Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир, сүөһү-ас көрөр дьоммутугар кыстык түмүктэнээтин кытта аны сааскы ыһыы күөрэйэр, сайылыкка көһүү түбүгэ саҕаланар. Улууска хаһаайыстыбалар хайдах-туох кыстыгы туораабыттарын, ыһыыга, үүккэ былаан атын да үлэ-хамнас хаамыытын туһунан Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайар Андрей Архиповтыын кэпсэттим.

— Андрей Леонидович, кыстык ааһан күөххэ үктэннибит. Күн бүгүн улууспутугар хас хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх баарый?

— Ыам ыйын 29 күнүнээҕи дааннайынан, ынах сүөһүбүт ахсаана – 12330 төбө, ол иһигэр ыанар ынаҕа — 4619. Төрүөх 65,1% тиийдэ. Онтон сылгы уопсай ахсаана — 17796 төбө, 9809 төбө биэ баар. Төрүөх – 35,6%.

Кыстыгы этэҥҥэ туораан күөххэ үктэннибит. Сүөһү аһыттан билигин 2151,6 т от, 20 т сенаж, 263 т сиилэс, 89,2 т комбикорм уонна 8,6 т зернофураж саппаастаахпыт. Кыстык кэмигэр ынах сүөһүгэ анаан нэһилиэнньэ сайаапкатынан 84 т комбикорм, сылгыга диэн 276 т эбиэһи олохтоох оҥорон таһаарааччылартан, бурдугунан дьарыктанар Евдокия Денисова хаһаайыстыбатыттан уонна «Хачыкаат» ТХПК-тан 100, 163 туоннаны ылбыппыт.

— Ыһыы үлэтэ саҕаланнаҕа?

— Оннук, ыһыы үлэтэ кэмигэр, ыам ыйын 19 күнүттэн, чуолаан, туораахтаах култуураны ыһыынан саҕаланна. Быйыл

сааскы ыһыы үлэтэ уопсайа 6482,4 гектар иэннээх бааһынаҕа былааннанар. 2207 га – бурдук ыһыллыа, 3528,4 га

сүөһү сиир култуурата, ол иһигэр 611,9 га элбэх сыллаах оту, 2816,5 га биир сыллаах култуураны, 661 га иэннээх сиргэ хортуоппуй, ол иһигэр 220,6 га улуус тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара олордуохтара уонна 86 га оҕуруот аһа олордуллуо. Хонуу-бааһына үлэтэ кэмигэр саҕаланарын курдук 234,2 туонна туораахтаах култуура, 57 туонна хортуоппуй, 283,74 туонна сүөһү сиир култууратын сиэмэтин ылан хааччыйбыппыт.

Онон бары хаһаайстыбалар болдьоҕор сиэмэлэрин толору ылбыттара.

Уоҕурдууну тиксэриигэ «Агрохолдинг Туймаада» АУо уонна “САХААГРОС” СПССК, “ПримАгро” ХЭТ тэрилтэлэри кытта үлэлэһэбит. Күн бүгүн былааннааммыттан 67,8% минеральнай уоҕурдуу кэллэ. 219 га сиргэ сэлиэһинэй, нэчимиэн — 229,5 га,

эбиэс 463,5 га ыһылынна. «Хачыкаат» ТХПК (салайааччы Роман Куприянов) 606 гектарга, Евдокия Денисова – 300 гектарга уонна «Наука» ХЭТ 40 га иэннээх сиргэ бурдугу ыстылар.

Бааһынай хаһаайыстыбалар 55 га сиргэ хортуоппуй олортулар, кэтэх ыаллар — 121, 9 га сиргэ. Ону сэргэ, моркуоп — 24,24 га, сүбүөкүлэ – 19,08 га олордулунна. Барыта ыһыы кэмигэр 45 тиэхиньикэ, 140 киһи үлэлии сылдьар. Бурдугунан, оҕуруот аһынан, хортуоппуйунан дьарыктанааччыларбытыгар өйөбүл субсидия 100% тиксэриллэн турар.

— Үрүҥ аһы оҥорон таһаарааччылар былааннара хайдаҕый?

— Биллэрин курдук, 2021 сылтан тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга, чуолаан үүтү тутуу салаатыгар, өйөбүл саҥа мэхэньиисимэ киирбитэ. Ол мэхэньиисиминэн

салгыы үлэлиибит. Кэтэх ыаллар ыанньыктарыгар 37-лии тыһ. солкуобайы ыллылар. Соҕотуопкаһыттар үүтү тута олороллор. Ол курдук, «Хаҥалас-Ас» ТХПК — 1759,2 т былааннаах, «Бөртө Ас» — 1385 т, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэргэ «Хаҥалас Агрохолдинг» — 800 т уонна «Ситим» ТХПК – 1150 т үүтү тутар былааннаахтар.

— Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Биһиги улууспутугар бу хайысханан туох үлэ тэриллэрий?

— Быйылгы сылга дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыыга биһиги өйөбүл үс көрүҥүн тэрийэбит. Бу күннэргэ нэһилиэктэргэ сайаапканан кууруссаны тиксэрэн саҕалаатыбыт, Эркээни хочотугар сытар, киин нэһилиэктэр номнуо ыллылар. Соҕуруу нэһилиэктэргэ, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэргэ тиксэрэрбит хаалла. Бу тиксэрии үлэтин барытын биир кэлим операторынан анаммыт «Хаҥалас-Ас»ТХПК толорор. Холобура, куурусса сыаната 550 солк. буоллаҕына, биһиги атыытыттан 300 солк. бэйэбит уйунабыт, кэтэх ыаллар 250 солк. атыылаһар кыахтаналлар. Атырдьах ыйыгар сүөһү сиир тууһун эмиэ маннык тиксэрэр былааннаахпыт, онно, холобура, 50 киилэлээх туус 1200 солк. буоллаҕына, нэһилиэнньэ 500 солк. ылыа. Сэтинньи-ахсынньы ыйдарга олохтоох киһибититтэн, бурдугунан дьарыктанар Евдокия Денисова хаһаайыстыбатыттан эбиэс ылан эмиэ сайаапканан нэһилиэнньэҕэ тиксэриэхпит. Бу барыта олохтоох нэһилиэнньэ бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччылларыгар, эбии дохуоттанарыгар туһуланар. Билиҥҥи судаарыстыбаннай бырагыраамалар, «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ», «Агростартап» курдук куонкурустар эмиэ тыа сиригэр дьон үлэлээх буолуутугар, бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатынан аһааһыҥҥа, дохуот киллэриитигэр тоҕоостоохтор. Быйыл улууспут бүддьүөтүттэн көрүллэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйүүр граҥҥа барыта 23 сайаапка киирбитэ, онтон 10 кыайыылаах быһаарыллыбыта, кинилэр уопсайа 25 мөл. 700 тыһ. солк. өйөбүлү ыллылар. Ол курдук, бу үп чуолаан сылгы, ынах сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, хотон туттууга, тиэхиньикэ ылыныыга, кымыс сыаҕын, үүтү переработкалыыр тэрили ылыныыга туһуланар. Саас улуустан үс бааһынай хаһаайыстыба ынаҕы, сылгыны иитиигэ уонна хортуоппуй олордууга дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы гранын ылары ситистэ. Билигин аны өрөспүүбүлүкэтээҕи «Агростартап» түмүгүн күүтэбит.

Быйылгы кыстыкка дьоммут-сэргэбит сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн сүөһүбүт-сылгыбыт ахсаана улаханнык энчирээбэтэ. Билигин сайылыкка тахсаҥҥыт, айылҕа биэрэр быйаҥын, күөх мэччирэҥи көдьүүстээхтик туһаныҥ, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ диэн хара көлөһүннэрин тоҕон үлэлиир дьоммутугар баҕа санаабын тиэрдэбин.

— Кэпсээниҥ иһин махтал!

Ольга ГЕРМОГЕНОВА

«Хаҥалас» хаһыат сайтыгар: https://ханаласгазета.рф/article/98674

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *