Бэйэлээх бэйэбит ынахпыт минньигэс уонна киһиэхэ туһалаах арыыта бу саас «күндү аска» кубулуйбута, сорох сиргэ «тымтыктанан» да булбат буолбуппут, тыа хаһаайыстыбатын салаатын тэрээһиннээх уонна кэтэх хаһаайыстыбаларын өйөөһүн саҥа көрүҥнэрин салгыы тупсарары көрдөрдө.
Сааһыары ынах арыыта бас быстар сыаналаммыт Дьокуускай куората «ырыынак» сиэринэн улуустарга чэпчэки сыанаҕа атыылана турбут ынах арыытын супту «оборон», тыа сирин маҕаһыыннарын долбуурдарын кураанахтаата. Олохтоох ынах арыытын биир киилэтин сыаната Дьокуускайга 1200 солк. тиийэ үрдээбит буоллаҕына, улуустарга 6-7 мөһөөххө атыылана турбута биллэр. Хата, ол оннугар 6 мөһөөх солкуобайдаах кэлии арыы улуустар маҕаһыыннарыгар толору анньыллан турар…
Тоҕо субсидиялаах үүттэн оҥоһуллар арыы итиччэ үрдүк сыанаҕа атыыланара туспа кэпсэтии буолар. Бүгүн улууска иллэрээ сыл, былырыын төһө үүт ыаммытын, арыы оҥоһуллубутун, быйылгы былааннары, үөскээбит балаһыанньаны быһаарарга туох этиилэр баалларын билсиэххэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Бүлүү куоратыгар «Сыа Бүлүү» астыыр-үөллүүр, соҕотуопкалыыр кээпэрэтиип маҕаһыыннарыгар нэдиэлэҕэ биирдэ эмит хайы-сах 750 солк. диэри үрдээбит сыаналаах ынах арыыта Тыымпыттан киирэн атыыланар. Бүлүүгэ кулун тутар ыйга «I Күүлэт» уонна «Тыымпы» тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэрэ астаабыт арыылара сэдэхтик да буоллар атыыламмыта.
Ынах төрүөҕэ үгэннээн муус устар ыйтан тыа сиригэр баар арыы сыахтара тигинэччи үлэлээн барыахтара диэн тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайааччылара эрэннэрэллэр.
«Сыа Бүлүү» улуустааҕы соҕотуопкалыыр, астыыр-үөллүүр кэпэрэтиип дириэктэрэ Алексей Кондратьев билиһиннэрбитинэн, тохсунньу ыйга кээпэрэтиип маҕаһыыннарыгар атыыга киирбит 7 т ынах арыыта кулун тутар ыйга бүппүт. Дьокуускай «эргиэмсиктэрэ» «Сыа Бүлүү» маҕаһыыннарыттан киилэтэ 650 солк. арыыны дьааһыгынан атыылаһан барбыттар, чугастыы да сытар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустар хаалсыбакка харбыаласпыттар.
Саас олохтоох арыы атыыттан «сүппүтэ» былырыын тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөөһүҥҥэ киирбит саҥа уларытыылары кытта ситимнээх дуо?
Баар диэххэ наада. Былырыын улуус тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара аан бастаан үүттэрин 60 солк. туттарбыттара, кэтэх сүөһүлээх ыаллар ыанар ынахтарын төбөтүгэр эмиэ аан бастаан 35 тыһ. солк. субсидияны ылбыттара, үүттэрин 20-22 солк. туттарар усулуобуйалара үөскэтилиннэ диэн этиллибитэ.
Бастакы сыл түмүктэрэ тугу көрдөрдүлэр? Сорох кэтэх хаһаайыстыбалаахтар субсидия ылалларын ордордулар, элбэх үүтү үлэлээн, тиритэн-хорутан туттара олорбут хаһаайыстыбалар сөбүлээбэтилэр. Сорох кэтэх хаһаайыстыбалар ыанар ыанахтара туһата суох өлөн, үөрэ-көтө ылбыт 35 тыһ. солк. дуогабар быһыытынан төннөрөргө күһэлиннилэр. Ол иһин, быйыл кэтэх хаһаайыстыбалар ыанар ынахтарын төбөтүгэр бэриллэр субсидия дуогабарыгар сааһырбыт ынахтарын киллэрбэтилэр.
Былырыын сайын үүт туттарыан баҕалаах биллэ аҕыйаабытын, үүтү туттарыы көрдөрүүтэ аллараа куугунаабытын бэлиэтиэххэ сөп. Ол аата кэтэх хаһаайысыбалартан үүт туттарыытыгар «усулуобуйа үөскэтиллибэтэх» дииргэ тиийиллэр.
опкалыыр тэрилтэ: «Сыа Бүлүү», «Уйгу» уонна «Мастаах-Агро» үлэлииллэр. Былырыын улуус сүрүн соҕотуопкалыыр тэрилтэтэ — «Сыа Бүлүү» кэпэрэтиип 67 т арыыны оҥорбутун, иллэрээ сыл – 100 тахса т арыыны атыыга таһаарбытын тэҥнээн көрүҥ. Кэпэрэтиип арыыны астааһыҥҥа көрдөрүүтэ биллэрдик аллараа түспүтэ көстөр.
Былырыын кэтэх хаһаайыстыбалар үүттэрин «Сыа Бүлүү» кэпэрэтиип 10 солк. туппута, ол эбэтэр улуус көмөтүн кытта кэтэхтэр 22 солк. туттарбыттара. «Уйгу» кэпэрэтиип бэйэтин суотугар үүтү тутар сыанатын 13 солк. диэри үрдэтэн, ол аата улуус көмө үбүн кытта 25 солк. туппута.
2020 сылга «Сыа Бүлүү» кэпэрэтиип үүккэ былаана 4 тыһ.тахса т буоллаҕына, 2021 сылга кэтэхтэр туораан, «Мастаах-Агро» тэриллэн, былаана биллэ аччаан — 2167 т. тэҥнэспит. Соҕотуопкаланар үүт кээмэйэ икки аҥар кэриэтэ түспүтэ көстөр.
Улуус үрдүнэн икки сыл көрдөрүүлэрин тэҥнээн көрүөҕүҥ. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Варвара Гаврильева билиһиннэрбитинэн, былырыын Бүлүү улууһугар 133 т ынах арыыта оҥоһуллубут буоллаҕына, 2020 сыллаахха 182 т арыы астаммыт эбит. Көрөргүт курдук, былырыын 49 тоннанан аҕыйах арыы оҥоһуллубут, сорох улуус кыһыны туоруур арыыта буолан эрдэҕэ…
2021 сылга 7 ТХПК, 1 ХЭУо, 54 бааһынай хаһаайыстыба 3903 т үүттэрин 60 солк, I уонна II Күүлэт, Арыылаах, Бороҕон, Тааһаҕар, Үгүлээт, Бөкчөҥөө, Дьөккөн, Лөкөчөөн, Кыргыдай, Балаҕаччы, Хаҕын нэһилиэктэрин кэтэх хаһаайыстыбалара 269 т. үүттэрин 22 солк. туттарбыттара.
Быйылгы 2022 сылга 4123 т субсидиялаах үүт соҕотуопкаланыахтаах, 7 ТХПК, 1 ХЭУо, 49 бааһынай хаһаайыстыба үүт туттарыахтаах. Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, 6 бааһынай хаһаайыстыба кэтэх хаһаайыннааһыҥҥа көстүлэр.
2022 сылга кэтэхтэр 6 мөл. солк. 606 т үүтү туттарыахтаахтар, кинилэргэ былырыыҥҥы сыл курдук улуус бүддьүөтүттэн биирдии киилэ үүккэ 12 солк. көрүллэр. Быйыл 137 т арыы астаныахтаах диэн былааҥҥа сылдьар.
Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар туттарар биирдии киилэ үүттэригэр улуус бүддьүөтүттэн былырыын да, быйыл да 12 солк. эбии көрүллүбүтэ. Улахан көмө диэххэ наада. Былырыын үбүлээһин хойутаан — күһүн оҥоһуллубут буоллаҕына, быйыл эрдэттэн түһэрэ билиннэ, ол иһин, 2022 сылга үүт туттарыан баҕалаах кэтэх хаһаайыстыбалар ахсааннара элбээтэ.
Көрөргүт курдук, быйылгы сылга кыра да буоллар хамсааһын баар. Соҕотуопкаланар үүт кээмэйэ үрдээбит, кэтэхтэр икки төгүлтэн элбэх үүтү туттарарга дуогабардаспыттар, бэйэлэрин арыынан хааччынар кыахтаммыттар, улуус үрдүнэн арыый элбэх арыы астанара былааннаммыт.
Арыы оҥоһуута төһө үүт ыанарыттан тутулуктаах. Биир киилэ ынах арыыта быһа холоон 20-чэ лиитирэ үүттэн оҥоһулларын, хаһаайыстыбалар арыы астааһынын харчыта уһуннук эргийэринэн ньочооттоох оҥорон таһаарыы дииллэрин санатыахха сөп.
Үүт туттарыытын, арыы астааһынынын элбэтэргэ бүлүүлэр туох этиилээхтэрий?
Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн саҥа көрүҥнэрэ киирэллэригэр улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы, Бөкчөҥөө нэһилиэгин баһылыгынан уһуннук үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар уопуттаах Иван Евсеев ынах сүөһү төбөтүгэр көрүллэр 35 тыһ. солк. субсидияны ылааччылар төһө эрэ кээмэйдээх үүтү туттаран баран харчыларын биирдэ ылыахтарын сөбүн эппитэ. Оччоҕуна кэтэх хаһаайыстыбалаах биирдии ынаҕыттан 200-300 киилэ үүтү туттаран эрэ баран 35 тыһ солк. субсидиятын ылар буолан тахсар.
Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Павел Иннокентьев, кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи ыанар ынаҕар 35 тыһ. солк. субсидия ыларын эбэтэр үүтүн 60 солк. туттарарын бэйэтэ талыахтаах диэн этиилээх. Ким эрэ сайыны быһа ынахтарын ыан үүт туттарара, ким эрэ ынаҕын ньирэйин кытары мэччирэҥҥэ ыытан кэбиһэрэ баар дьыала.
Бастакы этии үбү ирдээбэт буоллаҕына, иккис этии үбүлээһини ирдиир. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 62 тыһ. т үүтү соҕотуопкалыырга 3,1 млрд. солк. көрүллүбүтүн санатыахха сөп.
Аҕыйах хонуктааҕыта Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатыгар үбү биэрии уонна тыырыы бэрээдэгэр уларытыы киллэрдэ. Сүрүн уларытыынан – 60 солк. үүтү туттарар хаһаайыстыбалар кэккэлэригэр бэтэрэбиитэл кэпэрэтииптэрин киллэрии буолбут. «Кумааҕыга» баайдаах-дуоллаах кэпэрэтииптэргэ «иккис тыын» киллэрэ сатааһын быһыытынан сыаналыахха сөп дуо? Урут кэтэхтэр сүөһүлэрин арендаҕа ылан көрүү бэтэрэбиитэл кэпэрэтиптэригэр кыаллыбатаҕа.
Ол иһин, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ынахтарын итинник кэпэрэтииптэргэ букатынныы биэрдэхтэринэ эрэ, үүт харчытыттан аахсан ылар кыахтаналлар. Сааһырбыт, көрөллөрүн ыарырҕатар дьон ынахтарын бэтэрэбиитэл кэпэрэтииптэригэр биэрэллэригэр, сүөһү төбөтүн ахсаанын аҕыйаппат буолууга туһуламмыт дьаһал быһыытынан көрүөххэ сөп.
Биир өттүттэн, тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүн саҥа көрүҥнэрэ киирбиттэрэ эмиэ үчүгэйдээх. Тыа сирин дьоно үүт туттараары «Рама» маргарин сииллэрин оннугар сайынын бэйэлэрин ынахтарын үүттэрин астанан дьоннорун, аймахтарын үрүҥ аһынан күндүлүүллэрэ, аһаталлара-сиэтэллэрэ бэрт буоллаҕа!
Көрөргүт курдук, икки өрүттээх боппуруоһу, «көмүс» ортотугар тайаныы ирдэнэр. Үүтү ыаһын элбээтэҕинэ, «үрүҥ илгэ» үрүлүйдэҕинэ эрэ бэйэбит ынахпыт минньигэс амтаннаах арыыта баар буолуоҕун олох эмиэ бэйэтэ көрдөрөр. Дьэ, итиннэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатын салалтата сөптөөх быһаарыыны ылыа, толкуйун тобулуо диэн эрэниэххэ.
Николай Куприянов
Газета «Олох суола» на сайте «Улус Медия»: https://xn--80avakbauqq.xn--p1ai/article/49719