Киһи таптыыр идэтинэн үлүһүйэн туран үлэлиир, олоҕун аргыһа оҥостубут буоллаҕына дьоллоох дии саныыбын. Мин бүгүн үлэһит дьиэ кэргэн Кириллиннэр тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын. Ыал иһирэх ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ Акулина Ильинична оҕолуу уйан дууһалаах, ким да буоллун киһилии истиҥ сыһыаннаах, өрүү эдэрдии эрчимнээх, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр дьоҕурдаах. Улахан Аантан төрүттээх, , бастакы Дьөппөн нэһилиэгин мааны кийиитэ буолар.
1979 сыллаахха оҕуруотчут идэтин ылбыт кыргыттар «Октябрь 50 сыла» сопхуоска быраактыкаҕа үлэлии тахсыбыттар, онтон 11 кыыс дуогабарынан үлэлии хаалбыттара, бары нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлара. 1983 сыллаахха Акулина Дьөппөн тутаах үлэһитэ, суоппар Владиславы кытары ыал буолбуттара. Владислав Иванович Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлэн сопхуоска сантехнигынан, тырахтарыыһынан үтүө суобастаахтык үлэлээн билигин сынньалаҥҥа олорор. Сибэкки кэриэтэ мааны кыыстара Марина үрдүк үөрэхтэнэн, таптыыр идэтин баһылаан санаторнай оскуола иитэр үлэҕэ дириэктэр солбуйааччыта.
«Сопхуоспут дириэктэрэ Афанасий Павлович Константинов дьиэ туттарбытыгар босхо кирпииччэ, шифер биэрэн, уот тардарга улаханнык көмөлөспүтэ. Сүөһү ииттиҥ диэн сүөһү биэртэрэ. Оччотооҕуга эдэр испэсэлиистэргэ бэркэ көмөлөһөллөрө, өйүүллэрэ. Оҕуруот үлэтэ бу кэмҥэ күүскэ сайдыбыта. 1980 с. биригэдьиир Любовь Николаевна Николаева 40-ча киһилээх хаппыыста биригээдэтин тэрийэн үлэлэппитэ, онно үлэлээбитим. Кыһын тыраахтарга балбаах тиэйэрбит, сүөкүүрбүт. Үлэ бөҕө этэ, бары көхтөөхтүк үлэлиирбит. КАМАЗка хаппыысталарбытын тиэйэрбит, эр киһи үлэтин бииргэ үлэлиирбит. Оҕуруот үлэтин түмүктээн баран ыанньыксыттары солбуйарбыт, — диэн Акулина Ильинична ахтар. — Үлэбит көрдөрүүтүнэн комсомольскай путевканан Өлүөнэ Очуостарыгар, соҕуруу күүлэйдии сылдьыбыппыт».
Билигин үлэһит дьонум Кириллиннэр 16 сүөһүнү көрөллөр, 7 ыанар ынахтаахтар, өлгөм үүтү ыыллар, сылгы иитэллэр, сибиинньэ, куурусса туталлар. Саас, хортуоппуй, хаппыыста, сибэкки, үүнээйи арааһын олордоллор.
Владислав Иванович иллэҥ кэмигэр уһанар, тимир көлөтүн оҥостор. Дьиэ хаһаайката иистэнэрин сөбүлүүр: түүлээҕи, саха таҥаһын арааһын тигэр. Сайын устата көрөн-харайан үүннэрбит оҕуруоттарын аһыттан араас минньигэс соҕотуопкалары оҥорон аймахтарын күндүлүүллэр. Сиэннэрин үөрэхтээх, үлэһит, киһи бэрдэ гынарга дьулуһаллар, систэрин көннөрбөккө үлэлииллэр.
Эһиги эйэҕэс, ыалдьытымсах сиэргит, үлэттэн дьоллонуугут, үөрүнньэҥ майгыгыт чугас дьоҥҥутугар үтүө холобур буолар. Араас тэрээһиннэргэ кыттыыгыт, көхтөөх олоххут, эдэрдии эрчимҥит, чөл туруккут, биһигини барыбытын үөр-дэр.
Анастасия Мордовская
«Хаҥалас» хаһыат сайтыгар: https://ханаласгазета.рф/article/97138