссө тупсардахха көһө сылдьар сахалыы рестораны ханна баҕарар үлэлэтиэххэ сөбүн итэҕэттэ. Саамай биһирэбиллээҕэ баар — барыта сахалыы астар: быартан салат, көбүөрдээх лэппиэскэ, саламаат, хаптаҕас отоно, күөх от киэргэтиилээх салааттар бэрт кэрэтик көстөллөр. Ону таһынан эмтээх оттон чэй, отонтон утах араас көрүҥнэрин оҥорон күндүлээтэ.
Итинник, улууска урбаан эйгэтин сайыннарарга саҥа сүүрээни киллэрэн үлэлиир эдэр үлэһиттэрбит инникитин саҥа саҕалааччылары өйөөн сонун быһыылаах көрсүһүүлэри, конференциялары оҥорор былааннаахтар.
Лариса НИКИФОРОВА, Координационнай Сэбиэт чилиэнэ.
Амма оло5о 09.12.23 http://амгагазета.рф/sahalyy-kejtering-urbaan-sana-keryne/